11.02.2021 | 10:14

Хаҥаласка кылбар бырахсыылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Мамонт” ханаалынан экраҥҥа хапсаҕайдьыттар араастаан кылбардык кыайыстылар. Утарсааччыны эргитэ тардаат, көхсүттэн кэлэн, синньигэс биилтэн икки илиинэн хам ылаат, өрө баһан таһааран баран, үөһэттэн кэдэрийэн, бэйэ түөһүн үрдүнэн дьиэ өһүөтүн чугаһынан элээрдии оҥоһулунна. Гректии-римнии тустуу “классическай”  албаһа, оннооҕор ити  уонна көҥүл тустууга олох дэҥҥэ туттулуннаҕына, ол түһүлгэ бастыҥ быраҕыытынан биллэриллэр. Манна, эгэ, туох мөккүөрэ кэлиэй? Ити куйаарынан ракета көппүтүгэр майгынныыр “космическай” быраҕыыны ким оҥордо? Александр Андреев! Буолан баран көннөрү утарсааччыга буолбатах. Дьааҥыттан көҥүл тустууга араас куораттарга, хапсаҕайга эмиэ ситиһиилээхтик тустан маастары эрдэ ылаттаабыт уопуттаах Василий Стручкову үйэтигэр көбүөртэн итиччэ “сылдьыбатах” үрдүгүнэн көтүттэ. Тааттаттан сылдьар Леонид Попов ыраахтан ытыһынан тилэхтэн тиэрэ тардыталаан, түһэртээн, ыйааһыныгар төрдүс да буоллар, “Аан Дархаҥҥа” финалга тиийэн үчүгэй өйдөбүлү хаалларда.

Чулуулар үксүгэр таптаан туттар албастарыгар, холобура, ЧФКСИ тренерэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх икки тустуу маастара Айаал Павлов умса тардарын бары билэллэр. Сэрэнэллэр да, син биир киирэн биэрэллэр.  Вилюян Иванов ыйааһыныгар туора садьыйан,  өттүгүнэн утарсааччытын ойоҕоһугар сыстаат, ыраах илиитин эмискэ уунан уҥуоргу тобук кэтэҕиттэн түүрү тардан түҥнэртээтэ. Инньэ диибит да,  өтөр хотторууну билэ илик, “Манчаары оонньууларын” үс төгүллээх чемпионун, сүһүөхтээҕинэн аатырбыт Кирилл Павловы (Амма) икки эргииринэн туораттылар. Кинини Михаил Макаров хатыйан, үҥкүрүтэн отуорун алдьатта.   

Гаврил Илларионов Кэскил Саввиновтыын иккитэ  холоруктаһан  хайалара да бүдүрүйбэтэ. Дьэ сүһүөхтээх уоланнар эбит. Гаврил үһүс атахха түһүүтүгэр эмиэ кулахачыстылар, хаһыс да эргийсиилэригэр нэһиилэ кыайда.

Хапсаҕайга быраабылаҕа былырыыҥҥы уларытыылар киирбиттэрэ, төрүт тустуубутун тупсарбыт. Урут анньыһан тустан кыайаллара астыннарбата. Билигин биир мүн. арыый ордук кимээччигэ баал бэриллэр. Ол кэннэ дьэ үс мүн. биирэ тэҥнэтимээри, иккиһэ ордоору түсүһүү буолла. Үксүгэр кылбардык быраҕыстылар.

Итиннэ астык хамсаныылар буоллахтарын аайы комментатордар Дьулустаан Захаров, Александр Посельскай:”О-Оо! А-Аа!” – диэн  хаһыытаһа олордулар.  Уолаттар бииртэн-биир кылбар бырахсыылартан уһуктан, айахтарын хамсыыра элбээн истэ.

Ити “Хаҥалас хапсаҕайа” Гран-при түһүлгэттэн репортаж түгэннэрэ. Үгэс курдук сыл саҥатыгар ыалдьыттар  олороллоругар, сылдьалларынан тэрээһиннээхтик, улахан бириистээх ыытыллар. Онон өбүгэттэн силистээх омукпут тустуутугар саҥа холонооччулар күүстээхтэртэн куттаммакка, Хаҥалас былыргы боотурдарыныы хорсуннук хапсыһаллар.

Быйылгы сүрүн спонсор – “НХЗ”. Бу Нөмүгүттэн куоракка, улуустарга бурдук аһынан хамаҕатык атыылыыр тэрилтэ дириэктэрэ Вячеслав Анатольевич Нестеров бу улууска хапсаҕай федерациятын  салайар. Кини көҕүлээһининэн улуус да, нэһилиэк да администрациялара туора турбатылар. Ыйааһын аайы чемпионнарга – саалар сертификаттарын, миэстэлэспиттэргэ уонна анал атын бириистэри наҕараадалааһыҥҥа баһылыктар бэйэлэринэн кэлэн кытыннылар. Оттон муҥутуур “Аан Дархан чемпионнарга” (бастакыта – 75 кг үөһэ, иккиһэ 75 кг диэри ыйааһыннаахтарга) – үгэс курдук бэдэр тириитэ дараҕар санныларыгар уурулунна, эбиитин 200 тыһыынча солкуобай уу харчынан туттарылынна. 

Буулаҕа бухатыырдарга 95-тэн үөһэ кг  Евгений Алексеев (Уус Алдан) Данил Ивановка атаҕын биэрэн иһэн охторор албаһыгар түбэһиннэриэм диэтэ быһыылаах, эдэр уол атаҕа уһунунан барбата, сылбырҕатынан  бэйэтин суулларда. Онон үһүскэ тэбиллэн, кыһыйан Даниллыын “Аан Дархаҥҥа” иккис киирсиитигэр кумалаан иэстэстэ. Атыттары да тулуталаабата.

Иккис “Аан Дархан” (75 кг диэри бастыҥнарга) кыайыылааҕа буолбут 20 саастаах Александр Андреев ыйааһыныгар эрдэ туораабыта. Ол гынан элбэх ыйааһыннар бастыҥнара 75 кг диэри 49 киһи үрдүк ааты былдьаһарга суруйтарбытыттан барытыгар астык (ол иһигэр “космическай”) быраҕыылары оҥордо. Финалга ити ыйааһыҥҥа чемпионнаабыт убайа Ларион Андреевы атаҕыттан ылан түҥнэри көттө.

Ини-бии Андреевтар Мирнэй Сүлдьүкээриттэн төрүттээхтэр. Ларион Покровскайга тренердиир, Александр ХИФУ саалатыгар эрчиллэр эбит. Көҥүл тустууга эмиэ күөрэс гыныахтарын сөп.

Пьедестал үрдүкү үктэлигэр тахсан саа сертификатын тутан үөрүү тосхолун биллилэр:

 57 кг: Валентин Бурнашев (Амма),

65 кг: Вилюян Иванов (Үөһээ Бүлүү),

75 кг: Ларион Андреев (Ханалас),

85 кг: Игорь Софронеев (Нам),

95 кг: Александр Халыев (Таатта),

95 үөһээ кг Даниил Иванов (Хаҥалас).

Аҕам саастаахтарга

60 кг: Илья Тимофеев (Ханалас),

70 кг: Айаал Павлов (Чурапчы),

80 кг: Прокопий Петров (Хаҥалас),

90 кг: Христофор Христофоров  (Таатта),

90 үөһээ кг: 1. Александр Румин (Нам).

***

Ааспыт өрөбүллэргэ көҥүл тустууктар эмиэ күүскэ үлэлээтилэр.  Польша аһаҕас түһүлгэтигэр Румыния чиэһин көмүскүүр Николай Охлопковпыт 65 кг тэҥнээҕин булбата. Киниэхэ эрэ хотторбут Эдуард Григрьевпыт боруонса мэтээлгэ тигистэ.

Дьэ, бу үүнэр өрөбүллэргэ эмиэ күрэс бөҕө. Көҥүл тустууга хамаандабыт бөҕөстөрө саҥа капитанынан Ньургун Сергины таллылар. Бу күннэргэ консультант-тренер олимпийскай чемпион Хаджимурад Гацалов Хотугу Осетияттан кэлэн кинилэри эрчийиигэ үлэлэстэ. Тута Улан- Удэҕа ыытыллар Арассыыйа чемпионатын путевкаларын былдьаһа ити куоракка көтүстэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...