09.09.2021 | 13:00

Грипп ыарыыттан харыстаныаҕыҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сылын аайы грипп ыарыынан аан дойдуга 500 мөл. кэриҥэ киһи ыалдьар. Грипп уустук көрүҥэ сүрэх-тымыр систиэмэтигэр, тыынар уорганнарга, киин ньиэрбинэй систиэмэҕэ охсор, пневмония, трахеобронхит, менингоэнцефалит курдук ыарахан ыарыылары көбүтэр.
Профилактическай тэрээһиннэр эт-хаан көмүскэнэр күүһүн үрдэтиигэ туһуламмыттар. Итиннэ физическэй култууранан дьарыктаныы, эрчиллии, сөптөөхтүк аһааһын (сибиэһэй оҕуруот аһа, фрукта, эт, балык, битэмииннээх-минераллаах комплекстар), кэмигэр сынньаныы киирэллэр. 
Грипп эпидемиятын кэмигэр элбэхтик ыраас салгыҥҥа сылдьыахха, С битэмииннээх аһы – тууһаммыт хаппыыстаны, клюкваны, цитрусовайдары, чесногу, луугу сиир наадалаах. 
Тус гигиенаны тутуһар, муннуну туустаах уунан (1 лиитэрэ ууга 1 чайнай ньуоска тууһу кутан, эбэтэр аналлаах спрейдэринэн) сууйар, олорор дьиэҕитин, үлэлиир кэбиниэккитин салгылатар, инчэҕэй убуорканы тиһиктээхтик оҥорор тоҕоостоох. 
Профилактика саамай күүстээх көрүҥэ – вакцинация. Вакцинацияны күһүн, эпидемия саҕаланыан иннинэ оҥороллор. Кэлэктиип 70-80%-на быһыыны ыллаҕына дьон бары иммунитеттанар, көмүскэллээх буолар. Аныгы вакцинация ыалдьыбыт дьон ахсаанын аҕыйатар, ыарыыны чэпчэкитик аһардар, уустук көрүҥҥэ кубулуйуутун таһаарбат.
Эпидемия кэмигэр элбэх киһи мустар сиригэр – театрга,  кафеҕа, циркэҕэ уо.д.а. сирдэргэ сылдьыбат ордук уонна медицинскэй маасканы кэтэр туһалаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....