Грипп уонна харыстанар миэрэлэр
Грипп уонна да атын тыынар уорган вируснай инфекциялара (ОРВИ) ыалдьар киһи ахсаанынан бастакы миэстэҕэ турар. Ити вирус мэлдьи бэйэтин көрүҥүн уларыта сылдьарыттан буолар. Грипп ыарыытынан ыалдьан баран үтүөрбүт киһиэхэ иммунитет үөскүүр, ол эрэн көрүҥүн уларыппыт вирус түбэстэҕинэ син-биир ыалдьар.
СӨ Роспотребнадзорын Управлениета грипп кимиэхэ ордук сэрэхтээҕин санатар:
Грипп ыарыытын ордук ыараханнык оҕолор уонна саастаах дьон аһарыналлар. Кинилэргэ ыарыы ордук сэрэхтээх, уустуктук ааһар. Оҕолорго иммунитет өссө бөҕөргүү илик, оттон аҕам саастаах дьоҥҥо иммунитеттара мөлтөх, хроническай ыарыылара элбэх.
Ордук кутталлаах араҥа:
- оҕолор;
- 60-тан үөһээ саастаах дьон;
- хроническай көрүҥүнэн тыҥалара ыалдьар дьон (бронхиальнай астма, тыҥа хроническай обструктивнай ыарыыта уо.д.а.;
- хроническай көрүҥүнэн сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон (төрүү сүрэх пороктаахтар, сүрэх ишемическай ыарыыта уо.д.а.);
- хроническай көрүҥүнэн быардара ыалдьар дьон (цирроз);
- хроническай көрүҥүнэн бүөрдэрэ ыалдьар дьон;
- иммунодефицитнай туруктаах дьон;
- оҕо күүтэр дьахталлар;
- медицинскэй персонал;
- уопсастыбаннай тырааныспар, аһылыгынан дьарыктанар тэрилтэлэр уо.д.а. үлэһиттэрэ.
Грипп олус сыстыганнаах ыарыы. Ити инфекция ыалдьыбыт киһиттэн доруобайга сил таммаҕынан бэриллэр, холобур, ытыртаҕына, сөтөлүннэҕинэ, кэпсэтэ туран. Итини сэргэ, кирдээх илииттэн сыстар.
Грипп симптомнара:
- үрдүк температура (38-40С);
- тоҥуу, уопсай турук мөлтөөһүнэ, төбө ыарыыта, киһи былчыҥнара ыалдьар (атахтарыгар, сиһигэр), сэниэтэ суох буолар;
- аһыан баҕарбат (сүрэҕэ эриллэр, хотуолуур).
Интоксикация бэлиэтэ 5 күн курдук сылдьар. Үрдүк температура итинтэн уһуннук сылдьар буоллаҕына ыарыы уустугурбутун бэлиэтэ.
Грипп уустук көрүҥнэрэ:
- пневмония (олохтон туорааһын түбэлтэтэ 40%);
- энцефалит, менингит;
- оҕо күүтэр дьахталлар ыалдьаллара ордук сэрэхтээх, оҕо туох эбит патологиялаах төрүөн сөп;
- хроническай ыарыылары бэргэтэр.
Киһи ыарыйда даҕаны онно-манна барбакка, атын дьоҥҥо сыһыарбат курдук, дьиэтигэр сытыахтаах. Булгуччу бырааһы ыҥыран көрдөрүнүөхтээх уонна быраас анаабытын курдук эрэ эмтэниэхтээх. Ыалдьыбыт киһи сытыахтаах, фруктананан уонна оҕуруот аһынан аһыахтаах, элбэхтик ууну иһиэхтээх.
Ыалдьаат даҕаны бастакы күннэргэ антибиотиктарынан эмтэнэр сыыһа. Антибиотиктар вируһу кыайбаттар, эбиитин микрофлораны сииллэр уонна иммунитеты мөлтөтөллөр. Ол иһин антибиотиктары быраас ыарыы уустук көрүҥэр эрэ аныыр.
Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ этэринэн, грипп ыарыытын утары саамай үчүгэй сэрэтэр ньыма – вакцинация. Сылын аайы вакцина састааба уларытыллар. Вакцинацияны ааһарга саамай табыгастаах кэм – балаҕан-алтынньы ыйдара уонна сэтинньи.
Кыра оҕолору 6 ыйыттан сылын аайы вакцинациялыахха сөп.
Алта ыйыгар диэри оҕону харыстыыр курдук оҕону кытта хантаакка сылдьар дьон быһыыны ылыахтарын наада. Эпидемия кэмигэр кыра оҕону кытта элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыбат, дьиэҕэ ыалдьыттары ыҥырбат ордук.
Оҕо күүтэр дьахталлар быһыыны ылаллара наадалаах. Кэнники чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн вакцинация кинилэргэ куттала суоҕа дакаастаммыт.
Харыстаныы сүрүн миэрэлэрэ:
- илиигитин сотору-сотору үчүгэйдик суунуҥ;
- ыалдьыбыт көрүҥнээх дьону кытта алтыһымаҥ;
- чөл олоҕу тутуһуҥ (үчүгэйдик утуйуу, туһалаах аһылык, физическэй хамсаныы);
- ууну элбэхтик иһиҥ;
- дьиэ кэргэҥҥэ ким эбит ыарыйда даҕаны бырааһы ыҥырыҥ;
- дьиэҕитин салгылатыҥ уонна сиигирдиҥ;
- элбэх киһи мустар сиригэр сылдьымаҥ;
- дьонноох сиргэ мааската кэтиҥ;
- көрсүһүүлэргэ куустуһумаҥ, илии тутуһумаҥ;
- суумматах илиигитинэн сирэйгитин, харахтаргытын, муннугутун тыытымаҥ.
Бэйэҕит уонна оҕоҕутун илдьэ элбэхтик таһырдьа, сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдээҥ.