19.01.2023 | 11:00

Губинскай уокурукка саҥа оскуола тутуллуоҕа

Губинскай уокурукка саҥа оскуола тутуллуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, тохсунньу 18 күнүгэр, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Губинскай уокурук олохтоохторун иннигэр отчуоттаата.

Губинскай уокурукка ааспыт 2022 сайына таһаарыылаахтык ааспыт. Ол курдук, уокурук 21 уонна 23 № -дээх икки оскуолатыгар улахан өрөмүөн ыытыллыбыта. Нэһилиэнньэни хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү аадырыстаах бырагырааматынан 22 кыбартыыра олохтооҕо  81 киһи саҥа дьиэҕэ киирии үөрүүтүн билбитэ. Бу көрдөрүүнү үүммүт 2023 сылга икки бүк улаатыннарар, ону сэргэ 53-с кыбаарталы комплекснай сайыннарыы иитинэн хаарбах дьиэлэри көтөрүү соруга турар.

Уокурукка тупсарыы үлэтин ыытыы чэрчитинэн маны сэргэ 202-с мкрн оҕо оонньуур балаһааккатын оборудованиета саҥардыллыбыт, 30 оонньуур, 1 спортивнай балаһааккаҕа, 1 тиэргэҥҥэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыт. Саҥа өрөмүөннэммит Рыжиков скверигэр эбии С.З. Борисовка аналлаах сквер уонна пааматынньык арыллан, уокурукка күөх туона эбиллибит. Ыытыллыбыт үлэлэргэ ыйыллыбыт итэҕэскэ-быһаҕаска баһылык Салайар хампаанньалар болҕомтолорун хатаата.
Олохтоох нэһилиэнньэ куорат сөтүөлүүр сирин тупсаран оҥорууну,  
саҥа оптуобус маршруттарын, Роман Дмитриев набережнайын, саҥа оскуоланы тутууну туруоруста.
Киин куорат биир саамай элбэх нэһилиэнньэлээх 202 мкрн уонна 203 мкрн оскуола тиийбэтинэн баһылык 203 мкрн 2024 сыл бүтүөр диэри саҥа оскуоланы тутуу боппуруоһа быһаарыллар кыахтааҕын бэлиэтээтэ. 
2023 сылга Губинскай уокурук икки улахан уулуссатын - Б. Чижик уонна Хабаров уулуссаларын - улахан өрөмүөн күүтэр.
Маны сэргэ "Сырдык столица" муниципальнай бырагырааманан Ларионов уулуссатын хаалбыт учаастагар уот холбоноро, хас да сквергэ тупсарыы үлэтэ былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....