29.11.2021 | 14:55

Хааччахтааһын миэрэлэрин тутуһуу бэрэбиэркэлэнэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 22 күнүттэн 28 күнүгэр диэри салалта территориальнай уорганнарын исписэлиистэрэ уонна олохтоох дьаһалта Суһал штабын холбоһуктаах бөлөҕө  266 эбийиэги, ол иһигэр 34 оптуобуһу уонна 63 түүҥҥү тэрилтэни бэрэбиэркэлээбиттэр. Эриэйдэ түмүгүнэн коронавирус инфекциятын тарҕаппат сыаллаах ирдэбиллэри кэһии 22 түбэлтэтэ биллибит. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
«Төһө да маассабай тэрээһиннэри ыытыыга бобуу, үлэлэрин эрэсиимигэр хааччахтааһын киирбитин үрдүнэн, түүҥҥү саататар тэрилтэлэр ирдэбили кэһэллэрин тохтоппоттор.  Ааспыт нэдиэлэҕэ дискотекалары ыытыы уонна үлэ эрэсиимин кэһии иһин аакталар толорулуннулар, ол – «Hajime» түүҥҥү кулуупка, «City Hall» банкет саалатыгар, «Voblako» паровой коктейль Киинигэр сыһыаннаах», – диэн иһитиннэрбит  Административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн 68 сэрэтэр бэсиэдэ ыытыллыбыт, СӨ КоАП 3.8 ыст. 2 боротокуол толоруллубут. 
Автодорожнай уокурукка 14 эбийиэк бэрэбиэркэлэммит, хааччахтааһын ирдэбиллэрин 3 кэһии биллибит, 1 боротокуол толоруллубут. Киин уокурукка 22 эбийиэк хонтуруолламмыт, 1 кэһии булуллубут, 1 боротокуол оҥоһуллубут. Гагаринскай уокурукка 28 эбийиэк бэрэбиэркэлэммит, Губинскайга – 36, Октябрьскайга – 32, Промышленнайга – 8, Сайсары уокуругар – 8, Мархаҕа – 13, кэһии булуллубатах. Строительнай уокурукка эриэйдэ ыытыллыбатах.
Суһал штаб холбоһуктаах бөлөҕө  42 эбийиэги бэрэбиэркэлээбит, онтон 34-дэ – оптуобус, 14 кэһии баара биллибит.
Нэдиэлэ устата уокуруктарга уонна куорат кытыытыгар 25 боротокуол толоруллубут, 26 ыйыы бэриллибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...