11.07.2019 | 09:49

ХАРА АЧЫКЫНЫ СӨПКӨ ТАЛЫАХХА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хара ачыкы саас уонна сайын киэргэл быһыытынан кэтиллэрин таһынан, бастатан туран, хараҕы харыстыыр буолуохтаах. Күн ультрафиолетыттан харахпытын, сирэйбит тириитин харыстыырбыт курдук, хаххалыахтаахпыт.

Голливуд сулустара хара ачыкыларын хаһан да араарбаттар. Папараццилартан уонна фанаттартан саһа сатаан эрэ буолбакка, харах тулатын тириитин мырчыстыбатын туһугар наар кэтэ сылдьаллар.

Оттон быраастар хараҕы тириибитинээҕэр ордук харыстыахтаахпыт диэн суруйаллар.

  1. Пластик куһаҕан буолбатах.

Билигин үгүс ачыкыны пластиковай линзалыыллар. Ыйааһына чэпчэки буолан, кэтэргэ табыгастаах. Күн UVA уонна UVB сардаҥаларыттан харыстыыр фильтрдары пластикка түһэрэр, өстүөкүлэҕэ түһэрэрдээҕэр судургу буолар.

Күн буортулаах сардаҥаларыттан өстүөкүлэ уһулуччу үчүгэйдик харыстыыр дииллэрэ – сымыйа. Маныаха эмиэ хас да хос фильтр түһүөхтээх.

2. Бастаан пааспарын ирдэһиҥ.

Үчүгэй хаачыстыбалаах ачыкыны ылар туһугар хайаан да пааспарын (сертификатын) үөрэтиҥ. Манна булгуччу суруллар: ачыкы төһө уһуннаах ультрафиолет долгунуттан харыстыыра (400 нм диэнтэн кырата суох буолуохтаах).

Күнтэн хаххалыыр ачыкы харыстыыр күүһэ  5 көрүҥнээх:

“0” – сырдык таастаах ачыкы, 80-100 бырыһыан күн сырдыгын аһараллар. Былыттаах күҥҥэ кэтэргэ табыгастаах.

“1” – кыра хараҥардыылаах ачыкы. Ордук саас уонна күһүн кэтэргэ тоҕоостоох.

“2” – орто хараҥа таастаах ачыкы. Соҕуруу сылаас дойдуларга туһата суох. Ордук хоту сиргэ мөлтөх күннээх кэмҥэ барсар.

 “3” – салгын ачыкытын саамай тарҕаммыт көрүҥэ. Пляжка кэтэргэ саамай табыгастаах.

“4” – күн сырдыгын 8-10 бырыһыанын эрэ аһарар хараҥа ачыкы. Үөһээ хайаларга, күн ордук чаҕылхайдык тыгар сиригэр, экватортан чугас муора таһыгар кэтиллэр. Маны таһынан бу ачыкы “поляризованнай линзалаах” буолар, ол аата күн сырдыга хаартан, ууттан тэйиитин сабардыыр.

 Ачыкы төһө табыгастааҕын бэрэбиэркэлиир саамай боростуой ньыма – кэтэн көрүү. Хараҥа таастаах ачыкыны кэтэ сылдьан күнтэн саатан хараххытын быс симэргэ күһэллэр буоллаххытына – ачыкыгыт хараҥардыыта мөлтөх. Ачыкы тааһын араас өҥө күнтэн хаххалыыр оруолу толорбот.

3. Харчыгытын харыһыйымаҥ.

Салгын ачыкытын таларгытыгар эһиги бастакы уочарат киэргэли буолбакка, күнтэн харыстыыр наадалаах малы атыылаһаргытын өйдүөхтээххит. Ол иһин ачыкы хаачыстыбата, тааһын хараҥардыыта, быһыыта-таһаата – барыта оруолу оонньуохтаах. Мөлтөх хаачыстыбалаах ачыкы харах көрөрүн мөлтөтүөн сөп.

Харах быраастара этэллэринэн, уулуссаҕа чэпчэки сыанаҕа атыыланар ачыкы биир да ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт. Куһаҕан ачыкыны кэтэр кэриэтэ олох да ачыкыта суох сылдьыбыт ордук. Тоҕо диэтэххэ, хараҥардыллыбыт линза нөҥүө көрөөрү, харах харата кэҥээн, улаатан биэрэр. Оттон ол ачыкыбытыгар туох да фильтр түһэриллибэтэх буоллаҕына, күн буортулаах сардаҥата харахпытын көрбүтүнэн “сиир”.

Салгын ачыкытын анал оптика маҕаһыыннарыттан ылар тоҕоостоох. Классическай моһуоннааҕы ыарахан сыанаҕа да атыылаһан баран хас эмэ сыл туһаныахха сөп.

4. Өҥүгэр болҕомтоҕутун ууруҥ.

Харахха саамай барсар өҥнөр – сиэрэй, бороҥ, сиэрэйдиҥи күөх. Оттон билигин муодунай буолбут оруосабай, халлаан күөх, ап-араҕас ачыкылары кэтэри быраастар утараллар – харах түргэнник сылайар. Маны тэҥэ бу өҥнөр харах сетчаткатын күүрдэллэр, “оптическай стресс” диэҥҥэ тиэрдэллэр.

Сырдык күөхтүҥү өҥнөөх ачыкы линзата хараҕы уоскутар, хаан баттааһынан намтатыан сөп. Офтальмологтар суруйалларынан, чугаһы эрэ үчүгэйдик көрөр дьоҥҥо сырдык бороҥ, ырааҕы үчүгэйдик көрөөччүлэргэ – сиэрэйдиҥи, от күөхтүҥү таастаах ачыкылар барсаллар.

5. Ачыкы улахана ордук.

Ачыкы тааһа төһө улахан да, соччонон туһалаах. Хараҕы кытта харах тулатынааҕы тириитин күнтэн харыстыахтаах. Хара ачыкыны сылаас дойдуларга, муорага хайаан да кэтиллиэхтээх. Онуоха тааһа улахан кээмэйдээх уонна үрдүк хаачыстыбалаах буолара тоҕоостоох.

Бикипиэдьийэттэн

Харах — көрөр орган, тулалыыр эйгэ көстүүлэрин иҥэринэр, күн сырдыгын ньиэрбэ импульса оҥорон уларытар. Харах мөкүнүгүттэн, харах ньиэрбэтиттэн кини бүрүөлэриттэн көрөр орган турар. Харах мөкүнүгэ шар быһыылаах, инники уонна кэнники полюстаах. Инники полюһугар харах дьэнкир бүрүөтэ (роговица) баар, кэнники полюһугар харах ньиэрбэтэ мэйиигэ тахсар сирэ баар. Радужка — сосудистай бүрүө ордук инники чааһа, дьэҥкир роговицаннан курдарыта көстөр. Зрачок эбэтэр харах иччитэ, кини уот сырдыгын киллэрэ дьөлөҕөс буолар. Харах иччитин кэннигэр хрусталик баар, икки өттүттэн бөлтөҕөр быһыылаах, бу кини тулалыыр эйгэ көстүүлэрин таҥнары эргитэн харах мөкүнүгүнэн аһардан ньиэрбэҕэ тиэрдэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...