Хаарбах дьиэттэн көһүү иккис түһүмэҕэ түргэтиэҕэ
Эһиил, 2023 сылга, Дьокуускайга бырагыраамаҕа киирбэтэх хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүү саҕаланыаҕа. Үбүлээһин Федерация сэбиэтин кэмитиэтин өттүттэн сөбүлэҥи ылан турар.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ Арассыыйа регионнарыттан саамай улахан тэрээһин – гражданнары хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата олоххо киирэр. 2025 сыл бүтүөр диэри 61,7 тыһыынча гражданнары көһөрүү уонна 1,1 мөл кв. м. иэннээх хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүү былааннанар. Саха сирин үрдүнэн 8,2% итинник дьиэ баар», – диир Ил Дархан Айсен Николаев.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга этэринэн, киин куоракка иккис түһүмэх чэрчитинэн, 162 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн көһүөхтээхтэр. 2022 сыл бүтүөр диэри саҥа 8 элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киириэхтээх, итиннэ гражданнары көһөрөргө 616 кыбартыыра атыылаһыллыбыт. Бырагыраама 92% кэриҥэ туолуохтаах, хаалбыт хаарбах дьиэлэртэн 2023 сыл бүтүөр диэри көһөрүөхтээхтэр.
Ити курдук, киин куоракка былаан болдьоҕун иннинэ туолуохтаах. Үһүс түһүмэххэ 2017 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит 192 дьиэ киириэхтээх, 7 тыһыынча кэриҥэ киһи дьиэнэн хааччыллыахтаах. Ити түһүмэх, болдьоҕун иннинэ, 2023 сылтан саҕаланыахтаах.
2017 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн уопсайа 2 479 элбэх кыбартыыралаах дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллибит, ол иһигэр Дьокуускайга – 855.