23.10.2021 | 13:30

Хапытаалынай өрөмүөн тула

Хапытаалынай өрөмүөн тула
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Төһө да дьиэ сарайа тэһиннэр, хаар-самыыр курдары сүүрдэр, лифт курдук ордук кыаммат уонна кырдьаҕас дьоҥҥо наадалаах тэрил сүгүн үлэлээбэт буоллар, дьиэ тас оҥоһуута, кырааската суураллан, өлбөөдүйэн хаалбыт буоллар, хапытаалынай өрөмүөнү болдьоҕун иннигэр оҥорботтор.

 

Куорат Дууматын сис хамыыһыйатын  бэрэссэдээтэлэ этии  киллэрдэ

Дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн курдук нэһилиэнньэни долгутар кыһалҕаны алтынньы 13 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын Андрей Лебедев бэрэссэдээтэллээх куорат хаһаайыстыбатыгар уонна экологияҕа сис хамыыһыйатын мунньаҕар дьүүллэстилэр.

СӨ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин хапытаалынай өрөмүөнүгэр Пуондатын генеральнай дириэктэрэ Владимир Ионин иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка хапытаалынай өрөмүөн регионнааҕы бырагырааматыгар 1457 элбэх кыбартыыралаах дьиэ кыттар. Ол иһигэр 290 мас дьиэ баар.

2019-2021 сылларга 403 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 1 591 араас үлэ көрүҥэр 6 млрд 273 мөл. солкуобайга ыытыллара былааннаммыт.

"2021 сылга Пуонда Дьокуускай куоракка 73 элбэх кыбартыыралаах дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүгэр 556 мөл. 581 тыһ. солк. суумалаах дуогабардары түһэрсибит. Билиҥҥи туругунан 17 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 70 мөл. 675 тыһ. солк. уопсай суумалаах үлэ түмүктэнэн туттарыллыбыт. Быйылгы сылга Дьокуускай куоракка саба быраҕан 54 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 370 мөл. 96 тыһ. солк. уопсай суумалаах үлэ бүтүөхтээх", – диэн чуолкайдаата Владимир  Ионин.

Владимир Ионин бэлиэтээбитинэн, Пуондаҕа хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүгэр нэһилиэнньэ иэстээх. Кэнники ыйдарга 78% эрэ төлөбүр хомуллубут. Чуолаан ити үптэн ыытыллар үлэ кэриҥэ уонна сөптөөх кэмигэр түмүктэнэрэ тутулуктаах. Пуонда генеральнай дириэктэрэ этэринэн, сыл иһигэр хапытаалынай өрөмүөн иһин 800 мөл. солк. кэриҥэ киириэхтээх, ити сууматтан 620 мөл. солк. хомуллар эбит.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин алтынньы 8 күнүгэр 2022 сыл тохсунньу 1-гы күнүттэн хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрэ 25% үрдүүрүн туһунан уураахха илии баттаан турар.

Сис хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Андрей Лебедев бэлиэтээбитинэн, киин куоракка суһал өрөмүөҥҥэ наадыйар хас даҕаны дьиэ баар эрээри, билиҥҥи сокуонунан, уочараттарын сыҕарытар, түргэтэтэр кыах суох эбит.

Онон Андрей Лебедев куорат дьаһалтатыгар хапытаалынай өрөмүөн уочаратын дьиэлэр билиҥҥи туруктарыттан көрөн сыҕарытан биэрэр туһунан этиини киллэрдэ. Итиниэхэ дьиэлэр техническэй туруктара хас 2-3 сыл ахсын бэрэбиэркэлэниэхтээх уонна суолталааҕа быһаарыллыахтаах. Ити быһаарыыны ылыныыны хамыыһыйа чилиэннэрэ биир киһи курдук өйөөбүттэр.

Быһаарыы олоххо киирдэҕинэ, дьиэ сарайыттан курдары уу сүүрэр буоллаҕына, лифт алдьаннаҕына, дьиэ акылаатын бөҕөргөтөргө хапытаалынай өрөмүөнү кэмигэр оҥорор кыах баар буолуоҕа.

Туох өйөбүл баарый?

Саха сиригэр олох-дьаһах хомунаалынай өҥөлөрүн иһин төлөбүргэ судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрэ көрүллэр; ол иһигэр хапытаалынай өрөмүөҥҥэ.

Олох-дьаһах хомунаалынай өҥөлөрүн иһин төлөбүр гражданнар уопсай дохуоттарыттан 15%-тан ордук буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэтээҕи субсидия Агентствотын нөҥүө субсидиянан туһаныахтарын сөп. 

Итини сэргэ 70 уонна онтон үөһээ саастаах соҕотох олорор үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүн 50% уонна 100%   компенсациятынан туһанар бырааптаахтар. 2020 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүттэн босхоломмуттара.

Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ субсидиянан уонна компенсациянан туһанарга судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр эбэтэр МФЦ нөҥүө (эрдэттэн суруйтаран баран) оҥотторуохха сөп. Туһааннаах информацияны тэрилтэ сайтыгар эбэтэр территориальнай сулууспа элбэх ханааллаах нүөмэригэр сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри эрийэн ыйытыахха сөп.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллыаҕа

Дьокуускайга 50 сыл анараа өттүгэр тутуллубут Ленин пр. 11№-дээх  элбэх кыбартыыралаах дьиэтин истиэнэтин бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллыаҕа уонна сэтинньи ыйыгар диэри түмүктэниэҕэ. Өрөмүөн Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын саппаас пуондатыттан үбүлэнэр. Бу туһунан куорат баһылыгын территориялары сайыннарыыга бастакы солбуйааччыта Алексей Корнилов иһитиннэрбит.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэ истиэнэтин бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ киин куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын уонна баһылыгын Евгений Григорьев ураты хонтуруолугар сылдьар.

«Дьиэ деформацияламмыта бэлиэтэммит күнүттэн ураты хонтуруолга сылдьар. Бүгүҥҥү күҥҥэ истиэнэтэ сууллар кутталлаах, ол иһин билигин сүрүн сорукпут – истиэнэни бөҕөргөтүү үлэтин ыытыы», – диэн бэлиэтээтэ  Алексей Корнилов. «ЯкутПНИИС» АУо оҥорбут бырайыага бу күннэргэ бэлэм буолар.

«Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ дириэктэрэ Мария Павлова иһитиннэрбитинэн, дьиэҕэ 189 киһи регистрациялаах. Ити тэрилтэ үлэһиттэрэ салайар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин кытта кыбартыыралары кэрийэн көрбүттэр, олохтоохторго кылгас болдьоххо тахсалларын курдук сэрэтиини туттарбыттар, барытын быһаарбыттар. Өрөмүөн кэмигэр ханна да барар сирдэрэ суох дьону маневреннай пуондаҕа олордорго бэлэмнэр. Бэлиэтээн эттэххэ, РФ Олох-Дьаһах кодексатыгар олоҕуран, ыксаллаах быһыы-майгы усулуобуйатыгар олохтоохторго өрөмүөн үлэтэ бүтүөр диэри маневреннай пуондаҕа олорор быраап баар.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев 1990 сылга диэри тутуллубут таас дьиэлэри барыларын бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаабыт.

 

Хаачыстыбата суох оҥордохторуна хайдах гынабыт?

Маннык түбэлтэҕэ ким баҕарар түбэһиэн сөп. Хапытаалынай өрөмүөн түмүгэр алдьаныы-кээһэнии тахсыбыт эбэтэр эһиги санааҕытыгар намыһах хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут буоллаҕына, кыһалҕаны быһаартарарга икки суол баар: бастакытынан, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ бэдэрээтчиттэр хапытаалынай өрөмүөнү хаачыстыбаннайа суохтук оҥордохторуна хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар этиллиэхтээх; иккиһинэн, туох да миэрэ ылыллыбатаҕына, Саха сирин судаарыстыбаннай тутуутун уонна олох-дьаһах хонтуруолун Управлениетыгар этэргэ сүбэлииллэр. Бу туһунан биэдэмистибэ салайааччыта Павел Аргунов иһитиннэрбитэ.

«Хапытаалынай өрөмүөнү хаачыстыбата суох оҥорбут түбэлтэлэригэр, бастакы уочарат хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар этиллиэхтээх. Кинилэр туох да миэрэни ылбат буоллахтарына, «Госстройжилнадзор» Управлениетыгар эттэххитинэ, биһиги бэрэбиэркэни ыытыахпыт уонна сөптөөх миэрэлэри ылыахпыт.  Итэҕэстэри буллахпытына, ону туораталларын курдук ыйабыт. Толорботохторуна, ыстараап көрүллэр», – диэтэ Павел Аргунов.

Хапытаалынай өрөмүөн кэмигэр саахал тахсар түбэлтэтигэр, хоромньуну хапытаалынай өрөмүөн пуондата уйунар. Итиннэ хоромньу сууматын билэр наадалаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...