28.05.2021 | 22:28

Хааччахтыыр миэрэлэр бэс ыйын 15 күнүгэр диэри уһаатылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыам ыйын 28 күнүнээҕи ыйааҕынан коронавирус дьаҥынан хааччахтыыр миэрэлэр бэс ыйын 15 күнүгэр диэри уһатылыннылар. Ыйаах бэс ыйын 1 күнүгэр күүһүгэр киирэр. Бу иннинэ хааччахтыыр миэрэлэр ыам ыйын 31 күнүгэр диэри этилэр. 
Ол ыйаахха олоҕуран, дискотекалар, араас саататар, ону сэргэ спортивнай тэрээһиннэр, ол иһигэр пааркаҕа, туристическай баазаларга бобуллубуттара.


Итини сэргэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар оҕолору саататар кииннэр уонна оонньуур хостор үлэлэрэ тохтотуллубута. Бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрин 50% дьиэттэн олорон үлэлиир көрүҥҥэ көспүтэ. 
Ил Дархан ыйааҕынан гражданнар бары уопсастыбаннай тырааныспарга, таксига, атыы эбийиэктэригэр, араас өҥө оҥоһуллар сирдэригэр мааскалаах сылдьаллара ирдэнэр. 
Маны сэргэ Айсен Николаев олохтоохтору маассабай вакцинацияҕа ыҥырда. Эбии пууннар Дьокуускай автовокзалыгар, Аллараа Бэстээх тимир суолун вокзалыгар, култуура тэрилтэлэригэр уонна атыы кииннэригэр аһыллыбыттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...