26.12.2022 | 19:00 | Просмотров: 810

Хапытаалынай өрөмүөн тарыыба үрдүүр

СӨ Олох-дьаһах хомуунаалынай хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 2022 сыл сэтинньи 28 күнүнээҕи 626-ОД №-дээх «СӨ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун алын кээмэйин бигэргэтии туһунан», бирикээһигэр олоҕуран, 2023 тохсунньу 1 күнүттэн тарыып кээмэйэ үрдүүр.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Хапытаалынай өрөмүөн пуондата иһитиннэрбитинэн, тарыып ортотунан 5% үрдүүр.

Гражданнар олорор элбэх кыбартыыралаах дьиэлэригэр:

Мас дьиэлэргэ – кв.м. ыйга 7,46 солкуобай;

Таас дьиэлэргэ (лифт суох буоллаҕына) – кв.м. ыйга 10,50 солкуобай;

Лифтаах таас дьиэлэргэ – кв.м. ыйга 13,95 солкуобай.

Гражданнар олороллоругар анамматах дьиэлэр:

Мас дьиэлэргэ – кв.м. ыйга 20,48 солкуобай;

Таас дьиэлэргэ (лифт суох буоллаҕына) – кв.м. ыйга 21,00 солкуобай;

Лифтаах таас дьиэлэргэ – кв.м. ыйга 23,65 солкуобай.

Саха сиригэр ОДьКХ төлөбүрүгэр судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрэ үлэлииллэр, ол иһигэр хапытаалынай өрөмүөҥҥэ. 70-тан үөһэ саастаах соҕотох олорор биэнсийэлээхтэр хапытаалынай өрөмүөн кээмэйиттэн 50% уонна 100% компенсацияны төннөрүөхтэрин сөп.

2020 сылтан Саха сиригэр олорор Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүттэн босхоломмуттара.

Сонуннар

10.05.2026 | 09:30
Киэн туттабын

Ордук ааҕаллар

Умнууга хаалбыт сэбиэскэй кэм оонньуулара
Сонуннар | 05.05.2026 | 19:30
Умнууга хаалбыт сэбиэскэй кэм оонньуулара
Ханнык да гаджеттааҕар мэйии үлэтин сайыннараллар. Аныгы оҕолорго туһалаах буолуохтарын сөп.
Хорсун буойуннарбыт албан ааттарын үйэтитии – биһиги ытык иэспит
Сонуннар | 06.05.2026 | 08:00
Хорсун буойуннарбыт албан ааттарын үйэтитии – биһиги ытык иэспит
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр дьоруойдуу охтубут биһиги буойуннарбыт көмүс уҥуохтара оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус киин уобаластарын итиэннэ өрөспүүбүкэлэрин сирдэригэр, Илиҥҥи уонна Арҕаа Европа дойдуларыгар көмүллэ сыталлар. Үгүстэр сэрии уоттаах будулҕаныгар сураҕа суох сүппүттэрэ.
Эйэ, дьол ырыаһыта
Сонуннар | 06.05.2026 | 13:00
Эйэ, дьол ырыаһыта
«Эйэ, дьол иhин» ырыа ааптара буойун, мелодист, самодеятельнай композитор Георгий Никифоров ыам ыйын 5 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын  туолла. Бу күҥҥэ аналлаах улахан тэрээһин дойдутугар – Үөһээ Бүлүү Намыгар ыытылынна.
Саллаат медальона
Сонуннар | 05.05.2026 | 15:00
Саллаат медальона
Ржев-Вязьма туһаайыытынааҕы кыргыһыыга элбэх саха саллаата суорума  суолламмыта, элбэх киһи сураҕа суох сүппүтэ. Олортон биирдэстэрэ Иннокентий Матвеевич Готовцев Ржев куораты  көмүскээһиҥҥэ  хорсуннук  охтубута чуолкайданан, илдьэ сылдьыбыт медальона 78 сыл буолан баран дойдутун  булбута.