Халандаардар быыстапкаларын куоттарымаҥ
Киһи аймах историятын кытта тэҥҥэ биһиги күннээҕи олохпут үүнэ-сайда, хамсыы, уларыйа-тэлэрийэ турар. Ону хас эмэ сүүһүнэн сылларга тахсыталаабыт саһарбыт халандаардартан билиэххэ сөп.
Аныгы үйэ дьонун дьолбутугар, сорох халандаардар илиистэрэ быһыллыбакка, быраҕыллыбакка, хараллыбыттарын бу күннэргэ Дьокуускайга Гуманитарнай чинчийии институтугар үлэлиир Георгий Башарин аатынан Наука музейыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн арыллыбыт халандаар быыстапкатыгар көрүөххэ сөп.
Дойду бөдөҥ салайааччыларын, репрессия историятын үөрэтээччи, коллекционер, спорт музейын дириэктэрэ, Улуу Коркин иитиллээччитэ, ССРС спордун маастара Михаил Друзьянов халандаардары мунньуунан дьарыктаммыта сүүрбэччэ сыл буолла. Онон кэллиэксийэтигэр 1860 сыллаах, ыраахтааҕы кэмин саҕанааҕы халандаардар кытта бааллар. Өрөбөлүүссүйэ, бастакы Конституциялар, ССРС төрүттэниитин, сэрии кэминээҕи олоҕу-дьаһаҕы, үлэни-хамнаһы, култуура-спорт ситиһиилэрин, дойду биллиилээх дьонун биографияларын, оччотооҕу кэми хайдах баарынан, историяны кырдьыгынан “кэпсиир, көрдөрөр” историческай матырыйааллар учуонайдар улахан сэҥээриилэринэн туһаннылар. ССРС, Арассыыйа, Саха сирин историялара, буолуталаабыт хамсааһыннар ис-дьиҥнэрэ, токурутуллубакка, ырылыччы суруллан хаалбыттара кэрэхсэбиллээх.
Михаил Друзьянов историяны сэҥээрэр буолан, хас биирдии халандаарын, олор истэригэр кинигэлэрин эмиэ, сыаналарын кэрэйбэккэ ылаттаабыт, түбэстэҕинэ, билигин да атыылаһар эбит. Соҕуруу киин куораттартан командировкаттан эргиллэригэр хайаан да халандаар, кинигэ тутуурдаах буолар. Ленин, Сталин кинигэлэрэ бүтүннүү кэриэтэ хараллан сылдьаллар. Төһөнөн эргэрэллэр, бириэмэ баран, ыраатан иһэр даҕаны, сыаналара эмиэ ыараан иһэрэ чахчы. Холобура, 1958 с. халандаар сыаната 12 000 солкуобай. Итинник сыаналаммат халандаардар, кинигэлэр бааллар. «1938 с. халандаар сыанатын ким да бачча диэн быһар кыаҕа суох», —диэн этэр Михаил Егорович.
Бэлиэтээн эттэххэ, Арассыыйа үрдүнэн икки эрэ киһи халандаардары мунньар, онтон биирдэстэринэн М.Е. Друзьянов буолар.
Халандаардар быыстапкалара ыам ыйын ортотугар диэри турар.