15.12.2022 | 13:00

Хааччахтааһыннарга бэриниэхтэрэ дуо?

Соторутааҕыта Ил Түмэн дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын биирдиилээн атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуоҥҥа көннөрүүлэри бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу күннэргэ араас таһымҥа үгүс дьүүллэһии буола турар.
Хааччахтааһыннарга бэриниэхтэрэ дуо?
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Билигин хайдаҕый?

Куорат баһылыга Евгений Григорьев этэринэн, өскөтүн сокуон бырайыага ылылыннаҕына, арыгынан эргинэр элбэх “туочука” сабыллыахтаах. Итини предпринимателлэри ыгыы-түүрүү курдук ылыммакка, нэһилиэнньэ үгүс көрдөһүүтүнэн, уопсастыбаннас улахан туруорсуутунан, Олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн ылыллар миэрэ быһыытынан өйдүөхтээхпит.

Билиҥҥи туругунан Дьокуускай куоракка аһыы утаҕынан эргинэр тэрилтэ хас да көрүҥэ баар. Маныаха арыгыны атыылыыр маҕаһыыны уонна уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтин араарыахтаахпыт. Онно, бастатан туран, нэһилиэнньэни пиибэ, сидр, медовуха курдук “чэпчэки” утахтарынан хааччыйар дьоҕус маҕаһыыннар киирэллэр. Иккиһинэн – пиибэни уонна уохтаах утаҕы атыылыыр “лицензиаттар” диэн ааттанар бөдөҥ маҕаһыыннар (ситимнэр); үсүһүнэн – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ – үтүө суобастаахтык үлэлиир рестораннар, кафелар уонна “сымыйа кафелар”.

Бүгүҥҥү күҥҥэ киин куоракка арыгы атыытын хонтуруоллуур уонна бэрээдэктиир үс улахан докумуон үлэлиир: 171 №-дээх федеральнай сокуон, Саха Өрөспүүбүлүкэтин  1248 №-дээх сокуона уонна Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын 118 №-дээх уурааҕа.

«Сымыйа кафелары» тохтоторго!

Ахсынньы 4 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев “наливайкалары”, “сымыйа кафелары” видеоҕа уһулан, телеграм ханаалыгар таһаарбыта. Онно Орджоникидзе уулуссатын 17-гэр турар элбэх кыбартыыралаах дьиэни утары икки этээһинэн икки бар тигинэччи үлэлиирэ көстөр. Салгыы 20-чэ миэтэрэни бара түстэххэ, өссө биир бар баар. Оттон Орджоникидзе уул., 39-гар элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнигэр “сыананы төрдүттэн кэрдэр” ааттаах дискаунтер олохтоохтору сарсыарда 10.00 чаастан 03.00 чааска диэри итирдэр утаҕынан хааччыйар. Ленин проспегын 9 уонна 7 нүөмэрдээх дьиэлэрин тиэргэннэригэр “У бати” бар олох даҕаны элбэх кыбартыыралаах дьиэни кытта сыста турар. Этэргэ дылы, “утаппыт” киһи таапачыканан да тахсан, сорох “хотторбут” сыыллан да түһэн утаҕын ханнарыан сөп курдук.

Итиннэ даҕатан эттэххэ, мин олорор түөлбэбэр “наливайка” уонна “сымыйа кафе” кырыы кырыытынан. Ону сэргэ, аһыы утаҕынан эргинэр штабтары, базалары, дискаунтердары, ресто-бардары ааҕан сиппэккин. Маннык тэрилтэлэр үксүн, этэргэ дылы, ыт уйатыттан эрэ киэҥ уонна биир-икки остуоллаах (харах баайан) буолаллар, киһи хайдах даҕаны “кафе” диэн тыла тахсыбат. Ону ол диэбэккэ, күнүстэри-түүннэри сыбыытааччы аҕыйаабат.

Ново-Карьернай уул.

Ил Түмэҥҥэ бастакы ааҕыыга ылыллыбыт сокуон бырайыагар этиллэринэн, Дьокуускай куоракка элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ эбэтэр олор тастарыгар турар маннык эбийиэктэр өҥөнү оҥорор саалаларын иэнэ 75 кв.миэтэрэттэн кыараҕас буолуо суохтаах. Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, ити ирдэбил кыччаабыта 20 кв. миэтэрэ диэн. СӨ сокуонугар көннөрүү ылыллар түгэнигэр, барыллаан ааҕыынан ити хааччахтааһыҥҥа киин куорат үрдүнэн 63 эбийиэк түбэһэр (ити сыыппара халбаҥныыр, испииһэк өссө чопчуланыахтаах – Аапт.).

 

203-с түөлбэ олохтоохторо арыгы маҕаһыына, “сымыйа кафе” аата-ахсаана суох элбэх, аҕыйатар уолдьаста диэн туруорсубуттара ыраатта. Хамсааһын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсарыгар кинилэр үҥсүүлэрэ, 3000-тан тахса илии баттааһыннаах петициялара төһүү күүс буолла диэтэхпитинэ, сыыспаппыт.

Олохтоохтор этэллэринэн, “Пивчик” бар күн оройуттан түүн оройугар диэри үлэлиир, арыгыһыттар күнүстэри-түүннэри ордууланар сир оҥостубуттар. Ити “Айыы Кыһата” гимназияттан, “Цветик-семицветик” уһуйаантан аҕыйах хаамыылаах сиргэ турар. Салгыы бардахха, социальнай суолталаах икки тэрилтэ баар – Глобальнай үөрэхтээһин киинэ уонна “Сардаана” уһуйаан. Төрөппүттэр оҕолорбутун бэйэлэрин эрэ оскуолаҕа, балаһааккаҕа ыытыахпытын куттанабыт дииллэр.

Истэрэ аһыйбыт дьон айдаараллара-куйдаараллара, үөхсэллэрэ, охсуһаллара биллэр. Ол эрэ буолуо дуо, арыгыттан сылтаан буруйу оҥоруу, дэҥнэнии, үлүйүү, суолга суорума суолланыы түбэлтэтэ үксүү турара чуолкай.

Поярков уул.

Олохтоох дьаһалта 2022 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр таһаарбыт, бу дьыл  балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлиир 118 №-дээх уурааҕыгар олоҕуран, итирдэр утаҕынан эргинэр эбийиэктэр оскуолалартан, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыттан аччаабыта 300 миэтэрэ тэйиччи туруохтаахтар. Оҕо уһуйааннарыттан, спорт, тырааныспар уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэриттэн – 200 миэтэрэ. Манна икки ардылара радиуһунан кээмэйдэнэр.

 

Аҕыйах хонуктааҕыта куорат Уопсастыбаннай палаататын көҕүлээһининэн ыытыллыбыт дьүүллэһиигэ Губинскай уонна Гагаринскай уокуруктар, Автовокзал оройуонун, 202-с, 203-с түөлбэлэр олохтоохторо, Саха политехническай лицей, 26-с №-дээх оскуола төрөппүттэрэ арыгы маҕаһыыннарын сабыҥ диэн туруорустулар.

“Хомойуох иһин, арыгынан эргинэр эбийиэк элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн эбэтэр олор территорияларыттан төһө ыраах буолуохтааҕа уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр эрэ сыһыаннаах. Ити былырыын федеральнай сокуоҥҥа киирбит саҥа ыстатыйа. Ол эбэтэр арыгыны биирдиилээн атыылыыр сирдэр социальнай эбийиэктэргэ эрэ диэри икки ардылара ааҕыллар”, – диэтэ Ирина Седова.

 

Санатан эттэххэ, Олохтоох дьаһалта 118 №-дээх уурааҕыгар олоҕуран, 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн Дьокуускай куоракка 20-тэн тахса маҕаһыын арыгы атыылыыра тохтотуллубута.

Поярков уул.

Бизнес эмсэҕэлиэ суохтаах...

Иллэрээ күн үлэбэр бараары, Поярков уулуссатыгар “Тыа хаһаайыстыбатын техникума” тохтобулга оптуобус күүтэн турдум. Уун-утары биир “наливайка” уонна арыгы атыылыыр дискаунтер сэргэстэһэ тураллар. Оптуобус кэлиэр диэри (5-6 мүнүүтэ иһигэр) ити тэрилтэлэргэ үс массыына кэлэн тохтоото. Сэрэйдэххэ, ааннара сабыллыбат эбит. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр иннин-кэннин быһаарбат буола улаханнык холуочуйбут киһи тэйбэҥнээн таҕыста. Суумката лис курдук, арааһа, кимиэхэ эрэ “кэһиилээх” баран иһэр эбэтэр элбэҕи хааччына ылбыт. Күрүлүүр күнүс, үлэ күнүгэр! Итинэн сылыктаатахха, арыгы “туочукалара” куһаҕантан ас таһааран, барыс киллэрэр суолларын тобулбуттар. 

Ол да буоллар бу күннэргэ уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтин аатын ылан, сирэйэ-хараҕа суох арыгыны күннэри-түүннэри атыылыыр тэрилтэлэр уйаларыгар уу киирбит буолуохтаах. Ити хааччахтааһыннарга бэриниэхтэрэ дуо? Билиҥҥитэ туохтан да куттаммакка олороллор. Холобур, бу бэнидиэнньиккэ куорат дьаһалтатын улахан мунньаҕар Олохтоох дьаһалта Предпринимательствоҕа, потребительскай ырыынакка, туризм сайдыытыгар департаменын начаалынньыга Ирина Седова  иһитиннэрбитинэн, олохтоохтор үҥсүүлэринэн Ленин пр., 7,  сыста турар “У бати” “туочукаҕа” ИДьМ бэрэбиэркэ ыыппыт, ол түмүгэр 50 лиитирэ арыгы бородууксуйата тутуллубут.

 

Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка сокуону кэһии итинник 9 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, 134 лиитирэ арыгы бородууксуйата тутуллубут. Маны сэргэ, 48 суоппар арыгы иһэн тутуллубут. Ити биир нэдиэлэ эрэ чахчылара.

 

Арыгы – бизнес барыстаах салаата. Сокуон ылылларыгар нэһилиэнньэ, былаас уонна бизнес санаалара учуоттанар. Куорат Уопсастыбаннай палаатата көҕүлээн ыыппыт мунньаҕар предпринимателлэр, сокуоҥҥа көннөрүү киирдэҕинэ, үтүө суобастаахтык үлэлиир эбийиэктэр, дьоҕус рестораннар эмсэҕэлиэхтэрин сөп диэн долгуйалларын биллэрдилэр.

Дьиҥэр, бу сайын куорат дьаһалтата уонна бизнес эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ Губинскай уокурук нэһилиэнньэтин кытта көрсүһэллэригэр “сымыйа кафелар” үлэлэрин тохтоторго эбийиэктэр иэннэрин 100 кв. миэтэрэҕэ диэри улаатыннарар туһунан этии киирбитэ. Ол эрээри предпринимателлэр санаалара учуоттанан, уопсай сүбэнэн 75 кв.миэтэрэ диэн сыыппараҕа тохтообуттара. Манна даҕатан эттэххэ, квадратнай миэтэрэни, эбийиэк төһө тэйиччи турарын ааҕыыга билиҥҥи быһаарыылаах кэмҥэ сүөм даҕаны учуоттанар буолан турар.

 

Сокуоҥҥа эбии хааччахтааһыннар киирэ иликтэр. Маныаха араас таһымнаах үгүс дьүүллэһии ыытыллыахтаах. Сорохтор хааччахтааһыннарынан эрэ муҥурдаммакка, арыгы атыытын олоччу бобуохха диэн этиилээхтэр. Ол кыаллыбат. Арай сокуоҥҥа ити этиллэр көннөрүүлэр киирэллэрэ буоллар, нэһилиэнньэ нус-хас олоҕун аймыыр оннук-маннык саарбах эбийиэктэр ахсааннара аҕыйыа, ирдэбилгэ эппиэттээбэт тэрилтэлэр сабыллыа этилэр.   

 

Ааптар түһэриилэрэ уонна интэриниэт хаартыскалар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...