18.04.2024 | 16:00

Хаамааччылар кэккэлэрэ хаҥыыр

Хаамааччылар кэккэлэрэ хаҥыыр
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Доруобуйа күнүгэр анаммыт “Олох устун 10 000 хардыы” Аан дойдутааҕы аахсыйаҕа Дьокуускай куорат үгүс олохтооҕо кытынна. Тэрээһин чэрчитинэн Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын инструктор-методиһа, оҕунан ытыыга спорт маастара Полина Абрамова, “Хотулуу хаамыы” кулууп салайааччыта Матвей Лыткин чэбдигирдэр сэрээккэни, маастар-кылааһы ыыттылар.

Аахсыйа кыттыылаахтарын спорт миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко, Маассабай спорт управлениетын начаалынньыгын 1-кы солбуйааччы Андрей Игнатьев, хаамыы кулуубун салайааччыта Матвей Лыткин эҕэрдэлээтилэр.

Саха сиригэр скандинавскай хаамыыны аан бастаан киллэрэн дьон-норуот биһирэбилин, махталын ылбыт, “Хотулуу хаамыыга” Арассыыйа боруонса призера, спорт салаатын учуонайа Матвей Лыткин хаамааччылар инники кэккэлэригэр сырытта. Матвей Лыткин бэлиэтииринэн, Лео Бокерия диэн аан дойдуга биллэр кардио-хирург хаамыы суолтатын, туһатын өйдөөн, маннык аахсыйаны сылга түөртэ ыытар. Арассыыйаҕа эмиэ бэйэ доруобуйатын көрүнүү, хаамыы политикаҕа кубулуйда. Дойдубут баһылыга Владимир Путин: “Иһэргитин быраҕан, спордунан дьарыктаныҥ, хайыһарга, скандинавскай хаамыыга туруҥ, доруобуйаҕытын тупсарыныҥ”,- диэн ирдэбили туруорда. Тоҕо диэтэххэ чөл доруобуйалаах дьон үөрэхтээһини, экономиканы, аармыйаны бөҕөргөтөллөр, дойду атаҕар чиҥник турар. Оттон Лео Бокерия бигэргэтэринэн, киһи сүрэҕэр-быарыгар саамай туһаны хаамыы биэрэр, ол иһигэр хаалыктаах хаамыы, хотулуу хаамыы икки төгүл туһалаах. Холобура, 10 000 м хаамтахха, хаан баттааһына тупсар. Хаамыы оннук курдук күүскэ дьайар. Япония учуонайдара этэллэринэн, хаамыы киһи күннээҕи сыыһа-халты аһаабытын барытын көннөрөр. Оннук көдьүүстээх.

Хамаанда бэриллэрин кытта сүүһүнэн дьон Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын үөһүн диэки хаампытынан бардылар. Манна баар “Доруобуйа ыллыктара” 1 км эргииртэн саҕалаан, 5 км тиийэ араас уһуннаахтар. Онон сорохтор эрдэ кэлитэлээтилэр. Биэтэккэ кэлбиттэргэ мэтээллэр, сувенирдар туттарылыннылар.

Хаамыы күнүгэр кыттыбыт үгүс дьон санааларын үллэһиннилэр. Сүүрүү-хаамыы көмөтүнэн туруктарын тупсарбыттарын, көхтөөх олоҕунан олороллорун бэлиэтээтилэр. Хайаан да хаамыынан, чэбдигириинэн дьарыктанарга ыҥырдылар.

Тихонова Анна, 86 саастаах үлэ бэтэрээнэ (Ньурба): “Хаамыынан 2014 сылтан дьарыктанабын. Матвей Иванович салайыытынан “Триумфка”, онтон  пааркаҕа сылдьыбыппыт. Лечебнай физкультуранан Маргарита Григорьевна Куличкина салалтатынан “Самородокка” дьарыктаммытым эһиил 15 сыла буолар. Бэйэм 33 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар 80 сааспар диэри үлэлээбитим. Экономиспын. Баҕа санаам – куорат олохтоохторо сэрээккэнэн, хаамыынан дьарыктаналларыгар уонна аһылыктарын көрүнэллэригэр. Мин сарсыарда аайы 6 чаастан Сайсары күөлүм тула хаамабын”.

Марафоҥҥа Арассыыйа элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ Сардаана Трофимова ийэтэ Мария Трофимова: “Хаамыынан дьарыктаммытым 5-6 сыл буолла. Ыйааһыным 86 кг буолбутугар, хамсанарым, тыынарым сүрдээҕин ыараабыта. Оҕолорум “паалка” биэрбиттэрэ уонна “хаамп, ыйааһыныҥ түһүө, оччоҕо ыарыыҥ барыта ааһыа”,- диэбиттэрэ. Инньэ гынан, хаамтым, 20- тахса киилэни түһэрдим. Билигин үҥсэргээбэппин, доруобуйам үчүгэй. Сиһим да ыалдьыбат, атаҕым да ыалдьыбат. Тамалакааҥҥа исписэлииһинэн үлэлээн бараммын, билигин биэнсийэҕэ олоробун. Хайаан да хаамыҥ!”. 

“Саамай аҕам саастаах” бириис хаһаайына 93 саастаах үлэ бэтэрээнэ Егор Артамонов: “Тулаайах, эрэйи, кыһалҕаны билэн улааппыт буоламмын, бэйэбин көрүнэбин, табах-арыгы диэни амсайбаппын. Оскуолатааҕы сылларбар сүрэх ыарыылаах этим. Быраастар спордунан дьарыктанарбын боппуттара. Аа-дьуо сүүрэн барбытым. Ол курдук, 71 сыл сүүрэбин, хаамабын. 53 сааспыттан йоганан дьарыктаммытым. “Дьулуурдарга” сүүрбүтүм. Сүүрүүттэн дуоһуйууну ылабын. Чөмпүйүөн буоларга дьулуспаппын. Бэйэм туспар сүүрэбин. Биэнсийэҕэ олорор буоламмын бириэмэ элбэх. Сүүрүүттэн, хаамыыттан атын дьарыгым суох. “Прометей” кварталыттан “Юность” стадионугар диэри сатыы сылдьабын. Сэрээккэлиибин. Хамсаныы сүрэххэ туһатын биллим. Хаамыҥ-сиимиҥ, аһары эрэ барымаҥ. Харыстаныҥ”. 

Ити курдук, сүүһүнэн куорат олохтоохторо, ыалдьыттар түмсэн хаамтылар, сүргэлэрин көтөхтүлэр. Туруктарын тупсардылар. Үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...