04.02.2021 | 18:45

Хаардаах кыһын эбии үбүлээһини эрэйэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһылык эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев куорат уокуруктарын уонна таһынааҕы нэһилиэктэрин санитарнай туруктарын туһунан мунньаҕы иилээн-саҕалаан ыытта.

Бэбиэскэҕэ хаары ыраастааһын, анал туочукалартан кытаанах бөҕү тиэйиини хонтуруоллааһын, бастыҥ салайар хампаанньалары быһаарыы уонна ыраастааһын үс ыйыгар бэлэмнэнии боппуруостара көрүлүннэ. 

Евгений Григорьев дьиэлэр үрдүлэриттэн уонна таһынааҕы сирдэриттэн хаары ыраастааһыҥҥа салайар хампаанньалары кытта үлэни күүһүрдэргэ соруйда. “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” муниципальнай хааһына тэрилтэтин хаары тиэйиигэ, саас ууну хачайдыырга эбии үбүлээһиҥҥэ этии киллэрэригэр дьаһайда. Ону таһынан бастыҥ көрдөрүүлээх салайар хампаанньалар рейтиннэрин оҥоруҥ диэтэ.

Быйыл киин куоракка хаһааҥҥытааҕар да хаардаах  кыһын буолла. 2020 сылга хаар полигонугар 566 тыһыынча куб.миэтэрэ хаар тиэйиллибит. Оттон 2019 сылга – 428 тыһыынча. Кэнники уон сылга ортотунан 300-350 тыһыынча куб.миэтэрэ хаар ыраастанар эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...