04.05.2024 | 11:56

Ханнык уулуссаларга «дьаама өрөмүөнэ» ыытылларый?

Ханнык уулуссаларга «дьаама өрөмүөнэ» ыытылларый?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 15 күнүгэр диэри куорат 8 уокуругар барытыгар (куорат таһынааҕы нэһилиэктэр киирбэттэр) уулусса-суол ситимигэр «дьаама өрөмүөнэ» дэнэр абырахтааһын үлэтэ ыытылла турар – Автодорожнай, Гагаринскай, Губинскай, Октябрьскай, Промышленнай, Сайсары, Строительнай, Киин.
Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, абырахтааһын итии симиэһи кутуу ньыматынан оҥоһуллар.
Олохтоох дьаһалта Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департаменын Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов иһитиннэрбитинэн, Оонньууларга диэри уопсайа 20 тыһ. кв/м иэннээх суолу абырахтыыр сорук турар. «Маннык хабааннаах үлэни урукку сылларга сезон устата былаанныыр буоллахпытына, быйыл, «Азия оҕолоругар» бэлэмнэнии чэрчитинэн, балтараа ый иһигэр түмүктүөхтээхпит»,– диэн турар Василий Амбросов. 

Ханнык уулуссаларга «дьаама өрөмүөнэ» ыытылларый?

– Орджоникидзе;
– Ойуунускай;
– Ярославскай;
– Бестужев-Марлинскай;
– Каландрашвили;
– Курашов;
– Петровскай;
– Быковскай;
– Гагарин;
– Халтурин;
– Дежнев;
– Боотуруускай;
– Можайскай («Стерх»);
– Павлик Морозов;
– Стадухин;
– Ново-карьернай;
– Ксенофонт Уткин;
– Горькай;
– Михаил Николаев;
– Богатырев;
– Хабаров;
– Богдан Чижик;
– Строителлэр;
– Кальвица;
– Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса;
– Жорницкай;
– Сэмэн Данилов;
– Билибин;
– Октябрьскай;
– Короленко;
– Тургенев;
– Кулаковскай;
– Белинскэй;
– Лермонтов;
– Өктөөп 50 сыла;
– Дзержинскэй;
– Циолковскай;
– Можайскай;
– Севастопольскай;
– Киров;
– Аммосов;
– Ломоносов;
– Федор Попов;
– Петр Алексеев.

Маны сэргэ былааҥҥа «Cосновый бор» лааҕырга, 3№-дээх, 2№-дээх Оҕо спордун оскуолаларыгар киирэр суоллар, «Модун» СК иннинээҕи массыына туруорар сир, 6№-дээх Оҕо спордун оскуолатыгар киирэр суол уонна массыына туруорар балаһаакка, Эргэ Прокровскай трага, Бүлүүлүүр, Покровскайдыыр суоллар, Сэргэлээх, Хатыҥ Үрэх шосселара, Хомсомуол болуоссатын уонна Лермонтов уулуссатын икки ардыларынааҕы кэрчик, Новообъездной шоссе киирэн тураллар.
Өрөмүөннэнэр уулуссалар испииһэктэрин баһылык Евгений Григорьев бэйэтин телеграм-ханаалыгар https://t.me/EvgenyGrigorev/1668 таһаарбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...