Хаары уонна мууһу тиэйии үлэтэ салҕанар
Санатар буоллахха, ааспыт ыйга Олохтоох дьаһалта Муниципальнай инспекцияларын управлениета Дьокуускай куорат территориятыгар Куорат дуумата 2021 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи 477-НПА №-дээх быһаарыытынан ылыныллыбыт Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылата үлэлиирин туһунан умнубаппыт курдук сайтка таһаарбыта. Бу быраабылаҕа олоҕуран, Дьокуускай куоракка үлэлиир физическэй уонна юридическай сирэйдэргэ, итиэннэ бэйэни салайыныы бары уорганнарыгар территорияны тупсаран оҥоруу уонна көҕөрдүү эйгэтигэр, уулуссаны көрүүгэ-истиигэ уонна сырдатыыга, бытовой уонна промышленнай бөҕү хомуйууга, харайыыга уонна тиэйиигэ, куорат эйгэтин хааччыйыыга уонна сайыннарыыга сыһыаннаах боппуруостары быһаарыыга уопсай, булгуччулаах нуорма олохтонор уонна ону бары тутуһаллара ирдэнэр.
Феликс Антонов, Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:
— 2021 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи Дьокуускай куораттааҕы Дуума быһаарыытынан ылыныллыбыт Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын 64-с ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн, кыһыҥҥы өттүгэр хомуйуу болдьоҕо алтынньы 15 күнүттэн саҥа сыл муус устар 15 күнүгэр диэри ыытыллар. Килиимэппит уратытынан сибээстээн, халлаан туругуттан көрөн, кыһыҥҥы өттүгэр хомуйуу саҕаланар уонна бүтэр болдьоҕо муниципальнай быраап аакталарынан уларытыллыан, халбаҥныан сөп.
Санатан аастахха, муниципальнай тэриллии территорияларын Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын кэһии иһин СӨ Административнай кодексын 6.25 ыстатыйатынан эппиэтинэс көрүллэр:
6.25 ыстатыйа 1-кы чааһынан – сэрэтии эбэтэр административнай ыстараап. Ол курдук, гражданнарга административнай ыстараап кээмэйэ 1 тыһыынчаттан 3 тыһыынча солкуобайга диэри; дуоһунастаах сирэйдэргэ – 10 тыһыынчаттан 13 тыһыынча солкуобайга диэри; юридическай сирэйдэргэ – 50 тыһыынчаттан 500 тыһыынча солкуобайга диэри.
6.25 ыстатыйа 2-с чааһынан бу ыстатыйа 1-кы чааһыгар этиллибит кэһиилэри хатылааһын иһин эмиэ административнай ыстараап көрүллэр. Чуолаан, гражданнарга административнай ыстараап кээмэйэ 3 тыһыынчаттан 5 тыһыынча солкуобайга диэри кээмэйдээх; дуоһунастаах сирэйдэргэ – 30 тыһыынчаттан 50 тыһыынча солкуобайга диэри; юридическай сирэйдэргэ – 500 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри.
Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйата маныаха сыһыаннаах миэрэлэри ыларын салҕыыр. Ол курдук, олунньу 1 күнүнээҕи мунньах уопсайа 111 дьыаланы дьүүллэстэ. Итинтэн 6.25 ыстатыйаҕа сыһыаннаах 45 дьыала көрүлүннэ, 32 дьыаланан ыстараап уопсай суумата 1 135 000 солкуобайга тэҥнэстэ, 13 сэрэтии бэрилиннэ, хаары уонна мууһу кытта сибээстээх 16 дьыала ыстараабын кээмэйэ – 767 000 солкуобай. Быраабыланы кэһии ахсаанын уонна ыстараап сууматын уокуруктарынан арааран эттэххэ, Автодорожнай уокурук 6.25 ыстатыйанан – 2, ыстараап кээмэйэ – 5000 солкуобай; Гагаринскай уокурук 6.25 ыстатыйанан – 3, сэрэтии бэрилиннэ; Губинскай – 7, итинтэн алтата 6.25 ыстатыйанан, 6.23 ыстатыйанан кэһиини холбоон ыстараап – 271 000 солкуобай; Октябрьскай – 3, 6.19 ыстатыйанан икки уонна 6.25 ыстатыйанан биир, уопсай ыстараап – 62 000 солкуобай; Промышленнай 6.25 ыстатыйанан – 6, итинтэн биэһэ – 205 000 солкуобайдаах ыстараап, сэрэтии – биир; Сайсары уокуруга – 5, 6.19 ыстатыйанан икки уонна 6.25 ыстатыйанан үс, түөрт дьыаланан ыстараап суумата – 33 000 солкуобай, сэрэтии – биир; Строительнай – 9, итинтэн 6.19 ыстатыйанан биир уонна 6.22 – 4, 6.23 ыстатыйанан – 1, 6.25 ыстатыйанан – 3, ыстараап уопсай суумата – 425 000 солкуобай; Киин уокурук 6.25 ыстатыйанан – 9, итинтэн сэттэ дьыаланан ыстараап – 68 000 солкуобай, сэрэтии – икки; «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ – 13, 6.23 ыстатыйанан – 1, 6.25 ыстатыйанан – 12, итинтэн 6 дьыаланан ыстараап суумата – 357 000 солкуобай, сэрэтии – 7.
2024 сыл олунньу 12 күнүнээҕи туругунан, киин куоракка 290 тыһыынча кубическай миэтэрэ хаар ыраастанна. Хомуллубут хаар Сэбиэскэй Аармыйа 50 сылынан уулуссаҕа баар аналлаах полигоҥҥа тиэйилиннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, хаары хомуйуу уонна тиэйии 2023 сыл алтынньы ыйыттан ыытыллар. «Якутдорстрой» АУо үлэһиттэрэ 249 тыһыынча кубическай миэтэрэ, онно эбии хаары таһыыга эппиэтинэстээх атын тэрилтэлэр 41 тыһыынча кубическай миэтэрэ хаары полигоҥҥа тиэйдилэр.
Петр Попов, Автодорожнай уокурук Управатын салайааччыта:
– Автодорожнай уокурукка сыл саҕаланыаҕыттан бэдэрээтчит тэрилтэ үлэһиттэрэ маннык уулуссалар тротуардарыттан барыта 485 кубическай миэтэрэ иэннээх хаары хомуйан тиэйдилэр: Красильников, Дежнев, Чернышевскай, Птицевод (оптуобус тохтобулларын киллэрэн туран), Покровскайдыыр тракт, Михаил Николаев аатынан проспект, Иван Кульбертинов аатынан уулусса.
Итини сэргэ бэдэрээтчит тэрилтэ кыбаартал иһинээҕи суоллартан полигоҥҥа 980 кубическай миэтэрэ хаары тиэйдэ: Тимирязев уулуссатыттан, Безымяннай пер., Красильников уулуссатын уонна Михаил Николаев аатынан проспект икки ардыларынан ааһар суолтан, Чернышевскай уулуссатын, 88/8 нүөмэрдээх чааһынай дьиэҕэ тиийэр суолтан, «Пески» суолтан, Михаил Николаев аатынан проспект, 11/4 уонна 2/4 нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ тиийэр суоллартан.
Быйыл, 2024 сыл тохсунньу 31 күнүгэр, салайар хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрин кытта сааскы үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы чэрчитинэн мунньахтаабыппыт. Билигин салайар хампаанньалар биэдэмистибэлээх учаастактарыттан, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэриттэн хаары тиэйиини саҕалаатылар.
Управа исписэлиистэрэ Автодорожнай уокурук тэрилтэлэригэр аадырыстаан территорияларын таһынааҕы хаары хомуйуу уонна тиэйии туһунан сэрэтии суруктары ыыттылар, сорохторугар тиийэн тиксэрдилэр.
Владимир Бурцев, Губинскай уокурук Управатын тупсаҕайдык дьаһанан олорууга исписэлииһэ:
–Саҥа сылга үктэниэхпититтэн уокурукка элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр территорияларыттан хаары тиэйиини көхтөөхтүк саҕалаатыбыт. Ол курдук, тохсунньу ыйтан 2 000 кубическай миэтэрэ хаар полигоҥҥа тиэйилиннэ. Дьокуускай куорат Тупсаҕайдык дьаһанан олорууга саҥа быраабылаларыгар олоҕуран, Губинскай уокурук территориятыгар баар тэрилтэлэри, салайар хампаанньалары уонна ТСЖ-лары сэрэттибит уонна кинилэртэн хаары хомуйууга, тиэйиигэ туһуламмыт былааннарын хомуйан эрэбит. Итиэннэ уокурукка мууһу көйүүнү, хомуйан тиэйиини саҕалаатыбыт. Ол курдук, билиҥҥи туругунан 160 кубическай миэтэрэ муус тиэйилиннэ. Күн аайы бэдэрээтчит тэрилтэ үлэһиттэрэ, дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны тэрийэн, тротуардары ыраастыыллар. 2023 сыл алтынньы ыйыттан саҕалаан Губинскай уокурук тротуардарыттан 1 600 кубическай миэтэрэ хаар хомуллан тиэйилиннэ.
Санатар буоллахха, Куорат дууматын 2021 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи 477-НПА №-дээх быһаарыытынан ылыныллыбыт Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын 64-с ыстатыйатын 15-с пуунугар олоҕуран, бобуллар:
– кыбаартал иһинээҕи, дьиэ таһынааҕы (ол иһигэр чааһынай дьиэлэр) уо.д.а. үлэ-хамнас субъектарын территорияларыттан хаары күрдьэн уулуссаҕа, дьон уонна массыына сырыытын суолугар кутар, чөмөхтүүр;
– муниципальнай быраап аакталарынан бигэргэтиллибэтэх, көҥүлэ суох сирдэргэ хаары мунньуу;
– чааһынай дьиэлэртэн күрдьүллүбүт хаары таһынааҕы территорияларга, ол иһигэр уулуссаҕа, дьон уонна массыына сылдьар сиригэр, суолга уонна тротуарга мунньан туруу.
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай хонтуруол уорганын сэрэтиитин кэнниттэн туруоруллубут болдьоххо сокуону кэһиилэр туоратыллыбатахтарына, Арассыыйа Федерациятын административнай кэһиилэр тустарынан 2001 сыл ахсынньы 30 күнүнээҕи 195-ФЗ №-дээх Кодексын 19.5 ыстатыйатын 1-кы чааһынан административнай эппиэтинэс көрүллэр. Ол курдук, гражданнарга административнай ыстараап кээмэйэ 300 солкуобайтан 500 солкуобайга диэри; дуоһунастаах сирэйдэргэ – 1 тыһыынчаттан 2 тыһыынча солкуобайга диэри эбэтэр үс сылга диэри дисквалификация; юридическай сирэйдэргэ – 10 тыһыынчаттан 20 тыһыынча солкуобайга диэри.
Дьокуускай куорат – ыраастык, тупсаҕайдык дьаһанан олоруу территорията.