21.01.2022 | 15:00

Хамсаныы уонна харбааһын туһата

Хамсаныы уонна харбааһын туһата
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Сахабыт сирэ күннэтэ үүнэ-сайда, чэчирии турарыттан киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр. От-мас тоһутталанар тохсунньу томороон тымныытыгар ыбылы тоҥон турар күөллэргэ, үрэхтэргэ умсар дьон бааллар, үгүстэр сиэдэрэй оҥоһуулардаах спорткомплекстарга баар бассейннарга сөтүөлүүллэр. Онтон киһи соһуйбат, буолуохтааҕын курдук ылынар. Билигин олорор кэммит оннук дьиктилэрдээх! Дьоннор бүгэн, быар куустан таах олорботтор.

Пандемия биллэриллиэн аҕай иннинэ Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр турар “Чолбон” бассейҥҥа тохсунньу ый 15 күнүгэр “Мастерс” категорияҕа ыччаттар, улахан дьон уонна саастаах дьон оротолоругар харбааһыҥҥа Дьокуускай куорат чемпионата бэрт сэргэхтик ыытылынна. Көҥүл ньыманан 50 миэтэрэ ыраахха харбааһыҥҥа саамай эдэр 24-34 саастаахтарга Андрей Васильев, итинтэн салгыы үөһэ саастаахтарга Артем Ариносов, Руслан Крылов, Василий Оконешников, Юрий Седалищев, Петр Мухин, Андрей Дронов, Валерий Лыткин, Дмитрий Колодезников кыайыылары ситистилэр. Дьахталларга Нина Калачева, Вера Заровняева, Валентина Кривошапкина, Оксана Готовцева, Нина Попова, Федора Мохначевская бастаатылар. Бары чөл олохтоох, физкультураны уонна спорду кытта доҕордоспут, сэргэх дьон.

 

Харбааччылар ортолоругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка бэтэрээнэ, ИДьМ полковник званиелаах пенсионера, кадеттар оскуолаларын салайа сылдьыбыт Дмитрий Афанасьевич Колодезников баар. Үбүлүөйдээх 75 сааһын былырыын сайын бэлиэтээбитэ. Туруга чэгиэн, тэтиэнэх. Хамсанарын-имсэнэрин сөбүлүүр, чөл олоҕу тутуһар. Ситиһиилээхтик күрэхтэһэн, көҥүл ньыманан уонна көхсүнэн харбааһыҥҥа бастакы уонна иккис мистэлэри ылаттаан, грамоталарынан наҕараадаланан сыалын-соругун ситтэ. Москваҕа биир ый сынньанан кэлбит.

 

Быйыл өссө харбаабыта 50 сыла буолан, икки үбүлүөйдэрдээх дьыла. Үйэ аҥаара кэм анараа өттүгэр Новосибирскайга математика институтугар устудьуоннуур сылларыгар харбааһынынан дьарыктаныытын саҕалаабыт. Доҕотторун кытта катокка хатааһылыырын сөбүлээбитэ. ДОСААФ кулуубугар парашютунан ыстаныынан эрчиллибитэ. Хайыһарга иккис разрядтаах. Сарсыарда аайы көтүппэккэ сэрээккэлиир. Икки киилэлээх гантелларынан былчыҥнарын хачайдыыр, ол бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр. Бүгүн ити бассейҥҥа сырытта, сарсын “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаска катокка хаҥкылыы барыахтаах. Ыал тапталлаах аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин барыларын батыһыннара сылдьан катокка сырытыннартаан улаатыннартаата. Киһи “координацияны сайыннарар уонна уулуссаҕа халтарыйан оҕуннахха, хомуллан охтоҕун” диэн туһалааҕын бэлиэтиир. Уонча сыллааҕыта “Туймаада” стадиоҥҥа кыһын оҕолорун уонна сиэннэрин кытта ГТО нуормаларын “кыһыл көмүскэ” туттаран турар. Онон билсэбит. Билигин түөрт көлүөнэ Колодезниковтар ол үгэстэрин салгыыллар.

 

“Чэгиэн-чэбик сылдьыы, уһун үйэлээх буолуу хааммытыгар баар”,- диэн быһаарар. Ийэлээх-аҕаларын Томпо Мэҥэ Алданыгар 60 сылга бииргэ олорбут бриллианнаах сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэр.

 

Хамсаныы-имсэнии туһатын туһунан этэрэ-кэпсиирэ элбэх. Саастаах киһи хамсаммакка уһуннук олордоҕуна, илиилэрэ-атахтара көһүйэр. Ыарыыр, сытар мээрик буолар. Устунан ыалдьан барыан сөп. Ол иһин хамсанар, хаамар хайаан да наада диэн сүбэлиир. 

 

Ааспыт сайын атырдьах ыйыгар Байкал күөл тымныы уутугар харбааһыҥҥа күрэхтэһэн, кыһыл көмүс уонна боруонса мэтээллэрдээх кэлбитэ. Балаҕан ыйыгар Амурскай уобаласка тиийэн эмиэ тымныы ууга экстремальнай эстафета күрэхтэһиитигэр кыттыбыта.

Итинник бэйэтин үбүнэн баран кэлитэлиир. Бу кэлэр сайын эмиэ ыҥырыылардаах. Барарга бэлэмнэнэр.

 

Төрөөбүт-үөскээбит Мэҥэ Алданын Алдан өрүһүн кэрэ көстүүлээх кытылыгар, ыраас дьэҥкир уулаах Маралын күөлүгэр сыллата харбааһыҥҥа күрэхтэһии тэрийэн ыытар. Оҕолоруттан аҕам саастаах дьонугар тиийэ 50 миэтэрэҕэ харбыыллар. Сүрүн судьуйа Дмитрий Афанасьевич бэйэтэ. Спонсордар күүстэринэн кыайыылаахтарга өйдөбүнньүк мэтээллэр, Кубоктар, дипломнар, сыаналаах бириистэр туттарыллаллар. Итинник, өйүүр дьоно, атастара-доҕоттора элбэхтэр. Харбааһын туһатын “тыҥаны тупсарыыга, эти-сиини буһарыыга-хатарыыга, эрчимнээх буолууга, сылааны таһаарыыга, ньиэрбэ күүрбүтүн устууга” көрөр.

Бэйэ туругун көрүнэ сылдьыы, эти-хааны эрчийии, хамнаныы хайаан да хас биирдии киһи күннээҕи быраабылабытынан буолуохтаах. Дмитрий Афанасьевич күннээҕи нуормата 10 км сири хаамыы. Төһө кыалларынан сатыы сылдьа сатыыр. Нэдиэлэҕэ үстэ бассейҥҥа, үстэ катокка сылдьар.

 

Ыччаттары чөл олоххо ыҥырар үтүө холобур батыһааччылардаах буоллун!

СПОРТ СОНУННАРА

Белоруссия Өрөспүүбүлүкэтин көҥүл тустууга чемпионатыгар үс саха бөҕөһө бэт тустуулары көрдөрдүлэр. Үһүөн мэтээллэргэ тигистилэр. 65 кг Ньургун Скрябин бэйэтиттэн лаппа үрдүк уҥуохтаах-иҥиэхтээх утарсааччыларын барыларын илиилээх-атахтаах оҥортообокко, ыраас техническэйинэн кыайталаата. Ол иһигэр, финалга Владислав Койко диэн бөҕөһү 13:3 хотто. 61 кг Арыйаан Тютрин биир ыйааһын үөһэ тахсан туһунна. Андрей Бекренев үөһэ-аллара ыйааһыннарга халбарыйбакка бэйэтин ыйааһыныгар туһунна. Инньэ гынан, барыллааһын хапсыһыыларга иккиэн утарсааччыларын эр-биир итэҕэтиилээхтик хотуталааннар,  бу 61 кг иккиэн финалга утарыта тахсыбыттарыгар тэҥ хапсыһыыга кыайыыны 5:3 ахсаанынан Андрей Бекренев ситистэ. Саха тустууга оскуолатын иитиллээччилэрэ Белоруссия хамаандатыгар бигэтик сылдьалларын көрдөрдүлэр. Бөҕөстөрбүтүн Европа чемпионата күүтэр.

“Триумф” спорткомплекс стадион-манеһыгар чэпчэки атлетикаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыһыҥҥы чемпионатыгар атах оонньуутун маастардара күннээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх тренерэ Б.Н. Ильин иитиллээччитэ, Майатааҕы оҕо спортоскуолатын тренерэ Игорь Скрябин уһуну ойууга 7 м 35 см түһэн өрөспүүбүлүкэ рекордун тупсарда. “Якутскэнергоҕа” инженердиир, Уус Алдан улууһун хамаандатыттан кыттыбыт Валентин Иванов 60 м сиргэ сүүрүүгэ 6 сөк. 70 суотайынан кэлэн, тэҥнээҕин булбата. Маастарга кандидат нуорматын көрдөрдө.

Маҥнайгы күн 1500 м сиргэ сүүрүүгэ эр дьоҥҥо Роман Алексеев (Амма), дьахталларга Елена Мутовина (Нам); 400 м Айаал Филиппов (Амма), Диана Адасько (Дьокуускай); 60 м Валентин Иванов (Уус Алдан), Ольга Белова (Ленскэй); уһуну ойууга Валерия Олесова (Хаҥалас) кыайыылары ситистилэр.

Иккис күн 200 м сүүрүүгэ Валентин Иванов (Уус Алдан – Ленскэй), Диана Адасько (Дьокуускай); 800 м Айтал Ощепков (Дьокуускай), Марианна Макарова (Чурапчы); 3000 м Дьулустаан Елисеев (Ньурба), Елена Мутовина (Нам); үстэ төхтөрүйэн ойууга Игорь Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас), Анна Лыткина (Мэҥэ Хаҥалас); дьаадыраны анньыыга Гаврил Тимофеев (Дьокуускай); спортивнай хаамыыга Ньургун Иванов (Сунтаар), Күндэлиинэ Ксенофонтова (Сунтаар) бастакы миэтэлэри ылаттаатылар.

Өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар киллэриллибит быһыйдар тохсунньу ый бүтүүтүгэр Хабаровскай буолар Дальнай Восток чемпионатыгар кыттыахтара. Өрөспүүбүлүкэ чэпчэки атлетикаҕа сүүмэрдиир күрэхтэһиилэрэ бэс ыйыгар былааннаналлар. Онно кыайыылары ситиспиттэри от ыйыгар Бороҕоҥҥо Саха сирин норуоттарын сайыҥҥы спортивнай оонньуулара күүтэллэр. Эрчиллии-бэлэмнэнии саҕаланна!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...