Хаһан сыаналыыр, харыстыыр буолабыт?
Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын баһылыга Евгений Григорьев аҕыйах хонуктаахха Инстаграм ситимигэр быйылгыттан үлэҕэ киирбит сылаас тохтобуллары алдьаталларын туһунан суруйбута уонна хаартыскаларын таһаарбыта. Дьэ, кырдьык, хомолтолоох, киһи көрө хараастар хартыыната. Хаһан өйдөнөрбүт, дьон үлэтин сыаналыыр уонна харыстыыр буоларбыт буолла диэн, риторическайдык да буоллар, ыйытыаҕы баҕарыллар.
Куораты тупсарыыга харчы бөҕө көрүллэр, күн-түүн үлүскэн үлэ ыытыллар. Сырдатар үлэлээх дьон барытын көрө-билэ сылдьабыт, ити төһөлөөх сыраны-сылбаны ирдиирин, хайдах курдук киэҥ далааһыннааҕын.
«Дьокуускай куораппытын ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар бастыҥ куорат оҥорорго дьулуһабыт. Эһиги эмиэ киин куоракка үчүгэй өттүгэр уларыйыылары өйдөөн көрөргүт буолуо диэн эрэнэбин. Бу саҥа сылаас тохтобуллар хаартыскалара. Маннык алдьатыы тиһиктээхтик тахсар буолла. Сорох дьон сорунан туран куорат дьонугар туһаны аҕалары алдьаталлара кыһыылаах. Буруйу оҥорооччулары (итинник дьону атыннык ааттыахха сатаммат) быраабы араҥаччылыыр уорганнар көрдүүллэр. Куорат олохтоохторугар маннык санаабын тиэрдиэхпин баҕарабын... Биһиги бары уопсай дьиэ быраабылатын тутуспатахпытына, төрөөбүт куораппытыгар бэйэбит киэнигэр курдук сыһыаннаспатахпытына, итинник быһыы-майгы салҕанан бара туруоҕа. Хас биирдиибит баайын-дуолун иһин эппиэтинэһи сүгэр. Оччоҕо эрэ билигин туох баардаахпытын харыстыыр уонна Дьокуускай сайдыытын туһунан саҥарар кыахтаахпыт. Куораппытын таптыаххайыҥ, оттон дьаһалта бэйэтин өттүттэн куорат нэһилиэнньэтин олоҕун тупсарыы уонна табыгастаах оҥоруу туһугар үлэлиэҕэ», – диэбит Евгений Григорьев.
Социальнай ситимҥэ дьон кыһыыларын-абаларын араастык биллэрбиттэр, санааларын үллэстибиттэр. Үгүстэрэ арыгы содула диир, дьиэтэ суох ускул-тэскил сылдьааччылар кыһалҕаларын түргэнник быһаарары модьуйаллар.
Александр Новолоков:
– Сингапурга курдук накаастабылы киллэриэххэ наада, онно итинник алдьатар дьону торуосканан үстэн аҕыс төгүлгэ диэри охсоллор, үс сылга хаайыыга олордоллор уонна 2000 долларга тиийэр ыстараабы төлөтөллөр. Итинник накаастабылга олохтоохтор да, туристар да түбэһиэхтэрин сөп.
Юрий Кошелев:
– Бизнесмен буоларым быһыытынан, мэрияҕа тохтобуллары олохтоох бородууксуйаны атыылыыр эрэ дьоҥҥо буолбакка, коммерсаннарга биэриҥ диэн этиилээхпин. Оччоҕо тохтобуллар ыраас буолуохтара, мэлдьи дьон баар буолуоҕа, алдьатыы да тахсыа суох этэ. Аренданы төлүүргэ бизнеһи өйүүр усулуобуйаны киллэрдэхтэринэ, атыылааччыга барыстаах буолуоҕа. Холобур, мин икки тохтобулу арендалаһан «Белпродукты» үлэлэтэн турабын, итиннэ сылаас, ыраас.
Юрий Гуревскай:
– «Түргэн харчыттан» ураты бары куоппуттар. Итинник тохтобуллар тымныылар диэччилэргэ этиэм этэ, былырыын Медкиин тохтобулугар тымныы этэ, ону быйыл арендаҕа биэрбиттэр, эбии батарея холбообуттар, сып-сылаас буолбут. Өссө тохтобуллартан дьиэтэ-уота суох дьону – бомжтары хомуйан ылан уопсастыбаннай үлэҕэ, куораты тупсарыыга ыыталлара буоллар бэрт буолуо этэ.
Елизавета Иванова:
– Бомжтар кыһалҕаларын быһаарыахха наада! Автовокзал оройуона – алкаштар уонна бомжтар мустар сирдэрэ. Сылаас тохтобуллар кинилэргэ анаан тутуллубут курдуктар. Киэһэ аайы автовокзалга кинилэр айдаараллар, охсуһаллар, харабыл да кыайан тохтоппот. Кинилэри хайдах гынары быһаарар уолдьаста, судаарыстыбаннай таһымҥа. Социальнай бырагыраама оҥоруохха сөп этэ.
Марианна Семеновна:
– Биһиги, эрдэ үлэлии барар дьон, эрэйи көрөбүт. Сарсыарда ыттар, аны ыттартан куотан сылаас тохтобулга киирдэххэ – бомжтар, арыгыһыттар.
Альбина Султашова:
– Арыгыны отой суох оҥоруохха наада, билиҥҥи арыгы дьону иирдэн кэбиһэр, төһөлөөх оҕо аҕата суох хаалла, төһөлөөх ыал олоҕо алдьанна. Ити да итириктэр илиилэрэ кыһыйан тоҕо охсо, сынньа сылдьаллар. Хаһан уонна сайдабыт, сомоҕолоһобут, биир санааҕа киирэбит. Үлэ суох дии-дии тыаттан төһөлөөх эдэр ийэлэр, кыргыттар куоракка кэлэн арыгыһыттары булсан, дьиэ аннынан, сылаас тохтобулларынан харчы көрдүү, үөхсэ-этиһэ сылдьалларый, киһи хомойуох, кыбыстыах.
Галина Габышева:
– Семен Данилов уулуссатыгар сылаас тохтобулу тутан баран уотун холбообокко, арыйа иликтэр. Үлэлии да илигиттэн аанын өстүөкүлэтин алдьаппыттар.
Социальнай ситимҥэ дьон санаатын, кыһыытын-абатын сэргэ сирэй көрсөн кэпсэппит дьонум санаатын кытта билсиэҕиҥ.
Светлана Иванова, ХИФУ устудьуона:
– Билиҥҥи кэмҥэ, дьиҥэр, арыый көмүскэллээх курдук сананыахха сөп этэ, ханна бардыбыт да, хас хардыы аайы видеокамералар бааллар. Ол эрэн итинник алдьата, уора-талыы тураллара наһаа хомолтолоох. Сылаас тохтобул аайы бомжтар мусталлара баар суол. Кинилэр эмиэ охсуһа сылдьан эҥин алдьатыахтарын сөп буолуо. Ыччат, оскуола оҕолоро буолуохтарын эмиэ сөп. Билиҥҥи оскуола оҕолоро пиибэ иһэллэр, онно-манна мусталлар, сорох оҕолор наһаа кырыктаахтар, куруубайдар. Мин санаабар, иитиилэрэ мөлтөх. Итини хайдах тохтотуохха сөп диэн ыйытыыгар видеокамеранан көрөн уонна полиция көмөтүнэн эрэ диир кыахтаахпын.
Наталья Николаевна, учуутал, педагогическай үлэ бэтэрээнэ:
– Оскуолаҕа 40-ча сыл үлэлээбитим. Биллэн турар, билиҥҥи ыччаты барытын куһаҕан диир сатаммат. Бэйэм оҕолордоохпун, сиэннэрдээхпин. Ол эрэн, хомойуох иһин, сорох түбэлтэлэргэ иитиилэрэ мөлтөҕө көстөр. Билигин оскуолаҕа барыта сурук үлэтэ, докумуон толоруута бастакы миэстэҕэ таҕыста. Иитии үлэтэ кэнники миэстэҕэ тэбилиннэ дии саныыбын. Учууталлар үөрэтэллэриттэн уонна кумааҕы үлэтиттэн ордубаттар, кинилэри баалыыр кыах суох. Ол аата иитии төрөппүккэ сүктэриллэр буолла, оттон төрөппүт, оҕолорун, дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар сыалтан, харчы сырсыытыгар сылдьар. Аһаҕастык эттэххэ итинник. Оҕо, ордук улаатан эрэр оҕо, бэйэтин бэйэтэ көрүнэр, дьаһанар буолла. Тугу гынарын, ханна сылдьарын ким да хонтуруоллаабат.. Онон сылаас тохтобуллары алдьатыыны да оҥоруохтарын сөп, оннооҕор маҕаһыыннары да халыыр түбэлтэлэрэ баар. Хайдах ити балаһыанньаттан тахсабыт? Кыра сааһыттан оҕоҕо болҕомтону уура сатыахтаахпыт. Оҕо хаһан баҕарар дьарыктаах буолуохтаах, спортка, наукаҕа сыһыарыахха, бэйэ холобурунан үөрэтиэххэ. Бэйэҕит көрөргүт буолуо, оптуобуска тоҥхойо кырдьыбыт оҕонньор, эмээхсин киирдэхтэринэ, оҕолор олороллор, миэстэлэрин туран биэрбэттэр. Ити эмиэ иитии суоҕун содула, итини кытта охсуһуохха наада, кыбыһыннаран туруортаан иһиэххэ наада.
Максим Михайлов, куорат ыалдьыта:
– Улуустан сылдьабын. Сыл аайы Дьокуускай тупсан иһэрин көрөн үөрэбин эрэ. Ол эрэн итинтэн үөрбэт дьон баар эбит дуу диэх курдук, тоҕо алдьаталларын өйүм хоппот. Менталитеппыт итинник дуу диэҕи баҕарыллар. Тыаҕа итинник маассабайдык алдьаппаттар, ким тугу алдьаппытын тута көрөн, эппиэтинэскэ тардабыт. Үксүн оскуола оҕолоро буолааччылар, төрөппүттэрэ хоромньуну уйунаахтыыллар буоллаҕа дии. Ол эрэн кэнники кэмҥэ итинник түбэлтэ тахсыбат диэххэ сөп. Оҕолор улааталлар, өйдөнөллөр, бэйэ-бэйэлэрин буойсаллар дии саныыбын. Сорунан туран алдьатыынан дьарыктанар дьону видеокамеранан көрөн, полициянан улахан суумаҕа ыстарааптыахха наада. Оччоҕо эрэ өйдөнүөхтэрэ.
Ити курдук, сылаас тохтобуллары өссө тупсарар, силиктэрин ситэрэр былаан хара баһаам. Онтубут төһө өр бүтүн туруохтарай диэн ыйытык ааһан-араҕан биэрбэт. Үөрэх тэрилтэлэригэр, дьиэҕэ-уокка да буоллун, оҕолору, ыччаты кытта күүстээх сэрэтэр үлэ, кэпсэтии ыытыллыан наада. Дьиҥэр, иитии, култуура быыкайкаан саастарыттан иҥэриллиэхтээх. Нууччалыы эттэххэ, «лучше поздно, чем никогда». Буруйдаахтары харыларыттан харбаан, эбэтэр быраабы араҥаччылыыр уорганнарынан булларан, ботуччу ыстарааптаатахха эрэ өйдөнүүһүктэр диэҕи баҕарыллар.
Александр Николаевич Андросов, «Организация пассажирских перевозок» МХТ салайааччыта:
- Куорат үрдүнэн билигин 41 сылаас тохтобул баар. Эһиил эмиэ 20-ни туруоруохтаахпыт. Үлэлии сатыыбыт, сылаас тохтобуллары туруора сатыыбыт, ол эрэн үлэлии да иликтэриттэн улахан кыһалҕаны көрүстүбүт – тохтобулларбытын, иһинээҕи тэрилин дьон алдьатар, киртитэр, асоциальнай элеменнэр киирэн иттэллэр, туалет да оҥостоллор. Оҕолор киирэн алдьаталлар, истиэнэлэри марайдыыллар. Ону барытын аһаҕастык этиэххэ наада. Дьиҥэр, сылаас тохтобуллар биһиги хотугу усулуобуйатыгар олус наадалаахтар. Оптуобустар хаһан кэлэллэрин көрдөрөр электроннай таблолары, төлөбүр терминалларын уонна итии чэй, кофе атыылыыр вендернэй аппарааттары туруоруохтаахпыт