05.11.2022 | 16:00

Хаарга хаанынан суруйбут

Хаарга хаанынан суруйбут
Ааптар: Афанасий МАКСИМОВ — Көрдүгэн.«Байанай утары ууммутун...» кинигэтиттэн
Бөлөххө киир

Уус Алдан улууhун уонна өрөспүүбүлүкэ аатырбыт сүүрүгэ, доҕорбут Иван Семенович Румянцев аҕата Алдан өрүс уҥуор бултуу сылдьар кэмигэр үүтээнигэр киирэн хорҕойбут торҕоннообут эhэ соhутан үрдүгэр саба түспүт. Сытыы дэгиэ тыҥыраҕынан кэтэҕин аhыттан ылан, тириитин саралыы тардан сирэйигэр саба быраҕан баран, ситэ кыайбакка, сонно сиэбэккэ куоппут.

Сэмэн лаппа кыанар, бэрт сытыы-хотуу, сүрдээх үлэhит, ааттаах булчут эбитэ үhү. Эhэни кытта кыhыл илиинэн өлөр-тиллэр киирсиигэ, киhитэ кини буолан, даамын биэрбэтэх. Yүтээнигэр сытан син биир киhи буолбатын санаан, бу эрэйдээх төбөтүн тириитин сирэйиттэн өрө ньиккэрийэн, сыhыарбыта буолан баран, үүтээниттэн көс курдук олохтоох булчуттарга баран иhэн аара охтубут. Ол да өлөөрү сыттар, доҕотторун санаан хаарга «Эhэ баар. Сэрэниҥ!» диэн суруйан хаалларбыт. Хас да хонук ааспытын кэннэ өлбүт доҕордорун булан, дьиэтигэр аҕалан кистээн баран, Чагдаайы булчуттара торҕоннообут эhэни бултаhарга соруналлар. Кинилэргэ бу кэпсээн биир дьоруойа Михаил Лугинов-Таппаныйа, оччотооҕу биhиги быыкайкаан «Күөх Көрдүгэн» холкуоспут каадырабай булчута, кыттыhар. Булчуттар бэhиэ буолан хас да ыттаах били кыылы суоллаан, Сэмэн үүтээниттэн көс аҥаара сиргэ турар кэбиhиилээх оту дьөлө хаhан сытарын булаллар. Ахсынньы ый бүтүүтэ буолан баран, наhаа тымныыта, тумана суох күн эбит. Икки харса суох ыттара окко эhэ баарын билэн, бокуойа суох үрэ-үрэ тула сүүрэкэлээбиттэр. Сорохторо куттанан, дьоҥҥо сөрүөстэ сылдьыбыттар, окко чугаhыы-чугаhыы төттөрү ыстанааччылар эмиэ бааллара үhү. Булчуттар сааларын бэлэм тутан, оту төгүрүйэн турбуттар. Yс киhи харабыыннаах, икки киhи сүнньүөҕүнэн иитиллибит доруоп саалаах эбиттэр. Эhэлэрэ тута ыстанан тахсыбатах, от иhигэр ырдьыгыныыра олус суостаахтык ньирилээн олороро үhү.   

Биир кэмҥэ били харса суох ыттара эhэ киирбит сиригэр олус чугаhаабыттарыгар кыыллара кинилэри эккирэтэн, бу бурҕайан тахсыбыт. Бэлэм турар дьон ытыалаан субуруппуттар. Ким таппыта-таппатаҕа биллибэт, кыыллара, хатан үлүгэрдик часкыйаат, отугар төттөрү ыстанан киирбит. Ыттар, дьэ, харса суохтарыгар түhэн, бары от тула сүүрэкэлии, ырдьыгыныы сылдьыбыттар. Арай кыыллара баара-суоҕа биллибэт буолан хаалбыт. Дьон эр ылан, окко улам чугаhаан кэлбиттэр. Ыттара эмиэ хорсуннарыгар түhэн, эhэ киирбит хайаҕаhыгар киирэн мадьыктаhаллара, убахтыыллара иhиллибит. Сотору буолан баран, хайыы-үйэ өлөн хаалбыт эhэни соhон таhаарбыттар. Булчуттар дьэ уоскуйан, көлөhүннэрин соттон, табахтаан, уот оттон, чэйдээн баран, кыылы астыырга сүбэлэhэллэр. Аhыы олорон кыратык холуочуйбут Таппаныйа, өлө сытар эhэни көтөҕөн ыла-ыла, сиргэ быраҕаттаабыт: «Бачча аччыгый буола-буола, биhиги доҕорбутун сиэбиттээххин-баҕастааххын! Тоскун ыллыҥ дуо?!» — дэтэлээбит. Онуоха биир аҕа саастаах киhилэрэ: «Кэбис, Мэхээлэ, мээнэ тыллаhыма. Тыыннааҕар киниттэн ордук сымса, күүстээх, дьулаан кыыл биhиги дойдубутугар суох. Кырдьаҕаhы сэниир сэттээх-сэмэлээх буолуо», — диэбит. Ити итинэн ааспыт.  

Эhиилигэр Таппана Мэхээлэ (Таппаныйаны ардыгар итинник ааттыыллара) биhиги дьукаахпыт Иэп Сивцевтиин холкуостарыгар түспүт түhээни толоро, эмиэ Алдан өрүс уҥуор түүлээхтии тахсыбыттар. Бултара үксэ тииҥ, куобах, кырынаас, солоҥдо эбит. Ахсынньы саҥатыгар биир ыраас тымныы күн, сиргэ хаары уулаан чэйдээн баран, күн ортотун ааhыыта туhахтарын, хапкааннарын кэрийэ, иккиэн туут хайыhарынан хаамсан испиттэр. Таппаныйа отучча хаамыы инникилээн испит. Таhынан сомуоктаах икки уостаах уон икки халыыбырдаах ТОЗ саатын санныгар сүгэн, сарсыарда ытан ылбыт икки тииҥин куругар иилинэн, суол таhааран, холкутук баран испит. Кини уҥуоҕунан бөдөҥ, лаппа кыанар киhи этэ. Оттон Иэп (дьиҥинэн, Лев диэн нууччалыы ааты киhи барыта сахатытан Иэп диирэ) орто уҥуохтаах, тыллаах-өстөөх, нууччалыы бэрт ыраас хааннаах, сэргэх сэбэрэлээх, сытыы сирэйдээх-харахтаах, эмиэ Таппана курдук элбэх оҕолоох киhи этэ. Кини халыҥ уостаах туоhапка саатын сүгэн испит. Yүтээннэрэ көстөн ордук сиргэ, кыра күөллээх үрүйэ үрдүгэр, сэдэх мастар быыстарыгар турар. Арай бу истэхтэринэ, кэҥэс соҕус ырааhыйа нөҥүө өттүттэн биир сүрдээх улахан эhэ, хара хааhаҕы быраҕаттаан эрэр курдук, кинилэр диэки сүүрэн үллэрэҥнээн иhэр эбит. Таппаната: «Эhэ иhэр!» — диэн хаhыытаабытынан, саатын эhэ охсон ылбыт, икки сомуогун туруорбут уонна быыс булан аҥаар хайыhарын эрэ устубут. Эhэ айаҕын кытарчы аппытынан, туох да тохтоло суох киhи үрдүгэр ыстанан кэбиспит. Мэхээлэ буоллаҕына саатын уоhун кыыл айаҕар аспытынан, хайыhара суох атаҕынан хаартан тирэнэ-тирэнэ, күүhэ баарынан тэйиччи анньа, дьүккүhэ турбут. Тымныы тоҥ тимиргэ бэлэhин сиэппит, тыынын харыстанан өлөрүнэн мөхсүбүт тэтиэнэх киhи күүстээх анньыытыттан ииригирэ ыалдьыбыт дьулаан кыыл, иhин түгэҕиттэн суостаахтык хардьыгыныы-хардьыгыныы, уҥа-хаҥас илгистэ, өрө мөхсө сылдьыбыт. Иэп буоллаҕына хайыhардарын уhулута тэбиэлээн, саатын уоhуттан тутан баран, эhэ кэллэҕинэ луоhунан охсоору кэтэhэн, ол дьулаан хапсыhыыны ыраахтан көрөн турбут. Өйүгэр хаhан эрэ биир эбэҥки булчута: «Эhэни туоhапканан тыын сиригэр таба ыппатаххына, олох да бэйэҕин былдьатыаххын сөп. Ол кэриэтэ тэтиэнэх киhи төбөҕө саайан дөйүтүөн сөп», — диэбитэ охсуллан ааспыт. Ол икки ардыгар аҕыйах сөкүүндэ ааспыт: эhэ биирдэ өрө хардьыгыныы түhээт, туора илгистиитигэр Таппана Мэхээлэ саата туспа, бэйэтэ туспа, аҥаар хайыhара туспа эhиллэн хаалбыттар. Эhэ буоллаҕына оргууй аҕай тохтоон, бүтүн бэйэтинэн эргиллэн өстөөҕүн диэки өhүөннээҕинэн көрөн олорбохтуу түhэн баран, ыраас сири туораан ойуурга киирэн хаалбыт.   

Таппана хаартан оронон туруутугар Иэбэ тиийэн кэлбит. Иккиэн салҕалас буола куттаммыт дьон, маҥнай утаа туох да кэпсэтиитэ суох сааларын туппахтыы, хаарга тэпсэҥнии сылдьыбыттар. Онно өйдөөн көрбүттэрэ, Таппана саатын уоhа өҕүллэн хаалбыт уонна икки сомуога тура сылдьаллара үhү. Ол анньыалаhыы, хадьыктаhыы бириэмэтигэр, саатар, алҕаска да эстэн, эhэни истэри-үөстэри биирдэ тоҕо тэбиэн сөп эбит да, хаhан наадаҕа эстибэтэх... Оттон Таппана Мэхээлэ курдук тэтиэнэх, харса суох киhи, ол дьулаан кыыл суоhуттан өйүттэн тахсан, саатын чыыбыhын тардыталаан кэбиспэтэх буоллаҕа...  Бу торҕоннообут эhэни ким да бултаhарга санамматах. Хата, олохтоох булчуттар Таппаныйалаах Иэби: «Ол тохтоон олорон эhигини эргиллэн көрбүт буоллаҕына, хайаан да эргиллэн туох эрэ куhаҕаны оҥорорго санаммыт буолуохтаах», — диэн сэрэппиттэр. Ол иhин Таппаныйалаах ый курдук кэмҥэ бэркэ сэрэнэн сылдьыбыттар. Хата, барыта этэҥҥэ ааспыт. Биир тайахтаах, балачча элбэх атын кыра бултаах Ороhуоспа саҕана дьиэлэригэр эргиллэн кэлбиттэрэ. Оччотооҕуга булчуттар ыраахтан кэлиилэрэ улахан бырааhынньык курдук буолара. Биhиги дьиэбитигэр эмиэ Иэп аҕалбыт тайаҕын этин, чанкытын силиитин сиэн-аhаан, үөрүү-көтүү бөҕөтө этэ. Иэп оруобуна ол суостаах эhэҕэ хайдах түбэспиттэрин кэпсии олордоҕуна, таhынааҕы Таппаныйалартан биир киhи сүүрэн киирэн аҕабар: «Дьэ, Нээстэр, алдьархай буолла. Бырааhынньыктыы олордохпутуна Таппаныйалар алта саастаах Катялара, сибилигин оhохтон оргуйан тахсыбыт чаанньыктан уу иhээри, тумсуттан оборон күөмэйин сиэттэ. Бэрт түргэнник Дүөндүгэ балыыhаҕа илдьэ охсор үhүгүн», — диэн ынырык сонуну иhитиннэрдэ. Аҕам оччотооҕуга холкуос бэрэссэдээтэлэ, ааттаах сүүрүк сылгылааҕа. Онтун көлүйэ охсон оҕону балыыhаҕа илдьэн истэҕинэ, кыысчаан барахсан тыына аара суолга быстыбыт. Мэхээлэ сордоох кыыhын аhыйан ытыы-ытыы: «Хара кырыыстаах тыатааҕыны кыайан өлөрбөккө, бу оҕом сыыhын сиэппит абаккабын!» — диэн биhиэхэ киирэн суламмыта, дьэ, сүрдээх суол этэ. Мин, ол саҕана эмиэ биэстээх-алталаах бэдик, дьиэ таhыгар бииргэ оонньуур кыыспын аhыйан уонна улахан дьонтон куттанан, ийэм кэннигэр сөрүөстэн туран ытаан сыҥсыйарбын өйдүүбүн. Кэлин улаатан да баран бу дьулаан кэпсээни дьоммуттан да, Таппана Мэхээлэттэн бэйэтиттэн да, хаста да истэн турабын. Ол аайы бэлэhин тоҥ саа тимиригэр дьукку астарбыт, торҕоннообут эhэ чахчы өhүөннээн, өстөөҕүн баар-суох маанылаах кыра кыыhын күөмэйин оргуйбут итии ууга сиэтэн өhүн-сааhын ситистэҕэ диир санаам өссө бигэргииргэ дылыта. Улахан булду, хара тыа адьырҕатын көрөн туран солуута суох тылланыы, сэнээhин, киhиргэнии, кырдьык да ыар иэстэбиллээх. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...