Хаан донордара хаһан баҕарар наадалар
Бэй ыйын 14 күнэ – хаан донорын аан дойдутааҕы күнэ. Коронавирус дьаҥа тарҕаммыт кэмигэр Дьокуускайдааҕы хаан тутар станцияҕа харыстабыл бары миэрэлэрин тутуһаллар, сэрэхтээх буолууну мэктиэлииллэр. Ыраас, чэгиэн хаан хаһан баҕарар наада, ол иһин хаан тутуута тохтообот. Донор буоларга чэгиэн-чэбдик буолар уонна үтүө санаанан сирдэтинэр тоҕоостоох.
Хаан туттарыаххыт иннинэ сыалаах, арыылаах, аһыы уонна ыыһаммыт аһы, үрүҥ аһы, сымыыты, арыыны, сакалааты сиэбэккит. Аччык искэ хаан туттарыллыбат.
Саахардаах чэйи барыанньаны кытта, муорус, хомпуот, минеральнай уу иһиэххитин сөп. Килиэп, суухара, куруппа арааһа, ууга буспут лапса, оҕуруот аһа уонна фрукта (банаантан ураты) көҥүллэнэр.
Хаан туттарыаххыт 48 чаас иннинэ аһыы утаҕы иһэр, 72 чаас иннинэ эмп, аспирин уонна анальгетиктары иһэр, 1 чаас иннинэ табахтыыр бобуллар.
Медиктэр этэллэринэн, киһи организма сарсыарда хааны оҥороро түргэтиир. Онон бастаан туттарар дьон сарсыарда 8.00 чаастан, уопуттаах донордар күнүс 12-гэ туттарыахтарын сөп.
Түүн сүгүн-саҕын утуйбатах буоллаххытына, түүҥҥү үлэ, дьуһуурустуба кэнниттэн кэлимэҥ. Эксээмэн, күрэхтэһии, эппиэтинэстээх үлэ иннинэ донор буоларга дьулуһумаҥ.
Эр дьон сылга 5-тэ, дьахталлар 4-тэн элбэҕэ суохтук хаан туттарыахтарын сөп.
Хаан туттарыы төлөбүрдээх:
- 350/400 мл хаан – 854 солк.
- Эриэккэс фенотиптаах хаан 350 мл – 1062 солк. (400 мл – 1366 солк.).
- Плазма 600 мл – 2561 солк.
- Эритроцит 400 мл – 4268 солк.
- Тромбоцит – 5975 солк.
+ 1 күн сынньалаҥ (уоппуска күнүгэр эбиллиэн сөп).
Хаан тутар Станция Дьокуускай куоракка Петр Алексеев аат. уул. 87 баар. Төлөпүөннэрэ: 8-4112-43-25-78 (Приемнай), 8-4112-43-21-96 (Донордар салаалара).
Хааны туттарарга СНИЛС, ФЛГ, пааспар наада. Улууска пропискалаахтар эмиэ туттарыахтарын сөп.
Үлэ кэмэ:
Бэнидиэнньик – чэппиэр: 8.30 – 12.00 ч.
Бээтинсэҕэ: 8.30 – 11.00 ч.
Суукка устата үлэлиир босхо быһа линия: 8-800-333-33-30