Хааччахтааһын миэрэтэ кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһатылынна
Саҥа коронавирус дьаҥынан сибээстээн, санитарнай-эпидемиологическай быһыыны-майгыны учуоттаан, ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ уонна хааччахтааһын миэрэтэ 2022 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһатылынна. Ол туһунан ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн илии баттаата.
Эрдэ иһитиннэриллибитин курдук, тохсунньу 12 күнүгэр киин куоракка «омикрон» штаммынан ыалдьыы бастакы түбэлтэтэ биллибит. 2022 сыл тохсунньу 14 күнүнээҕи туругунан коронавирус инфекциятынан 210 киһи ыарыйда, ол иһигэр Дьокуускайга – 150. Санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы мөлтөөбүтүн учуоттаан сарсыҥҥыттан, тохсунньу 15 күнүттэн, сокуоннай саастарын сиппит гражданнартан киин куоракка турар атыылыыр-саататар кииннэргэ киирэргэ эмиэ QR-код эбэтэр отрицательнай түмүктээх ПЦР ирдэнэр.
Атын муниципальнай тэриллиилэргэ баар атыы кииннэригэр сылдьарга QR-код эпидемиологическай быһыы-майгы хайдаҕыттан көрөн, оройуоннааҕы суһал штабтар быыһаарыыларынан киириэн сөп.
Уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин үлэлиир эрэсиимэ, ол иһигэр банкеттыыр саалалар – 06:00 чаастан 00:00 чааска диэри.
Ыйаахха олоҕуран, уоппускаттан тахсыбыт эбэтэр өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сынньанан кэлбит үлэлиир гражданнар 72 чаастан кырата суох ПЦР эбэтэр ИХА тиэстин көрдөрөллөрө булгуччулаах. Ити ирдэбил алта ый иһигэр быһыы ылбыт эбэтэр ыалдьан ааспыт дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах.
Коронавируһунан ыалдьыбыт киһилиин алтыспыт, эбэтэр тас дойдуттан кэлбит дьон, 14 күн устата бэйэни харыстаныы эрэсиимин булгуччу тутуһуохтаахтар.
Үлэлиир гражданнар, бэйэни харыстаныы эрэсиимигэр баралларын туһунан хайаан да салалталарын сэрэтиэхтээхтэр. Салалта үлэһит итинник эрэсиимҥэ барарын хааччыйыахтаах, ыраахтан олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көһөрүөхтээх. Оннук миэрэ сатаммат буоллаҕына, тэрилтэ салайааччыта үлэһиттэригэр сыл аайы көрүллэр уоппускаларын биэриэхтээх, эбэтэр үлэ сокуонун кодексыгар олоҕуран, үлэһит бэйэтин суотугар төлөммөт уоппускаҕа барарын тэрийиэхтээх.