26.10.2023 | 12:00

Хаары хомуйууга эппиэтинэһи ким сүгэрий?

Хаары хомуйууга эппиэтинэһи ким сүгэрий?
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Суолтан, тротуардартан, элбэх дьон олорор дьиэлэрин кырыыһаларыттан, тэрилтэлэртэн кэмигэр хаары уонна мууһу ыраастааһын – бу күн бүгүн Дьокуускай куорат олохтоохторугар биир сүрүн суолталаах боппуруоһунан буолар. Хаары хомуйуу, тиэйии эбээһинэһин кэмигэр уонна бириэмэтигэр толорботоххо тимир көлө уонна сатыы киһи сылдьарыгар ыараханы уонна мэһэйдэри үөскэтэрэ саарбаҕа суох. Ол уонна да атын кыһалҕалар тустарынан тустарынан биһиги матырыйаалбытыгар ааҕыҥ.

 

Дьокуускай сирин-уотун тупсарыы быраабылаларыгар олоҕуран юридическай сирэйдэр уонна гражданнар куорат бары сиригэр-уотугар, ол иһигэр бэйэлэрин чааһынай дьиэлэригэр ырааһы тутуһар, ону таһынан Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хаар-муус мустуутун ыраастыыры салайар хампаанньалар кэтээн көрөр эбээһинэстээхтэр. Кини бириэмэтигэр хомуйан иһэр эппиэтинэһи сүгэр.

Атыы-эргиэн кииннэриттэн, маҕаһыыннартан уонна да атын коммерческай тэрилтэлэр учаастактарыттан хаары ыраастааһын уонна таһыы хаһаайыҥҥа сүктэриллэр.

Өйдөөҥ! Хаары ыраастааһын уонна тиэйии эбээһинэһин кэмигэр толорбот буолуу харгыстары үөскэтэр, тиэхиньикэ уонна сатыы дьон сырыытыгар мэһэйдэри үөскэтэр. Бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар, куораппытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха!

Хаары таһыы графигын бэйэҕит салайар хампаанньаларгытыгар, ТСЖ уонна салайар территориальнай уорганнарга (быраабалар) чуолкайдыахха сөп.

 

Куорат сулууспалара хаары ыраастыыллар

Киин куорат коммунальщиктара уонна суол үлэһиттэрэ төгүрүк сууккаҕа хаары хомуйан, мууһу ыраастаан туһааннаах дьаһаллары ыыталлар.

Хаар ыраастааһыҥҥа 18 КАМАЗ самосвал, суолу анньар үс грейдер, түөрт МТЗ-82 тыраахтар, суоккалаах икки МТЗ-82 тыраахтар, “Бокбэт” үс мини погрузчик, түөрт улахан погрузчик үлэлииллэр.

“Якутдорстрой” АО үлэһиттэрэ маны сэргэ сүрүн үлэни, прибордюрнай чаастары бөҕөргөтүүгэ, балаһааккалартан уонна тротуардартан хаары ыраастааһыҥҥа, тиэйиигэ үлэ ыыталлар. Алтынньы 18 күнүттэн саҕалаан, барыта 595 кубомиэтир хаар тиэлиннэ диэн “Якутдорстрой” иһитиннэрэр.

Халтарааны утары дьаһаллар чэрчитинэн куоракка 33,5 туонна бытархай таас, ону таһынан 200 кубомиэтирэ өрүс кумаҕын куттулар.

Куорат хас биирдии уокуругар уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ, сатыы дьон сылдьар тротуардарын ыраастыыр үлэлэргэ муниципальнай дворниктар уонна быраабалар бэдэрээттэһэр тэрилтэлэрэ кытталлар. Билигин тротуардары, кыбаарталлар сирдэрин-уоттарын, сатыы сылдьар дьон муосталарын 56 муниципальнай дворник, 38 бэдэрээттэһэр тэрилтэлэр, 10 единицалаах анал тиэхиньикэ уонна 8 кыра харбыыр массыыналар ыраастыыллар. Маны таһынан, куорат сулууспалара оптуобус тохтобулларын күннэтэ кэтээн көрөллөр.

Сэрэниҥ – чараас муус !

Билигин өрөспүүбүлүкэ ууларыгар, күөллэригэр муус үөскээһинэ бара турар, сорох хотугу оройуоннарга муус хайыы үйэ өрүстэри уонна күөллэри бүрүйдэ.

Өрөспүүбүлүкэ Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара профилактическай үлэни ыыталлар: хонтуруоллааһын, холбоһуктаах рейдэлэр, нэһилиэнньэни кытта сэһэргэһии уонна дьарыктаныы, ол иһигэр оҕолору кытта.

Ол курдук соторутааҕыта Дьокуускай куорат Таалай күөлүгэр быыһааччылар оҕолор бөлөхтөрө мууска тахсыыларын тохтоттулар. Кинилэри кытта профилактическай кэпсэтии ыыттылар, өйдөбүнньүк кумааҕылары туттардылар.

“Билигин муус халыҥыы илик, киһи ыйааһынын тулуйарга өссө да ситэтэ суох. Онуоха кырата 7 см. тоҥмут буолуохтаах. Суолларын кылгатар, быһалаары чараас мууһунан хаамыан  баҕалаахтарга санатабыт: манан бэйэҕит суолгутун эрэ буолбакка, олоххутун эмиэ кылгатыаххытын сөп. Төрөппүттэргэ оҕолоргутун хонтуруоллаан көрө-истэ сылдьаргытыгар, сөптөөх сынньалаҥы тэрийэргитигэр, чараас мууска оонньуу ыыппаккытыгар көрдөһөбүт”, - диэн “СӨ быыһыыр сулууспата” ГБУ дьуһуурунай сменатын старшайа Сергей Кривошапкин санатар.

Өйдөөҥ: чараас мууска тахсыы иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөп!

Суһал сулууспаны ыҥырыы биир кэлим нүөмэрэ “112”, СӨ Быыһыыр сулууспатын суһал дьуһуурунай төлөпүөнэ: (4112) 45-90-19.

Хомунаалынай сулууспалары кытта хайдах охсуһабыт?

Салайар хампаанньа өҥөлөрүн төлүүргүтүгэр эһиги кини эбээһинэстэрин толорорун ирдиир бырааптааххыт. Дуогабары үөрэтиҥ, туох иһин төлүүргүтүн билэр туһуттан.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри салайыы үлэтэ РФ олох-дьаһах кодексынан салайыллар. Өскөтүн хомунаалынай сулууспалар эбээһинэстэрин толорбот буоллахтарына, салайар хампаанньаҕа үҥсүҥ.

— Диспетчергэ эрийэн эбэтэр Салайар хампаанньа дириэктэригэр үҥсүү суруйан;

— Роспотребнадзорга, Олох-дьаһах инспекциятыгар суруйан;

— Прокуратураҕа тиийэн;

— Суукка үҥсүү түһэрэн;

 

Диспетчер сулууспата

СХ диспетчеригэр кыһалҕаҕытын кэпсээҥ. Маныаха элбэх киһи олорор дьиэтигэр туох эрэ саахал тахсыбыт эбэтэр атын да онно сибээстээх ыйытыы буолуон сөп.

 

СХ дириэктэригэр үҥсүү

Онно туох баар кыһалҕалары суруйуҥ, дуогабар кэһиллибит пууннарын ыйыҥ. Биричиинэлэринэн хаачыстыбата суох өҥөлөр, сөбүлэҥҥэ сурулла сылдьар өҥөлөр толоруллубаттара буолуон сөп.

 

Олох-дьаһах инспекцията

Икки өттүттэн эйэлээхтик быһаарыы ньымалара Салайар хампаанньа өттүттэн көмөлөспөт буоллахтарына, Олох-дьаһах инспекциятыгар үҥсүүтэ суруйуҥ, манна олорор дьиэ техническэй туругун кытта сибээстээх боппуруостары көрөллөр.

 

Роспотребнадзор

Өскөтүн дуогабар ханнык эрэ пууна толоруллубат буоллаҕына, бастаан утаа тэрилтэҕэ боппуруоһу быһаччы быһаарарга холонуҥ, оттон СХ аккаастаннаҕына эрэ Роспотребнадзорга барыҥ.

 

Прокуратура

Олох-дьаһах инспекцията да, Роспотребнадзор даҕаны эһиги кыһалҕаҕытын быһаарбатаҕына, прокуратураҕа барыҥ. Салайар хампаанньаҕыт уонна госуорганнар дьайыыларын, туох да хамсааһын тахсыбатаҕын үҥсүҥ. СХ лицензията суоҕун эбэтэр болдьоҕо ааспытын, хомунаалынай өҥө тарыыптара үрдээбитин туһунан уо.д.а.

 

Олорор сиргинэн оройуоннааҕы суут

Суукка үҥсүү киллэриэҥ иннинэ, кыһалҕалары быһаарыы бары ньымаларын боруобалаабыккын итэҕэй. Суукка чектэри, квитанциялары, суруктары, үҥсүүлэриҥ куоппуйаларын, хомунаалынай төлөбүрдэр куоппуйаларын, почта иһитиннэриилэрин, социальнай ситимҥэ суруйсубуккун бэчээттээн таһааран биэрэргин умнума.

 

Салайар хампаанньаттан аккаастаныы

Саҥа салайар хампаанньаны кытта дуогабар оҥорсуоххун эбэтэр ТСЖ тэриниэххин сөп. Өскөтүн дьиэҕэ 30-тан аҕыйаҕа суох кыбартыыра баар буоллаҕына, бэйэҕит салайынан, мунньахтаан, сөбүлэһэн ОДьКХ боппуруоһун быһаарыаххытын сөп.

Бас билээччилэри кытта мунньахта тэрийиҥ уонна Салайар хампаанньаны кытта дуогабары тохтотууну куоластааһын түмүгүн кытта Олох-дьаһах инспекциятыгар уонна СХ ыытыҥ. Быһаарыы 50 бырыһыан киһи куолаһын биэрбит буоллаҕына ылыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...