17.07.2023 | 10:33 | Просмотров: 517

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү икки бырагырааманан ыытыллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ Дьокуускай куоракка икки улахан бырагыраама үлэлиир - «2019-2025 сылларга гражданнары хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү» өрөспүүбүлүкэ бырагырааматын таһынан 150 мөл. солк. бүддьүөттээх муниципальнай аадырыстаах бырагыраама. 
Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент дириэктэрин солбуйааччы Вадим Семёнов иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр чуолаан муниципальнай бырагыраама суотугар көһөрүллэллэр. Холобура, 17-с кыбаартал үс дьиэтэ - Жорницкай уул., 19 уонна, 21, Пионерскай уул., 13 - дьиэлэрэ - бу бырагырааманан көһөрүллүбүттэрэ. Ол курдук, холобура, Жорницкай уул., 19 дьиэтин тымныы маҥнайгы этээһигэр хааччыллыыта суох үс хостоох кыбартыыраҕа олорбут Зоя Антонова муниципальнай бырагырааманан Свердлов уул., 18 икки хостоох толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа көһөн, куорат салалтатыгар махтала муҥура суох. 
Үөһээ бэлиэтээбиппит курдук, муниципальнай бырагырааманы сэргэ өрөспүүбүлүкэ бырагырааматынан билигин 162 саахалланар туруктаах дьиэ көтүрүллүөхтээҕиттэн бүгүҥҥү туругунан 60 дьиэ олохтоохторо номнуо саҥа толору хааччыллыылаах кыбартыыра хаһаайыттара буолан олороллор.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.