Ханнык тымныыга оҕолор үөрэммэттэрий?
Дьокуускай куорат дьаһалтатын Үөрэххэ управлениета тымныы күннэргэ оскуола оҕолоро үөрэммэт бэрээдэктэрин быһаарар:
* Тыала суох, -45°С тымныы буоллаҕына, 1-5 кылаас оҕолоро үөрэммэттэр. 1 м/с тыаллаах буоллаҕына -44°С оскуолаҕа барбаттар.
2 м/с тыаллаах буоллаҕына -43°С тымныыга 1-5 кылаастарга актированнай күннэр биллэриллэллэр. 3-5 м/с тыалга — -42°С тымныыга үөрэммэттэр.
* 1-8 кылаастар тыала суохха -48°С тымныыга үөрэммэттэр. 1 м/с түргэннээх тыалга -47°С тымныыга дьиэлэригэр хаалаллар. 2 м/с тыалга -46°С тымныыга актированнай күн биллэриллэр, 3-5 м/с түргэннээх тыалга — -45°С тымныыга үөрэммэттэр.
* -50°С тымныыга оскуола оҕото барыта үөрэммэт. 1 м/с түргэннээх тыаллаах -49°С тымныыга оскуолалар үлэлээбэттэр. 2 м/с тыалга – -48°С тымныыга, 3-5 м/с — -47°С.
Күндү төрөппүттэр! Күн-дьыл туругун туһунан информацияны өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа ханаалларыттан истэҕит, Якутск.рф Дьокуускай дьаһалтатын официальнай сайтыттан билэҕит.