25.04.2024 | 14:00

Хаанна туттаран — киһи олоҕун быыһыахха

2007 сылтан муус устар 20 күнүгэр Арассыыйаҕа Донор национальнай күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн, бастатан туран, хаан туттаран, дьон олоҕун быыһыыр дьоҥҥо ананар.
Хаанна туттаран — киһи олоҕун быыһыахха
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Хааны туттарыы сыаната төһөнүй?

Саха сиринээҕи хаан туттарар сулууспа кылаабынай бырааһын солбуйааччы  Евгений Обутов:

Бастакы туттарыыга 1 255 солк. төлөнөр, үс ыйынан иккистээн туттарар буоллаҕына, уопсайа 3 122 солк. буолуон сөп. Бочуоттаах донордарга араас чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Бочуоттаах донор аатын 40-тан тахсата хаан эбэтэр 60-тан тахса төгүл хаан убаҕаһын туттарбыт киһи ылар. Хааны уонна плазманы туттарыыны иккиэннэрин холбуохха эмиэ сөп, оччоҕуна уопсайа 60-тан тахса төгүл буолара ирдэнэр,– диэн Евгений Обутов бэлиэтиир.

Хааны ким туттарыан сөбүй?

Хааны 18 сааһын туолбут уонна 50 кг итэҕэһэ суох ыйааһыннаах киһи туттарыан сөп. Онкологическай, инфекционнай (сэллик, гепатит, ВИЧ уо.д.а.), психическэй уонна сүрэх-тымыр ыарыылардаах киһи хаан туттарара көҥүллэммэт. Маны таһынан, хаан туттарааччы этигэр-сиинигэр «татуировка» оҥорторон баран эпэрээссийэлэммит эбэтэр араас инфекциянан ыалдьыбыт түгэнигэр, хаанын өр бириэмэ ааспытын кэннэ биирдэ туттарар бырааптаах. Болдьох кээмэйэ үс ыйтан саҕалаан биир сылга тиийэ уһуон сөп.

 

Донор тугу билиэхтээҕий?

Процедура иннинэ хас биирдии донорга босхо медицинскэй чинчийии ыытыллар: терапевт быраас кэтээн көрөр уонна лабораторнай анаалыстар ылыллаллар. Өскөтүн донор чөл туруктаах буоллаҕына, хаанын туттарарыгар көҥүл ылар. Хааны туттарыах иннинэ бу аҕыйах быраабыланы тутуһар ордук:

Ас

Хаан анаалыһын туттарыах иннинэ сыалааҕы, ыһаарыламмыты, аһыыны аһыыр көҥүллэммэт. Ону таһынан үүт аһылыктан, сымыыттан уонна эриэхэттэн аккаастанар ирдэнэр. Белок уонна сыалаах-арыылаах ас хаан компоненнарга арахсарыгар, хаан чинчийиитин ыытарга мэһэйдиир. Ол оннугар арыыта суоҕу, оҕуруот аһын эбэтэр фрукта сиир ордук.

Утах

Анаалыс туттарыах иннигэр элбэх уу иһэр ордук. Уу хааны сымнатар. 

Эмп-томп

Хаан туттарааччы бүтэһик икки нэдиэлэҕэ антибиотиктартан аккаастанара ирдэнэр. Ону тэҥэ үс суукка иһигэр аспириннаах препараттарынан туттуо суохтаах. Кинилэр хааны убаталлар.

Үгэстэр

Хааны туттарыах икки күн иннинэ арыгы иһэртэн, табах тардартан туттунар ирдэнэр. Арыгы хаан сыатын частицаларын үрдэтэр, ол туспа компоненнары туруорарга мэһэйдиир. Оттон никотин эритроцит ахсаанын эмискэ элбэтэр, лейкоциттар таһымнара түһэр — бу хаан сымнаҕаһыгар улаханнык сабыдыаллыыр.

Эрэһиим

Анаалыс туттарыах иннинэ үчүгэйдик утуйуохха наада, тоҕо диэтэххэ  уутун хамматах донор процедура кэмигэр өйүн сүтэриэн эбэтэр төбөтө ыалдьыан сөп.

 

Процедура кэнниттэн тугу гынабыт?

Биллэн турар, сынньалаҥ уонна уоскулаҥ ирдэнэр! Дьэ, ол эрэн чопчу тугу гыныахха сөбүй?:

Бастатан туран, хаан туттарыы кэннэ 10 мүнүүтэттэн итэҕэһэ суох олоро түһэр ирдэнэр, күн устата ыарахан ноҕоруускалартан куотунабыт.

3-4 чаас табахтаабат ордук. Тоҕо диэтэххэ тыҥабытыгар никотин киириитэ буортулаах.

Үс күн толору иҥэмтэлээх аһынан аһыыр ордук, элбэх уута иһиҥ. Оччоҕо сэниэ-уох киирэр. Аһыы утахтан туттунуҥ. Организмы түргэнник чөлүгэр түһэрэргэ элбэх тимирдээх (железолаах) ас туһалаах, оччоҕо гемоглобин таһыма үрдүүр. Холобур, эт, чечевица, балык, куруппа, дьаабылака, гранат.

Ханнык эрэ бириэмэҕэ мэйии эргийиитэ күүһүрэр, бу түгэҥҥэ суһаллык бырааска этэр ордук. Үгэс курдук, бу хаан эргиириттэн тахсар. Өскөтүн дьиэҕитигэр тиийэн баран мөлтөөбүт түгэҥҥитигэр,  атаххытын өрө көтөҕүҥ уонна сискитигэр сытан сынньаныҥ.

 

Хааны хаста туттарыахха сөбүй?

Медицина үлэһиттэрэ этэллэринэн, эр дьон сылга – 5-тэ, дьахталлар 4-тэ туттарыахтарын сөп. Итинтэн элбэхтэ туттарыы доруобуйаҕа охсуулааҕа саарбаҕа суох. Хаан туттарыытын кэнниттэн организм 120 күнүнэн чөлүгэр түһүөхтээх.

 

Хааны туттарааччылар. Кинилэр кимнээхтэрий?

Быраабыла быһыытынан, бу орто саастаах, киппэ көрүҥнээх, үрдүк уҥуохтаах дьон.

Үксүн быраастар, медицинэ үлэһиттэрэ, донордааһын суолтатын өйдүүр дьон буолаллар. Ол иһигэр медицина үөрэҕин кыһаларын устудьуоннара уонна үлэһиттэрэ киирэллэр.

Иккис бөлөх – ЫБМ, ИДьМ эйгэтин үлэһиттэрэ, итии туочукаларга сулууспалаабыт байыаннайдар. Кинилэр «олох иһин охсуһуу” уонна “хаан сыаната” диэни эттэринэн-хааннарынан билэллэр.

Үһүс бөлөх – араас идэлээх, туруктаах дьон. Боростуой үлэһит да, бөдөҥ тэрилтэ салайааччыта да буолуон сөп.

 

Донордааһын туһунан интэриэһинэй чахчылар

Хас биирдии хааппыла хаан ким эрэ олоҕун быыһыырын туһунан омуннааһына суох этиэххэ сөп.

«Донор» диэн латыын тылыттан «бэлэхтээ» диэн тылбаастанар. Донор хааныгар наадыйааччы медицинэ тылынан «реципиент» дэнэр.

Улахан киһи организмыгар ортотунан 5,5 лиитэрэ хаан баар. Бастакы хаан туттарааччыттан  быһа холоон 350-450 мл ылаллар.

Аан дойдуга саамай биллиилээх донор олоҕун устата 500 лиитэрэ хааны 624 төгүл туттарбыт.

Элбэхтэ хаан туттарар дьон сүрэх-тымыр ыарыыларынан эмсэҕэлээбэттэр уонна да атын алдьархай тахсар да түбэлтэтигэр, хаан тохтуутун чэпчэкитик тулуйаллар. Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин дааннайынан, хааны мэлдьи туттарар дьон ортотунан 5 сыл кэриҥэ олохторо уһуур.

Нэһилиэнньэ 10-15 %-на донор буолуон сөп, ол гынан баран хааны туттарар дьон уон төгүл аҕыйах. Холобур, Саха сиригэр 10 тыһ. тахса донор баара биллэр.

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр донор ахсаана 5,5 мөл. киһиэхэ тиийбит.

 

Анна Слепцова: «Элбэх киһи олоҕун быыһыыбыт»

Анна Слепцова, Арассыыйа бочуоттаах донора:

Мин 1965 с. Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө Томтор бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына ийэм: «Баҕар, кырдьар сааспытыгар ыарыһах буолан хаалыахпыт, медицинэ эйгэтигэр барарыҥ буоллар”,- диэбитэ. Ол курдук 1980 с. Алдан куоратыгар медицина колледжыгар үөрэнэ киирбитим. Үөрэнэ сырыттахпытына куонкурус буолбута, улуустааҕы балыыһа кылаабынай сиэстэрэлэрэ куоталаспыттара. Хирургия отделениетыттан  Валентина Николаевна диэн бастакы миэстэ буолбут сиэстэрэни көрөн бараммын, кини курдук буолуохпун баҕарбытым. Тутатына балыыһаҕа тиийэн, үлэҕэ ылыаххыт этэ дуо диэн сураспытым. Ол бириэмэҕэ оруобуна үлэһит тиийбэт эбит, миэстэ баар буолан биэрбитэ. Баара-суоҕа устудьуон киһи, оҕо буоллаҕым дии... операционнайга үлэлии киирэбин, санитарынан. Онно сылдьан наһаа улахан уопуту ылбытым. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан быдан элбэх уопуту иҥэриммитим диэххэ сөп. Ол сырыттахпына массыына саахалыгар түбэспит эдэркээн кыыска суһаллык хаан наада буолбута. «Хас саастарыттан көҥүллэнэрий” диэн ыйыппыппар, “16 саастарыттан” диэтилэр быһыылааҕа. Кыысчааны аһынаммын, тыыннаах хааларын туһугар хааммын биэрбитим. Ол кэннэ кэллиэгэлэрим: «Аня, маладьыас, донор буоллуҥ!” диэн эҕэрдэлээбиттэрэ, мантан инньэ дьону быыһыаҥ диэн эппиттэрэ харахпар бу баарга дылы. Онтон ыла, дьон олоҕун быыһаары, сылга иккитэ-хаста хаан туттарар буолбутум. Икки сылы быһа субуруччу туттарбытым.

Кэлин биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри Муома улуустааҕы балыыһатыгар кылаабынай сиэстэрэнэн үлэлээбитим. Муома хоту сытар буолан, хайдах да ыксаллаах түгэҥҥэ хааны түргэнник булар уустук. Ол иһин оччолорго бүтүн сулууспа үлэлиирэ. Биһиги, балыыһа үлэһиттэрэ, онно куруук хаан туттарар этибит. 1983 сылтан 2004 сылга диэри тус бэйэм уопсайа 40-тан тахса киилэни туттаран турардаахпын. Оччолорго хаан туттардаххына кыра да буоллар сакалаат биэрэллэрэ. Оттон итиччэ элбэх хааны туттарбытым доруобуйабар төһө охсубутун оччо-бачча билбэппин. Баҕар, охсуулаах да буолуон сөп. Биир кэмҥэ наһаа элбэх хааны туттаран санаарҕыы сылдьыбыттааҕым, ол эрээри хаан туттарарбын ытык иэс курдук ылынарым.

Ити гынан хас киһи олоҕун быыһаабыппын билбэппин, ол эрэн мин хааным кинилэр олохторун быыһаабытыттан үөрэбин. Кинилэр бэйэлэригэр, кинилэр оҕолоругар, кинилэр сиэннэригэр мин хааным сырыттаҕа...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....