19.06.2020 | 11:47 | Просмотров: 507

Хаарбах дьиэлэри чинчийиигэ 2 мөл. солк көрүлүннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга хаарбах дьиэлэри көтүрүү салҕанан бара турар. Дьиэ-уот сыһыаннаһыытыгар департамент 2019-2025 сылларга үлэлиир өрөспүүбүлүкэтээҕи тус сыаллаах бырагырааманы олоххо киллэрэр.

Билигин Дьокуускайга 603 хаарбах туруктаах элбэх кыбартыыралаах дьиэ баара биллэр. Дьиэ хаарбах туруктааҕын РФ Бырабыыталыстыбатын 17 нүөмэрдээх 2006 с. тохсунньу 28 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран быһаарыллар.

“Сокуон ирдэбилигэр тирэҕирэн, быйыл 41 дьиэ хаарбах туруктааҕа бэлиэтэннэ. 2019 сыллаахха 197 дьиэ этэ, 2018 с. – 109 дьиэ, 2017 с. – 99 дьиэ этэ. 2012 сыллаахтан 2017 сыллаахха диэри хаарбах туруктааҕынан 157  дьиэ билиниллибитэ”, - диэн Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын салайааччыта А.Новолоков кэпсээтэ.

Санатан эттэхэ, 2012-2017 сылларга хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн дьону көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар. Бу дьиэлэр бары көтөрүллэн, дьон саҥа дьиэлэммитин эрэ кэннэ, 2017 сылтан саҕалаан учуокка турбуттар дьиэлэрэ көтүрүллэн барыаҕа.

Олорор дьиэлэри хаарбах туругун быһаарары тэтимирдэр туһугар, куорат дьаһалтата быйыл эбии 2 мөл. солк тыырда. Бу үбү дьиэлэр фундаменнарын, тутууларын чинчийиигэ ыытыахтара.

djoyakutsk.ru сайтка киирэн 2012-2020 сылларга көтүрүллэр дьиэлэр испииһэктэрин киирэн билсиэххэ сөп. Сайтка киирэн: “Отдел учета жилищного фонда” / “Списки” / “Список аварийных многоквартирных жилых домов на территории городского округа «город Якутск» баттыыгыт.

Олорор дьиэҕитин хаарбах туруктааҕынан билинэргэ Дьиэ-уот сыһыаннаһыытын департаменыгар маннык докумуоннары тиэрдиэхтээххит:

а) дьиэ хаарбах туруктааҕын, көтүрүллүөн сөптөөҕүн туһунан кэллэктиибинэй сайаапка;

б)  дьиэни бас билии туһунан докумуоннар куопуйалара;

в) анал тэрилтэ чинчийиитэ, быһаарыыта.

Докумуоннары Дзержинскэй уул, 21, каб. 47, бэнидиэнньик-чэппиэр, 9:00 - 17:00 ч., (Эбиэт: 13.00-14.00 ч.) туталлар , төл: +7(4112) 22-60-49 .

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

«Атынан айан» бырайыак оҕолору олоххо бэлэмниир
Сонуннар | 18.04.2026 | 15:08
«Атынан айан» бырайыак оҕолору олоххо бэлэмниир
Элбэх саха ыала сарсыардааҥҥы сандалытын тула олорон «Саҥа күн» биэриини көрөр диэтэхпинэ, улаханнык сыыспатым буолуохтаах. Мин эмиэ Амма Эмис нэһилиэгэр ураты дьарыктаах ыал туһунан биэриини сэргии көрөн, олохтоох оскуолаҕа сибээскэ тахса сырыттым.
Спортивнай албан аат түмэлэ
Сонуннар | 21.04.2026 | 14:05
Спортивнай албан аат түмэлэ
«Түмэл киэн туттар экспоната» бырайыакпыт бүгүҥҥү ыалдьыта – Чурапчытааҕы Д.П. Коркин аатынан Спортивнай албан аат музейа.
Музей – билии-көрүү сирэ
Сонуннар | 18.04.2026 | 07:00
Музей – билии-көрүү сирэ
Арассыыйаҕа – Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура сылларынан «Киин куорат» таһаарыы  «Түмэл сэдэх экспоната» бырайыагы тохсунньу ыйтан саҕалаабыта.
Үйэ кэрэһитэ – ийэ фотоальбома
Сонуннар | 21.04.2026 | 08:00
Үйэ кэрэһитэ – ийэ фотоальбома
Муус устар 17 күнүгэр Покровскай куорат кииннэммит улуус библиотекатыгар киһи долгуйа истэр тэрээһинэ буолан ааста.  Бу туһунан сиһилии «Киин куорат» таһаарыыга анаан кэпсэтиибитин сэргээҥ-сэҥээриҥ.