28.09.2020 | 13:26

Хамсааһын салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

1985 сыллаахха Саха АССР оскуолаларын бүтэрбиттэр быйыл 35-с үбүлүөйдээх сыллара. Бу дьоһун түгэн чэрчитинэн ыытыллыбыт киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр тустарынан өрөспүүблүкэтээҕи “Выпуск-85» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Алексей Николаевич Васильев кэпсиир.

– Түмсүү уопсай тутулугар тохтоон ылар ордук буолуо.

Бүлүү куоракка

- Биһиги түмсүүбүт 2019 сыл тохсунньу ыйыттан саҕаламмыта. Бүгүҥҥү туругунан бары улуустар оскуолаларын бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Күннэтэ интэриниэт ситимин көмөтүнэн билсиһэ, кэпсэтэ, санаа атастаһа, сонун истэ олоробут. Сүрүн бөлөҕү сэргэ сүүрбэттэн тахса интэриэстэринэн түмсүүлэр бааллар. Онон 35 сыл анараа өттүгэр оскуоланы бүтэрбиттэр бүгүҥҥү күҥҥэ биир интэриэһинэн олоробут диир толору кыахтаахпыт.

- Быйылгы үбүлүөйдээх сылынан ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы бары улуустар сыл саҕаланыаҕыттан «Киин куорат» хаһыат нөҥүө чахчы да билэ-көрө олороллор. Ол иһигэр Үтүө дьыала Кубога хамсааһын дьоһун миэстэни ылла.

- Үтүө дьыала Кубога, аата да этэрин курдук, миэстэлэринэн үтүө дьыалалары саҕар, тарҕатар аналлаах. Өрөспүүбүлүкэ биир да улууһун көтүппэккэ, биир да нэһилиэги быһа гыммакка тэрээһиннээхтик, далааһыннаахтык ыытыллыбыт улахан хамсааһын буолан ааста диэтэхпитинэ, бука, сыыспаппыт буолуо. Бу хамсааһыммыт быйылгы Патриотизм сылыгар сөп түбэспитэ, онон үбүлүөйдээх сылбытынан үөлээннээхтэрбитин түмэр, сомоҕолуур суолталаммыта, сэбиэскэй кэмнээҕи дойдуга истиҥ харыстабыл, муҥура суох ытыктабыл өйдөбүллэрин сөргүппүтэ Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнии курдук суолталаммыта икки бүк үөрүүлээх диэххэ сөп.

- 35 сыл устата олох араас эйгэтигэр сыраласпыт дьону биир санаа тула мунньар – судургута суох сорук.

Мэҥэ Хаҥаласка

- Туох барыта тэрээһин үлэтиттэн улахан тутулуктаах. Тэрийэр бөлөх торумнаабыт графигын бары биир киһи курдук эҥкилэ суох тутуһан, былааммыт туолла диэххэ наада. Оттон хас биирдии выпускник түмсүү сыалын-соругун күүскэ өйдүүрүгэр Кубок, логотип, былаах курдук атрибутикаларбыт, «Киин куорат» хаһыакка тиһигин быспакка тахсар публикацияларбыт кырата суох оруолу оонньоотулар. Холобура, Кубок сылдьыбыт улууһун аайы улуус гербэтинэн байытыллан, оскуолалар ааттаах салама курдук түгэннэр хамсааһын суолтатын үрдэттилэр.

- Аны отчуоту истиэххэ. Туох барыта сыыппаранан этилиннэҕинэ ордук өйдөнүмтүө буолааччы.

Чурапчыга

- Үтүө дьыала Кубога биир сыл иһигэр 500-тэн тахса аахсыйаны ыытта. Ону сэргэ сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, кырдьаҕастарга, элбэх оҕолоохторго, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар, инбэлииттэргэ, детдомнарга, кырдьаҕастар дьиэлэригэр, олох очуругар оҕустарбыт дьоҥҥо көмө быһыытынан ыытыллыбыт субуотунньуктар, аһынан-үөлүнэн, харчынан көмө, дьиэ ис-тас үлэтэ, оскуола оҕолоругар профориентационнай бэсиэдэлэр уо.д.а. тэрээһиннэри ааҕан сиппэккин. Аҥаардас уу харчынан 1,8 мөл. солк. тахса суамалаах көмө туһааннаах дьоҥҥо тиксэриллибитэ улахан ситиһии.

Ону таһынан үйэлээх тутуулар, өрөмүөн үлэтэ ыытылынна – оҕо оонньуур балаһааккалара, кырдьаҕас учууталга дьиэ тутуута, беседкалар,  сквердар, стилизованнай сцена, аартык суолга стела, балаҕан, аркалар, скамейкалар, хачыаллар, элбэх пааматынньык реконструкцията о.д.а.

Дьокуускай, Тулагы

- Дьэ, чахчы, киһи киэн тутта кэпсиир үлэтэ-хамнаһа. Салгыы тугу былаанныыгыт, түмүктэннэ дуу?

- Үтүө дьыала Кубога ааспыт 2019 сыл атырдьах ыйын 8 күнүттэн саҕаланан баран, бары 36 улууһу, Дьокуускай куорат таһынааҕы нэһилиэктэри хабан туран, бу сайын Дьокуускайга атырдьах ыйын 8 күнүгэр айанын түмүктээбитэ. Бу идеябытын салгыы 80-с көлүөнэ выпускниктарын түмсүүтэ ылла. Ол курдук, 80-с сыллар выпускниктара биһиги саҕалааһыммытын өйөөн, Кубогы биир выпуска буолбакка, 80-с сыллар выпустарыгар барыларыгар тэҥҥэ биэрэргэ этии киллэрбиттэрэ. Онон хамсааһыммыт түмүктэммэт, өссө кэҥиир. Кубок улууска кэллэҕинэ, биир выпуск буолбакка, 10 выпуск тэҥинэн хамсаан, өссө элбэх туһаны аҕалыаҕа дии саныыбыт. Улуустар да салалталара ону өйүүллэр эрэ, дьиҥ норуот хамсааһына буолан, статуһа өссө үрдүө дии саныыбыт.

- Алексей, олус далааһыннаах уонна социальнай, материальнай, моральнай даҕаны өттүнэн дириҥ суолталаах хамсааһынтан киһи эрэ үөрэр. Эйигинэн сирэйдээн 1985 сыллааҕы выпускниктарга барыларыгар маннык кэскиллээх дьыалаҕа кыттыспыккытыгар махтанабыт.

- Оннук. Биир үөрүүлээх сонуммут диэн, Үтүө дьыалабыт Кубога СӨ Ыччат министиэристибэтэ ыыппыт Граныгар бастаата. Ону таһынан Арассыыйа таһымыгар  «Доброволец 2020» интэриниэт күрэххэ кытта сылдьабыт. Аҕыйах хонуктааҕыта финал аҥаарыгар тахсаммыт, Дальнай Востокка көмүскээбиппит. Түмүгүн бу тахсар ыйга билиэхтээхпит.

Бу «Доброволец 2020” конкурска кыттыыбыт биир биричиинэтэ – уопут атастаһыыта, бырайыагы Арассыыйа таһымыгар таһаарыы. Табылыннаҕына, биир санаалаахтары булан, Үтүө дьыала Кубогын атын да региоҥҥа туттаран, географиятын кэнэтиэххэ сөп.

- Аны Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө «100 бастыҥ уопсастыбаннай көҕүлээһин” күрэх туһунан, баһаалыста.

Аммаҕа

- Ол, дьэ, саамай буоллаҕа дии. Бу маннык күрэх баарын истэн, номнуо сайаапкабытын ыытан олоробут. Бу күннэргэ интэриниэт нөҥүө куоластааһын саҕаланар. Биһиги Үтүө дьыла Кубогын чэрчитинэн «Ремонт и строительство обьектов» номинацияҕа киирсэбит. Үөһээ эппитим курдук, сыл устата 40-ча обьект тутулунна, өрөмүөннэннэ. Онуоха аҥаардас тутуу матырыйаалырагр 1 мөл. солк. тахса харчы туһаҕа таҕыста, бүүс-бүтүннүү бэйэбит үппүт. Үлэ эмиэ бүтүннүү бэйэбит күүспүтүнэн субуотунньуктарынан ыытылынна.

- Алексей, салайааччы киһи санааҕар, уопсастыбаннай хамсааһын ордук туохха олоҕуран дьон интэриэһин тардарый?

- Төһөнөн элбэх киһи интэриэһин тардар, төһөнөн нэһилиэнньэҕэ, норуокка туһалаах даҕаны, соччонон үйэлээх дии саныыбын.

Биһиги Сахабыт сиригэр элбэх сыллар кэмнэригэр үлэлиир уопсастыбаннай тэрилтэлэр баалларыгар саарбахтаабаппын. Биһиги түмсүүбүт баара-суоҕа 2019 сылтан саҕаланнар даҕаны, инники былааммыт киэҥ, дириҥ. Ыытар үлэбит таһыма дьоһун, өрөспүүбүлүкэ араас муннугар олорор хас биирдии 1985 сыллааҕы выпускнигы хабар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....