11.07.2024 | 16:02

Халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ 275 мөл. солк. кэриҥэ кээмэйдээх көмө оҥоһулунна

Халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ 275 мөл. солк. кэриҥэ кээмэйдээх көмө оҥоһулунна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 9 күнүгэр Арассыыйа ЫБММ баһылыга Александр Куренков салалтатынан ыытыллыбыт бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев сааскы халаан хоромньутун оһорууга ыытыллар үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ.

 

Саха сиригэр сааскы халаан уутуттан 4 056 киһи эмсэҕэлээтэ. Эмсэҕэлээбит дьоҥҥо икки суол көмө оҥоһуллар – биир кэмнээх харчынан көмө уонна дьиэтэ-уот суох хаалыынан үбүнэн көмө. Санатар буоллахха, ыксаллаах быһыы-майгы содулугар эмсэҕэлээбиттэргэ оҥоһуллар төлөбүр кээмэйэ Айсен Николаев дьаһалынан улаатыннарыллан турар. Ол түмүгэр бүгүҥҥү күҥҥэ 6 тыһыынчаттан тахса киһиэхэ уопсайа 275 мөл. солк. кээмэйдээх көмө оҥоһулунна.

«Бэс ыйын 18 күнүгэр халаантан эмсэҕэлээбит улуустар олохтоохторуттан сайабылыанньалары ылыы түмүктэннэ. Госуслуги портал нөҥүө уопсайа 9 525 сайабылыанньа киирбит, ол иһигэр 4 960 – биир кэмнээх харчынан көмөҕө, 4565 – дьиэтэ суох хаалыыга харчынан көмө. Мантан 7 130 сайабылыанньа сөптөөҕүнэн ааҕылынна, аккаастаммыт сайабылыанньалар прописка бигэргэтиллибэтэҕин уонна баайы-дуолу сүтэрии түбэлтэтэ олоҕо суоҕун кытта ситимнээхтэр. Бастакы 6 133 сайабылыанньанан 275 мөл. солк. кээмэйдээх төлөбүр оҥоһулунна», – диэтэ Ил Дархан.

 

Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 110 кыаммат ыалга көмө оҥоһуллубут. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэртэн 426 оҕо сайыҥҥы сынньалаҥынан хааччыллыбыт, ол иһигэр 150 оҕо өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сынньаммыт.

 

Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторун 2023 сыллааҕы тырааныспар нолуогуттан босхолооһун боппуруоһа көрүллэр. 

 

Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, сааскы халаантан өрөспүүбүлүкэ уопсайа 2,2 млрд солк. кээмэйдээх хоромньуну ылбыт. Ороскуот улахан аҥаара федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитин суотугар дойду хааһынатыттан оһоруллуоҕа. Бу сууматтан 900 мөл. солк. олорор дьиэ компенсациятыгар ананар.

«Хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа анал хамыыһыйа үлэлээтэ. Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьиэлэр испииһэктэрэ Росреестры, ЫБММ уонна ИДьМ кылаабынай управлениеларын кытта чуолкайданна. Тутуу министиэристибэтигэр эмсэҕэлээбит дьиэлэр иэннэрин ыйар докумуон түһэрилиннэ, хоромньу кээмэйэ 903 мөл. солк. тэҥнэһэр», – диэтэ кини.

 

Тыа хаһаайыстыбатын, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, хомунаалынай хаһаайыстыба эбийиэктэригэр тахсыбыт хоромньу чопчуламмыт суумата федеральнай уорганнарга ыытыллыбыт. Суол-иис хаһаайыстыбата ылбыт хоромньутун Росавтодор Анаабыр улууһугар ааҕан бүттэҕинэ, тырааныспар министиэристибэтигэр ыытыллар.

Санатар буоллахха, быйыл сааскы халаантан Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба, Анаабыр улуустарыгар холбоон 27 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлээтэ.

Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллыбыт индексация кэнниттэн ыксаллаах быһыыттан-майгыттан эмсэҕэлээччилэргэ биир киһиэхэ көрүллэр биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 5 тыһ. солкуобайтан 10 тыһ. солкуобайга диэри улааппыта, баайы-дуолу сүтэриигэ үбүнэн көмө кээмэйэ – 10 тыһ. солкуобайтан 100 тыһ. солкуобайга диэри (халымыр хоромньуга – 50 тыһ. солк., толору хоромньуга – 100 тыһ. солк.). Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....