Халаан уутун кэтээн көрөр бөлөх Ленскэйгэ көттө
Бүгүн сааскы халаан уутун хонтуруоллуур сыаллаах Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин СӨ Кылаабынай управлениетын начаалынньыга Павел Гарин салайааччылаах бастакы суһал бөлөх Ленскэй оройуонугар көттө.
Кинилэр ортолоругар Кылаабынай управление үлэһиттэрэ, Уһук Илин регионун көрдүүр-быыһыыр этэрээтин быыһааччылара, Өлүөнэ өрүс тардыытын ууга салалтатын бэрэстэбиитэллэрэ, Дьокуускайдааҕы Күнү-дьылы билгэлиир сулууспа управлениетын үлэһиттэрэ уонна дэлби тэптэрэр үлэ специалистара бааллар.
“Биһиги сааскы халаан уутун кэмигэр дьон суорума суолланыыта тахсыбатын туһугар үлэлиибит”, – диэтэ Павел Гарин.
Билиҥҥи туругунан 7.00 чааска (Иркутскай бириэмэтинэн) Иркутскай уобаласка Өлүөнэ өрүскэ муус барыыта кэминэн, уу дириҥэ тыҥааһыннаах бэлиэҕэ тиийэ илик.