«Халыма» федеральнай суолу тупсарыыга туһуламмыт санаалар
Кэлин кэмнэргэ биһиги «Халыма» суолбутунан таһаҕаһы таһыы, массыына сырыыта улаханнык улаатта. Ол Нежданинскайдааҕы, Үөһээ Мэнкэчэ хайа-байытар комбинаттар аһыллыыларын, Томпо, Өймөкөөн улуустарыгар көмүс хостуур бириискэлэр элбээһиннэрин уонна үлэлиир кыахтара улаатыытын кытта быһаччы ситимнээх. Бу тэрилтэлэргэ Аллараа Бэстээхтэн тохтоло суох дизтопливоны, кэмбинээттэр байыппыт рудаларын Аллараа Бэстээххэ, Алдан куоратыгар ыарахан уйуктаах массыыналарынан таһыы күн-түүн элбии, улаата турар.
Биһиги “Тааттаавтодор” тэрилтэбит «Халыма» суолугар Аллараа Бэстээхтэн 190 килэмиэтиртэн саҕалаан 365 килэмиэтиргэ диэри холбоон 175.2 км усталаах учаастагы көрөр-истэр. Мантан 124.2 км усталаах суол бириэмэтигэр өрөмүөнэ суох, 50 км усталаах суол өрөмүөннэммит суоллар ахсааннарыгар киирэллэр.
Бу биһиги көрөр-истэр суолбутунан, ааҕан көрүү түмүгүнэн, сууккаҕа тыһыынчаттан тахса массыына кэлэн ааһар буолла. Мантан чэпчэки легковой массыыната 800-тэн тахса буоллаҕына, 200-тэн тахсата ыарахан уйуктаах полуприцептаах уонна 40 туонна таһаҕаһы ылар карьернай омук массыыналара. Ол эбэтэр сууккаҕа биһиги суолбутунан 8-9 тыһ. туонна таһаҕас кэлэн ааһар. Оттон биһиги суолбут сэбиэскэй кэмҥэ 30-40 туоннаҕа ананан тутуллубута. Билиҥҥи 40 туонналаах омук самосвал массыыналарын ыйааһыннара 25 туонна, ол үрдүгэр 40-тэн тахса туонна таһаҕаһы ууруналлар. Оччотугар суол уйугуттан 20-25 туоннаны таһынан таһаҕаһы таһаллар. Бу аҕыйах сыллааҕыта оҥоһуллубут аспаал бүрүөһүнэ кытта эмсэҕэлиир, буор, кумах бүрүөһүннээх суол туһунан этиллибэт даҕаны. Онуоха эбии биһиги суолбут төрүт өрөмүөннэммэккэ, көрүү-истии суотугар турбута ыраатта. Ол курдук, суолбут сорох учаастактара 36-25 сыл өрөмүөн диэни билбэккэ турар буоланнар, уйуктара лаппа кыччаатаҕа.
Ытык Күөлтэн Чурапчы, Томпо диэки тутарбытыгар, оччолорго өрөмүөн икки ардыларынааҕы болдьоҕо 8 сыл буолар этэ, бу кэлин 12 сыл диэн буолла. Ол эбэтэр суол учаастага ПГС бүрүөһүннээх өрөмүөннэннэҕинэ, ити учаастакка 12 сыл өрөмүөн буолбатыгар, аспаал ууруллубатыгар тиийэр. Чурапчы, Томпо улуустарын икки ардыгар аспаал суол Ытык Күөлгэ диэри 2025 сылга, Томпо улууһугар Алдан өрүскэ диэри 2030 сылга тиийэрэ былааннаммыта олоххо киирбитэ буоллар, биһиги улуус суола үрдэтиллэн, аспаалынан бүрүллэн хаалыахтаах этэ. Оччотугар суол алдьаныыта бу билиҥҥи курдук күүскэ тахсыа суох этэ.
Билигин биһиги суолбутунан күннэтэ такси өҥөтүнэн, чааһынай легковой массыыналаахтарынан 3000-4000 араас наадалаах, кыһалҕалаах дьон айанныыр. Улахан уйуктаах тиэхиньикэ үлтү тэпсэн алдьаппыт суолунан айаҥҥа бу туох да буруйа суох дьон элбэх эрэйи көрсөллөр.
Дьон кыһалҕатын өйдөөн, хайа-байытар кэмбинээттэр рудаларын, бириискэлэр, улахан промышленнай тэрилтэлэр дизтопливоларын сир тоҥ, халлаан тымныыта мүлүйбүт кэмигэр, олунньу ый ортотуттан муус устар ый ортотугар диэри, сайынын Алдан өрүһүнэн Хаандыга нефтебаазатыгар, Аллараа Бэстээххэ, Алдаҥҥа тимир суолга таһаллара буоллар, айан кыттыылаахтарыгар барыбытыгар ордук буолуох этэ. Суол эмиэ элбэх үбү-харчыны ирдиир хайысха буоларынан, баар суолбутун харыстыаҕыҥ. Норуокка таптаан «сороконожка» диэн ааттанар карьернай самосвал массыыналары сир ириэнэх кэмигэр таһаҕас таһыытыгар туттары тохтотуоҕуҥ. Таһаҕаһы таһыыга сүрүннээн полуприцеп массыыналары туһаныаҕыҥ.
Хаартыскалар: ааптар тус архыыбыттан