19.01.2023 | 21:07

Губинскай уокурук Олохтоох дьаһалта үлэтин үчүгэйинэн сыаналаата

Тохсунньу 18 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Губинскай уокурук нэһилиэнньэтин иннигэр отчуоттаата.
Губинскай уокурук Олохтоох дьаһалта үлэтин үчүгэйинэн сыаналаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Губинскай – киин куорат биир тупсаҕай уонна аныгылыы көстүүлээх оройуона. Омос көрдөххө, хаарбах туруктаах дьиэ аҕыйах, үксэ халлааҥҥа харбыалаһар элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр. Ол да буоллар хаарбах туруктаах эргэ дьиэттэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах  бырагырааматынан манна ааспыт 2022 сылга 22 кыбартыыра көһөрүллэн, 81 киһи саҥа дьиэлэммит. 2023 сылга ити иэни икки бүк улаатыннарар сорук турар. Маны сэргэ баһылык уокурук 53-с кыбаарталыгар эмиэ элбэх дьиэ көтүрүллэн, улахан үлэ күүтэрин иһитиннэрдэ.

Уулусса-суол ситимин тупсарыыга элбэх үлэ ыытыллыбыт. Ол курдук, ааспыт сайын 256 м усталаах Ф. Попов уулуссатын өрөмүөнэ түмүктэммитэ. Быйыл, 2023 сылга Б. Чижик уонна Хабаров уулуссаларыгар улахан өрөмүөн ыытыллаары турар. «Сырдык столица» муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн Ларионов уулуссатыгар №14-дээх дьиэ таһыттан 20 №дээх дьиэҕэ диэри уонна 21/5 №-дээх уонна 21/7 №-дээх дьиэлэр тастарынан уулусса уота холбонуоҕа.

Элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр олохтоохторугар тиэргэн туруга тыын суолталаах. Ол курдук, быйыл Богатырев уул., 4/1 тиэргэнэ өрөмүөннэммит буоллаҕына, эһиилги былааҥҥа Губин уул., 5/2 өрөмүөнэ турара бэлиэтэннэ. Манна даҕатан эттэххэ, баһылык Евгений Григорьев тиэргэннэри тупсарыы үлэтигэр тахсар итэҕэскэ-быһаҕаска эппиэтинэһи бэдэрээтчит сүгэрин чопчулаата. Оттон дьиэлэр тастарыгар тутуллубут оҕо оонньуур балаһааккаларын, тиэргэннэр туруктарын Салайар хампаанньа көрөр-истэр соруктаах. Оҕо оонньуур, спортивнай балаһааккаларын тиэмэтин салҕаатахха, 2022 сылга 202-с түөлбэҕэ оҕо оонньуур балаһааккатын оборудованиета саҥардыллыбыт, 30 балаһааккаҕа өрөмүөн ыытыллыбыт, 1 саҥа спортинай балаһаакка үлэҕэ киирбит, эһиил Дзержинскэй уул., 12/3 өссө биир спортивнай балааһаакка тутуута былааннанар.

Уокуругар оскуола тиийбэтинэн, отчуокка сүрүн болҕомто үөрэх тэрилтэлэрин, чуолаан оскуола өрөмүөнүгэр уонна тутуутугар уурулунна. Ол курдук, Олохтоох дьаһалта дакылаатыгар 2022 сыллаахха уокурукка 21 уонна 23 №№-дээх оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыта итиэннэ 2024 сылга диэри 203-с дьоҕус оройуоҥҥа оскуола тутуутун боппуруоһа быһаарыллар кыахтааҕа бэлиэтэннэ. Маны сэргэ 29 №-дээх «Золотая рыбка» оҕо саадыгар өрөмүөн ыытыллара былааннанар.

Куорат тупсаҕай уонна ыраас тас көстүүтүн сквердэр уонна пааркалар хааччыйаллар. Губинскай уокурукка быйыл А.А. Рыжиков скверигэр тупсарыы үлэтэ ыытыллыбыт уонна С.З. Борисовка аналлаах сквер уонна пааматынньык үлэҕэ киирбиттэрэ. Эһиил ППМИ (олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама) иитинэн киин куоракка Иитээччилэр уонна Худуоһунньуктар сквердэрэ тутуллуохтара. 

Олохтоохтор куорат баһылыгыттан Губин уул., 5/1 спортивнай балаһаакка тутуутун, куорат сөтүөлүүр сирин тупсарыыны, оптуобус маршруттарын, Ефимов уул., Роман  Дмитриев набережнайыгар суол тутуутун, хаарбах дьиэттэн көһөрүү болдьохторун, оскуола салҕааһынын туттарыы туһунан ыйыталастылыр. Түмүккэ Олохтоох дьаһалта ааспыт 2022 сыллааҕы үлэтигэр «үчүгэй» сыананы туруордулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...