Хаары ыраастааһын уонна тиэйии быраабылаҕа олоҕурар
Бу быраабылаҕа олоҕуран, Дьокуускай куоракка үлэлиир физическэй уонна юридическай сирэйдэргэ итиэннэ бэйэни салайыныы уорганнарыгар территорияны тупсаҕайдык тутан олоруу уонна көҕөрдүү эйгэтигэр, уулуссаны көрүүгэ-истиигэ уонна сырдатыыга, бытовой уонна промышленнай бөҕү-саҕы хомуйууга, харайыыга уонна тиэйиигэ, куорат эйгэтин тупсарыыга, сайыннарыыга сыһыаннаах боппуруостары быһаарыыга уопсай, булгуччулаах быраабыла олохтонор уонна ону бары тутуһаллара ирдэнэр.
Уопсастыбаннай туоналары итиэннэ эбийиэктэри (быстах болдьохтоохтору эмиэ) уонна турар учаастактарын сокуонунан көрүллүбүт бырааптаах, бас билэр физическэй уонна юридическай сирэйдэр, үөһэ этиллибит быраабылаларга сөп түбэһэн, бэйэлэрэ эбэтэр бэйэлэрин суоттарыгар тэрилтэлэри наймылаһан хомуйар, көрөр-истэр эбээһинэстээхтэр.
Куорат дууматын 2021 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи 477-НПА №-дээх быһаарыытынан ылыныллыбыт Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын 64-с ыстатыйатын 15-с пуунугар олоҕуран, бобуллар:
- тэрилтэ, чааһынай дьиэ тэлгэһэтин иһинээҕи, таһынааҕы хаары уулуссаҕа, дьон уонна массыына сырыытын суолугар күрдьэн таһаарар, чөмөхтүүр;
- муниципальнай быраап аакталарынан бигэргэтиллибэтэх, көҥүлэ суох сирдэргэ хаары мунньуу.
Дьиэ сарайыттан, ууну сүүрдэр сирдэртэн (водосток) хаары-мууһу түһэриини, муус чопчуларын көйөн быраҕыыны, сокуоҥҥа эбэтэр дуогабарга олоҕуран ити эбийиэктэри көрөр-истэр сирэйдэр оҥороллор. Сарай үрдүттэн түспүт хаары, мууһу бу үлэни ыыппыт эбэтэр эбийиэги көрөр-истэр сирэйдэр үлэ чааһа бүтүөн иннинэ хомуйуохтаахтар.
Территория таһынааҕы тротуардар уонна массыына ааһар, дьон сылдьар сирдэрэ хаартан уонна муустан ыраастаммыт буолуохтаахтар. Суол мууһурдаҕына, халтарааны суох гынар матырыйааллары туттуллуохтаах.
Суолтан хаары күрдьүү уонна тиэйии бу үлэни оҥорор эбээһинэстээх субъектарга сүктэриллэр.
Хаар түһэн бүппүтүн кэннэ суукка устата күрдьүллүбүт хаар тиэйиллиэхтээх.
Уулуссаны эбэтэр суоллары хомуйар тэрилтэлэр суол кытыытынааҕы лотуоктар хаардарын ыраастыыр уонна тиэйэр эбээһинэстээхтэр.
Тупсаҕайдык олоруу быраабылаларын 64-с ыстатыйатын 28-с ыстатыйатыгар олоҕуран, чааһынай дьиэ территориятыттан күрдьүллүбүт хаары, бас билээччини кытта дуогабардаһан, хаары уонна бөҕү тиэйиинэн дьарыктанар, анал тиэхиньикэлээх тэрилтэ куораттааҕы кытаанах бөҕү тутар полигоҥҥа таһыахтаах.
Олохтоох дьаһалта Муниципальнай инспекцияларын управлениета куорат уокуругар санитарнай ыраастааһын кэмигэр Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын тутуһууну хонтуруоллуурга былааны таһынан тэрээһиннэри ыытарын туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, быраабылалары кэһии түбэлтэтигэр, Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын 2022 сыл кулун тутар 10 күнүнээҕи 336-с №-дээх «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай хонтуруолу тэрийии уратыларын туһунан» уурааҕын 7(2) пуунугар олоҕуран, Муниципальнай инспекциялар управлениелара кэһиилэри туоратар туһунан ыйыылары сэрэтии быһыытынан биэрэр бырааптаах.
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай хонтуруол уорганын сэрэтиитин кэнниттэн туруоруллубут болдьоххо сокуону кэһиилэр туоратыллыбатахтарына, Арассыыйа Федерациятын административнай кэһиилэр тустарынан 2001 сыл ахсынньы 30 күнүнээҕи 195-ФЗ №-дээх Кодексын 19.5 ыстатыйатын 1-кы чааһынан административнай эппиэтинэс көрүллэр. Ол курдук, гражданнарга административнай ыстараап кээмэйэ 300 солкуобайтан 500 солкуобайга диэри; дуоһунастаах сирэйдэргэ – биир тыһыынчаттан икки тыһыынча солкуобайга диэри эбэтэр үс сылга диэри дисквалификация; юридическай сирэйдэргэ – уон тыһыынчаттан сүүрбэ тыһыынча солкуобайга диэри.
Феликс Антонов, Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:
— 2021 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи Дьокуускай куораттааҕы Дуума быһаарыытынан ылыныллыбыт куорат уокуругун территориятыгар тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын 64-с ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн, кыһыҥҥы өттүгэр хомуйуу болдьоҕо алтынньы 15 күнүттэн саҥа сыл муус устар 15 күнүгэр диэри ыытыллар. Килиимэт уратытынан сибээстээн, халлаан туругуттан көрөн, кыһыҥҥы өттүгэр хомуйуу саҕаланар уонна бүтэр болдьоҕо муниципальнай быраап аакталарынан уларытыллыан, халбаҥныан сөп.
Муниципальнай тэриллии тупсаҕайдык олоруу быраабылаларын кэһии иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин административнай буруйу оҥоруу туһунан кодексатын 6.25 ыстатыйатыгар олоҕуран, административнай эппиэтинэс көрүллэр.
Бу ыстатыйанан маннык санкция көрүллэр:
6.25 ыстатыйа 1-кы чааһынан – сэрэтии эбэтэр административнай ыстараап. Ол курдук, гражданнарга административнай ыстараап кээмэйэ биир тыһыынчаттан үс тыһыынча солкуобайга диэри; дуоһунастаах сирэйдэргэ – уон тыһыынчаттан уон үс тыһыынча солкуобайга диэри; юридическай сирэйдэргэ – 50 тыһыынчаттан 500 тыһыынча солкуобайга диэри.
6.25 ыстатыйа 2-с чааһынан – бу ыстатыйа 1-кы чааһыгар этиллибит кэһиилэри хатылааһын иһин эмиэ административнай ыстараап көрүллэр. Чуолаан, гражданнарга административнай ыстараап кээмэйэ үс тыһыынчаттан биэс тыһыынча солкуобайга диэри; дуоһунастаах сирэйдэргэ – 30 тыһыынчаттан 50 тыһыынча солкуобайга диэри; юридическай сирэйдэргэ – 500 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри.
Ол курдук, «Дьокуускай куорат» куорат уокуругун Административнай хамыыһыйата 2023-2024 сыллар күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмнэригэр хаар хомуллубатын уонна көҥүллэммэт сиргэ кутуллан мунньуллубутун иһин маннык түбэлтэлэри көрөн, туһааннаах миэрэлэри ылла:
— 2023 сыл алтынньы - ахсынньы ыйдарыгар 45 административнай буруй туһунан дьыала оҥоһулунна. Итинтэн 12 матырыйаалынан уопсайа 652 000 солкуобай суумалаах административнай ыстараап олохтонно, 33 матырыйаалынан сэрэтии бэрилиннэ.
— Быйыл, 2024 сылга: Административнай хамыыһыйа көрүүтүгэр 13 дьыала киирдэ, билиҥҥи туругунан итинтэн 4-дэ көрүлүннэ. Хамыыһыйа үлэтин түмүгүнэн ити түөрт дьыаланан сэрэтии бэрилиннэ. Олунньу 1 күнүгэр өссө 9 дьыала көрүллэрэ былааннанар.
Саргылана Антонова, Сайсары уокуругун Управатын салайааччытын солбуйааччыта:
— Сайсары уокуругар тротуардары, территорияны ыраастааһын салҕанар. Халтараан кэмигэр элбэх үлэни ыытабыт. Мас тротуардар хаардарын ыраастыыбыт (Макаренко уул., Лонгинов уул., Ново-Карьернай уул., Гимеинскай уул., «Борисовка-1 мкрн» тиһэх тохтобула), массыына сылдьар суолун, сатыы дьон туоруур сирин кумаҕынан ыһабыт (Каландаришвили – Маяковскай уул., Каландаришвили – Чехов уул., Каландаришвили – Софронов уул., Чайковскай – Ново-Карьернай уул., Ново-Карьернай – Лонгинов уул., Лонгинов – Винокуров уул., Чайковскай – Винокуров уул., 3-с Академическай пер., – Чайковскай уул.,). Халтарааны утары охсуһарга инертнай матырыйааллары туттабыт.
Быйылгы сыл тохсунньу 25 күнүнээҕи туругунан, 1845000 квадратнай миэтэрэттэн тахса тротуар уонна суолу сатыы туоруур сир хаара ыраастанна. Ити барыта уокурукпут олохтоохторугар табыгастаах буоллун уонна эчэйии тахсыбатын диэн оҥоһуллар.
Куораттааҕы полигоҥҥа билиҥҥи туругунан 1080 куб.м. кэриҥэ хаар таһылынна.
Управа тиэргэн хомуйааччылара күн аайы сыһыарыллыбыт территорияларыгар тахсан үлэлииллэр. Уопсастыбаннай туоналары, оптуобус тохтобулларын, ууруналары, уопсастыбаннай санитарнай туочукалары ыраастыыллар.
Евгений Сидоренко, Гагаринскай уокурук Управатын салайааччыта:
— Гагаринскай уокурукка ыраастааһын үлэтэ төгүрүк сыл тиһиктээхтик ыытыллар. Хаары ыраастааһын уонна тротуардары, суоллары көрүү-истии, ыраастык тутуу – кыһыҥҥы өттүгэр ордук күүһүрдүллэр үлэ. Тротуардар, дьон саамай сылдьар суоллара хаара уонна мууһа суох, хаамарга табыгастаах уонна куттала суох буолаллара биһиэхэ ураты суолталаах. Ол курдук, Гагаринскай уокурукка, муниципальнай хантараак чэрчитинэн, бэдэрээтчит тротуардары маннык уулуссаларга ыраастыыр: Севастопольскай, Можайскай, Кузьмин уул., Курнатовскай, Пилоттар уул., Өктөөп 50 сыла автострада, Быковскай, Гагарин уул., Окружной шоссе.
Тротуардары график быһыытынан нэдиэлэҕэ иккитэ ыраастыыллар. Манна бэлиэтээн этиэххэ наада, уокурук олохтоохторугар мэһэйдэри үөскэппэт курдук, хаары күрдьүү уонна тиэйии киэһээҥҥи өттүгэр эбэтэр сарсыарда эрдэ оҥоһуллар. Ону биһиги, Управа үлэһиттэрэ, мэлдьи хонтуруоллуубут.
Былырыын алтынньы, сэтинньи, ахсынньы ыйдарга «Артик Лайн» ХЭТ тротуардартан – 660 м3, оттон быйыл тохсунньу ыйга «Терентьев В.Р.» ИП 200 м.3 хаары хомуйдулар уонна тиэйдилэр. Суоллары «Якутдорстрой» АУо ыраастыыр. 2023 сылга Управа, тэрилтэлэр, социальнай партнердар уонна салайар хампаанньалар буолан барыта 32240 м3 хаары тиэйдибит.
Билиҥҥи кэмҥэ Управа салайар хампаанньалары, ТСЖ-лары, уокурукка баар тэрилтэлэри, эргиэн кииннэрин, үөрэх уонна култуура тэрилтэлэрин кытта хаары ыраастааһыҥҥа уонна тиэйиигэ тиһиктээх үлэни ыытар.