Губинскай уокурук уһуйааннарыгар Тымныы оҕонньор ыалдьыттаата
Бүгүн сарсыарда киин куорат Губинскай уокуругун уһуйааннарыгар, кырдьык, аптаах, алыптаах түгэн үүннэ. Ол курдук, таба көлөлөөх Тымныы оҕонньор уһуйааннарга ыалдьыттаан ааста. Бу тэрээһин уокурук “Саҥа дьыллааҕы дьикти” аахсыйатын чэрчитинэн ыытылынна. Кырачааннар саҥа дьыл сүрүн дьоруойун түннүгүнэн соһуйа, кэрэхсии, долгуйа көрдүлэр. Күүтүүлээх күндү ыалдьыт илиитинэн далбаатаан, оҕолорго истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ. Иитээччилэр Тымныы оҕонньорго кырачааннар суруктарын туттардылар. Губинскай уокурук саҥа дьыллааҕы аахсыйаны тэрийэргэ, оҕолор үөрүүлэрин үксэтэргэ, умнуллубат дьоро күнү бэлэхтииргэ күүс-көмө буолбут социальнай партнердарыгар – Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Мария Николаевна Христофороваҕа, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Владислав Михайлович Дмитриевкэ махталын тиэрдэр.