21.07.2022 | 16:00

Ханна уонна хайдах сөтүөлүөххэ сөбүй?

Дьэ, өҥүрүк куйаас күннэр тураллар. Онон дьон үксэ киин куоракка уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ сөтүөлүүр сирдэри сураһар.
Ханна уонна хайдах сөтүөлүөххэ сөбүй?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Куорат сөтүөлүүр пляһа – 202-с оройуоҥҥа

Биллэрин курдук, Дьокуускай куорат үрдүнэн биир эрэ официальнай пляж баар – 202-с микрооройуоҥҥа. Пляж официальнайдык от ыйын саҥатыгар эрэ арыллыбыта. «Куорат баанньыктара” МУТ көрөр-истэр. Сарсыардаттан киэһээ 21.00 чааска диэри үлэлиир. Быыһааччылар дьуһуурустубалыыллар, бэрээдэги кэтиир харабыллар бааллар. 

Маны таһынан Дьокуускай куорат тулатыгар хас да  улахан “дьиикэй пляж” баар: 202-ис микрооройуон боротуоката, Күөх хонууга сааскы халаантан баһыллан хаалар уу, Сэргэлээх күөлэ, Пригороднай сэлиэнньэтин боротуоката (Петуховка), Мархаҕа баар Соленка күөл, Үрүҥ Күөл, Тулагы Киллэм, Хатыҥ Үрэх, Жатай боротуокалара, Хомустаах күөлэ, Атласовтар күөллэрэ, Хатас даамбата о.д. а. 

Куйаас күннэргэ манна барытыгар сөтүө диэн күүстээҕэ буолар. Маннык «дьиикэй пляжтар» куттал суох буолуутун уонна санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэргэ эппиэттээбэттэрэ сорох дьону тохтоппот. Холобур, ирдэбилгэ эппиэттээбэт сөтүө сиригэр сылдьан ууну ыйыһыннахха, ис инфекциятын эбэтэр энтеровируснай инфекцияны хабыахха сөп. Маннык инфекциялар араастара наһаа элбэх буолан, киһи аайы араастык киирэр. Сөтүө уутуттан гепатит А-ны, паразиттары кытта хабыахха сөп. 

Көҥүлэ суох сиргэ сөтүөлээһин иһин ким да ыстарааптыыр кыаҕа суох – барыта бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр.

Маны сэргэ куорат дьоно оҕолорун фонтаннарга сөтүөлэтэллэрэ «үгэскэ» кубулуйда. Фонтан – куораты тупсарар култуурунай тутуу. Салгыны сиигирдэргэ, турар сирин көстүүтүн кэрэтитэргэ аналлаах. Фонтан – сөтүөлүүр сир буолбатах! Аны туран, фонтан уута элбэхтик саҥардыллыбат, ыраастаммат буолан, кирдээх. Онон киһи доруобуйатыгар муҥутуур кутталлаах! Тымныйыахха, ис сүһүрүүтүн, тыынар уорганнар ыарыыларын, конъюктивит, энтеровируснай, ротавируснай инфекция курдук ыарыылары, А гепатиты кытта хабыахха сөп. Маны таһынан фонтан киһи сөтүөлүүрүгэр анамматах тутуу буолан, түгэҕэ халтархай, онон охтон эчэйиини дэбигэстик ылыахха сөп. Фонтан үксэ электричествоҕа холбонор – ол эмиэ сэрэхтээх. 

Онон, фонтан куйаастан быыһанар сөтүөлүүр сир буолбатаҕын өйдүөххэ наада!

Ууга сэрэхтээх буолуҥ

Сайыҥҥы өҥүрүк куйаас күннэргэ сөтүөлүүртэн ордук туох кэлиэй?! Ол эрэн, этэргэ дылы, таҥара сэрэҕи таптыыр. 

Статистика көрдөрөрүнэн, дойду үрдүнэн сыл аайы 10 тыһыынчаттан тахса киһи ууга былдьанар. Сөтүөлүүр сатаан харбаабат дьоҥҥо эрэ сэрэхтээх буолбатах. Ханнык баҕарар киһи, ордук билбэт сиригэр, сэрэнэн сылдьыахтаах. 

Биллэн турар, олох үчүгэйдик харбыыр киһи бэйэтигэр эрэллээхтик сылдьар. Ыксал тирээтэҕинэ, тимирэн эрэр да киһини быыһыан сөп. 

Ууга былдьаныы сүрүн төрүөттэринэн манныктары ааттыыллар:

1. Сатаан харбаабат буолуу;

2. Итирдэр утахтары иһии;

3. Оҕолору көрүүтэ-истиитэ суох хаалларыы;

4. Ууга сэрэҕэ суох сылдьыы.

 

Статистика этэринэн, ууга үксүгэр 16 саастарын ситэ илик оҕолор былдьаналлар эбит. Онон сөтүөлүү бардахха оҕолору хонтуруоллуур, бэйэлэрин эрэ ыыппат ордук. Ууга мэниктээһин, сэрэҕэ суох үөскэ киирии хомолтолоох түбэлтэҕэ тиэрдиэн сөп.

 

*Сөтүөлүү сылдьан сэрэтэр бэлиэлэр анараа өттүлэригэр харбыыр көҥүллэммэт; 

*Катердар, гидроцикллар, мотуордаах тыылар диэки сөтүөлээмэҥ, эргийэ турар тэрилгэ (винталарга) киирэн биэриэххитин сөп.  

*Билбэт уугутугар үөһэттэн ыстанан кииримэҥ. 

*Ыраах харбаамаҥ, төннөргүтүгэр күүскүт тиийиэ суоҕун сөп. Сылайдаххытына, көхсүгүтүгэр сытан сынньана түһүҥ. 

*Уу эргииригэр түбэстэххитинэ, салгынна эҕирийэн баран, ууга киирэн ылаат, күүскэ туора харбыы сатааҥ.

*Сүүрүк илдьэ бардаҕына аа-дьуо биэрэк диэки устуҥ. 

*Үрүллүбүт матарааска устумаҥ, тыал эбэтэр сүүрүк ыраах илдьэн, матарааскыт тэстиэн сөп. 

*Элбэх оҕону илдьэ сылдьар буоллаххытына, бастаан ууга хайдах сылдьыллыахтааҕын өйдөтүҥ. Сатаан харбаабат оҕолору курданалларыгар эрэ диэри ууга киллэриҥ.

*Сөтүөлүүргэ саамай табыгастаах кэм – сарсыарда эбэтэр киэһэ. Уу сылааһа 17-19° кыраадыстан намыһах буолуо суохтаах. Эмискэ наһаа өр сөтүөлээбэккэ, кыра-кыралаан уһатан, 15-20 мүнүүтэҕэ тиэрдэр үчүгэй диэн сүбэлииллэр. 

*Арыгылаан баран сөтүөлээбэт буолуҥ! Испит киһи сэрэҕин сүтэрэр, хамсаныыта мөлтүүр, тулалыыр эйгэтигэр сатаан салайыммат. Куйаас салгын, «итийбит» эт-хаан уонна тымныы уу температуралара араастаһан, ууга киирэн баран иҥиир тардыан сөп.

* Уу көлөтүн сүүрдээччилэр, балыксыттар быыһыыр сэлиэччиктэри ыларгатын умнумаҥ! Оҥочоҕо баар хас биирдии киһиэхэ быыһыыр сэлиэччик тиксиэхтээх.

 

Суһал сулууспа биир кэлим нүөмэрэ:

112

Быыһыыр сулууспа дьуһуурунайа:  

(4112) 45-90-19

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...