Григорий Евсеев: «Эйэ эрэ баар буоллун»
Хас биирдии киһи ураты дьылҕа, интэриэһинэй олох, арыллыбатах, кэпсэммэтэх кинигэ. Ханна да тиий, ханна да сырыт, суруналыыс киһи суруйар матырыйаалыгар дьоруой көрдүүр, ыйыталаһар, сураһар. Бүгүҥҥү “Ыалдьыт” рубрикаҕа ааҕааччыларбытыгар интэриэһинэй киһини көрдөөн, Москваттан булан ыллыбыт. Онон кинини кытта кэпсэтиибитин сыта-тура ааҕаргытыгар ыҥырабыт.
Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгин, Хампа бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, ИДьМ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ, Арассыыйатааҕы бэтэрээннэр пуондаларыттан “За благотворительность” мэтээл хаһаайына Григорий Трофимович Евсеев – мин бүгүҥҥү ыалдьытым.
“1952 сыллаахха тохсунньу 3 күнүгэр Кулуһуннаах диэн алааска пиэрмэҕэ төрөөбүтүм. Ийэм Анастасия Дмитриевна Хампа балыыһатыгар кыайан кэлбэккэ, эбэм төрөппүт этэ. Дьиэбит ол саҕана хотону кытта бииргэ турара. Ийэм икки кыыстаах мин аҕабар эргэ баран, үс уолу төрөппүт, мин онтон ортокулара этим. Аҕам Трофим Саввич Евсеев 5 саастаахпар, ийэм 13-тээхпэр бу орто дойду олоҕуттан барбыттара. Онон эрдэ тулаайах хааламмын, кэнники Дьоруой-ийэ буолбут уон оҕолоох эдьиийбэр иитиллибитим. Татьяна Моисеевна Осипова диэн ийэбитин солбуйбут киһибит билигин элиэр сылдьар, 84 саастаах, Хампаҕа олорор. Кыыһыныын хотоннорун көрөллөр, ынах-сүөһү ииттэллэр. Түгэнинэн туһанан ийэм тэҥэ саныыр ытыктыыр киһибэр Татьяна Моисеевнаҕа улахан-улахан барҕа махталбын тиэрдэбин уонна өссө да уһуннук, дьоллоохтук олороругар, чэгиэн сылдьарыгар баҕарабын”.
Григорий Трофимович оҕо сааһын олус күндүтүк ахтар, саныыр. Төһө да кырыымчык, ас-таҥас күндү кэмигэр олордоллор, аччыктыыр, тоҥор-хатар диэни билбэккэ, эдьиийдэрин сылаас сыһыаныгар, дэлэй илиитигэр, үтүө санаатыгар этэҥҥэ улаатан киһи-хара буолбуттарын билигин санаан уйадыйа махтанар.
Ахсааҥҥа биэһинэн үөрэммитим
“Хампа орто оскуолатын ситэ бүтэрбэтэҕим, Бүлүүгэ киирэн оройуон балыыһатыгар хачыгаардыы-хачыгаардыы киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэн, 11 кылааһы бүтэрбитим.
Оскуолаҕа алта сааспар киирбитим. Үөрэхпэр орто баайыы этим. Арай ахсааҥҥа – математика, геометрия буоллун – наар «биэс» сыанаҕа үөрэммитим, онтон нуучча тылыгар олох “өлөн” түһэрим, “биир”, “икки” сыаналары ылаттыырым. Хаһан нуучча сиригэр баран нууччалары кытта алтыһыахпыный диэн олох да кыһаммат этим. Хата, учууталларым барахсаттар, син өрө тарданнар, тулаайах эҥин диэн буолуо, аһынаннар, кылаастарбын тахсарым.
Ол хачыгаардыы, киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, Хампаҕа интэринээккэ бииргэ олорбут Борис Иванович Егоров, кини миигиттэн үрдүкү кылааска үөрэммитэ, хомсомуолга ыллаттарбыта. Оччолорго Райкомол 1-кы сэкирэтээрэ этэ. Оскуолабын бүтэрбит сылбар Омскайга Милииссийэ үрдүкү оскуолатыгар миэстэ кэлбитэ. Мин юрист буолар баҕа санаалаах этим, онон ол путевканы миэхэ туттаран, үөрэ-көтө барбытым уонна киирэн хаалбытым. Онон Борис Ивановичка, билигин суох да буоллар, махталым улахан.
Үрдүк үөрэххэ син ортолор кэккэлэригэр үөрэммитим. 4 сыл үөрэнэн бүтэрбитим. Саха сириттэн бииргэ үөрэммит уолаттарбын ааттаталыыр буоллахха – Егор Петрович Васильев, полковник, холуобунай ирдэбил начаалынньыга; Константин Константинович Алексеев, Үрдүкү суут бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта; Владимир Алексеевич Федюнин, ИДьМ миниистирин солбуйааччы; уонна Эстрада тыйаатырыгар дириэктэрдээбит, биир кууруһунан аҕа, Василий Васильевич Филиппов этилэр”.
Үлэ аартыгар үктэнии
Григорий Трофимович байыаннай-байыаннай курдук араас салайар үлэнэн Саха сирин элбэх оройуонун кэрийбитэ. Этэргэ дылы, баартыйа ханна ыйарын хомсомуол толорон истэҕэ. Үлэлээбит сирин барытын суруйдахпытына, үлэ киниискэтин толоруу курдук буоларынан, аҕыйах сирин ахтан ааһыахха.
“1973 сыллаахха, үөрэхпин бүтэрээт, оччотооҕуга Орджоникидзевскай оройуон Покровскайыгар холуобунай ирдэбил инспекторынан ананан барбытым. Манна биир сыл үлэлээбитим. Онно үлэлии сырыттахпына уопсастыбаннай үлэ быһыытынан Силиэстийэлиир органнарга хомсомуол бастакы сүһүөх тэрилтэтигэр сэкирэтээринэн талбыттара. Онтон Александр Михайлович Ягнышев рекомендациялаан, райкомол иккис сэкирэтээрэ буолбутум. Эмиэ биир сыл үлэлээбитим кэннэ Абыйга 1-кы сэкирэтээринэн икки аҥаар сыл, ол кэннэ 1978 с. хомсомуол обкомун спортивнай оборона маассабай отделын сэбиэдиссэйинэн 1980 сылга диэри, онтон 1980 сыл ыам ыйын 7 күнүгэр “Таатта” сопхуос парткомун сэкирэтээринэн ыыппыттара. Онно Чөркөөххө 3 сыл үлэлээбитим.
Онтон Дьокуускайга баартыйа куораттааҕы кэмитиэтигэр “Отдел административных и торгово-финансовых органов” инструктордаабытым. Чэ ити курдук бэрт элбэх сиргэ көһө сылдьан үлэлээбитим.
Тааттаҕа сопхуос икки дириэктэрдэрэ Хрисанф Иванович Кашкинныын, Семен Гаврильевич Жирковтуун бэркэ диэн тапсан үлэлээбиппит, чугастыы билсибиппит. Чөркөөххө үлэлиирбэр биир сайын Виталий Тимофеевич Андросов СГУ медицинскэй факультетын оҕолорун практикаҕа аҕалбыта. Аҥаардара ыанньыксыттары солбуйбуттара, аҥаардара – окко сылдьыбыттара. Ол дьыл сопхуоспут оттооһун былаанын толорон, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэни ылбыта. Онно баартыйа обкома Таатта уопутун өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатыахха диэн эппитэ.
Кырдьык, умнуллубат, таһаарыылаах сайын ааспыта. Оччотооҕу дьон билигин да саныыр буолуохтаах. Виталий Андросовтааҕы кытта агитбиригээдэ тэрийэн, сайыны быһа отчуттарынан, пиэрмэлэринэн Ытык-Күөлгэ тиийэ кэнсиэрдээн, үлэ дьонун санааларын көтөҕөн, кыайыыга угуйан, былаан туолуутугар кырата суох көмөнү оҥордохпут. Чөркөөх музейыгар Суорун Омоллоон көрдөһүүтүнэн Туора Күөл Ураһалаах пиэрмэтиттэн 12 остуолбалаах, үрдүгэр төгүрүччү иилээх Моҕол ураһа төрдүн түөрэн аҕалбыппыт күн бүгүҥҥэ диэри турар.
ССКП Дьокуускай куораттааҕы кэмитиэтин кэнниттэн Алексей Александрович Томтосов ыҥырыытынан Ньурбаҕа пропаганда уонна агитация отделын салайааччытынан Владимир Михайлович Членов оннугар барбытым”.
Москва олохтооҕо буолуу
Мин дьоруойум Сэбиэскэй кэмҥэ иитиллибит, үлэлээбит киһи быһыытынан билигин да олоххо көхтөөх позициятын ыһыктыбат. Кини билигин чааһынай тэрилтэлээх, ону таһынан Москваҕа сахалар землячестволарын сэбиэтин биир актыыбынай чилиэнэ, Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ бэтэрээннэрин сэбиэтигэр баар.
“2011 сыллаахха “Всероссийский совет ветеранов войны и труда вооруженных сил и правоохранительных органов” бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Иванович Карабанов ыҥырыытынан кэлбитим. Будимир Дмитриевич Слепцов бэтэрээннэр сэбиэттэрин пленумугар кэлэ сылдьан тыл эппит. Саха сиригэр тэрилтэ баар, ол тэрилтэ бырабыыталыстыба уурааҕынан сэттис сылын “Победа” диэн аһымал лотерея ыытан, 20 бырыһыанын бэтэрээннэргэ биэрэр, онон кинигэ тахсарыгар, араас тэрээһин оҥорорго, ону таһынан инбэлииттэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго көмө оҥорор диэн. «Ону Арассыыйа үрдүнэн оҥоруоҥ дуо?» диэн боппуруос турбутугар тута сөбүлэһэммин, ыҥырыыны ылынан, көһөн кэлбитим. Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ кыттыһан 47 региоҥҥа үлэлээбиппит.
Москва уобалаһын Одинцово оройуонугар дьиэ кэргэмминиин олоробут. Соторутааҕыта Московскай уобалас бэтэрээннэрин сэбиэтэ “Бочуоттаах бэтэрээн” бэлиэни туттарбыта.
1985 сыллаахха Галина Николаевналыын ыал буолан, 38 сыл иллээхтик-эйэлээхтик олоробут, 36-лаах Илья Григорьевич диэн уоллаахпыт, манна аттыбытыгар баар, дьиэлээх-уоттаах, ыал киһи. Бэйэм сиэннэрдээхпин, хос эһээ буолбутум үс сыл буолла”.
Бааһырбыттарга көмөлөһөргө лотерея тэрийээри гынабын
Ааспыт нүөмэргэ дьон массыанньыктарга мөлүйүөнүнэн сууманы биэрэрин, оттон дьиҥ-чахчы көмөҕө, ыалдьыбыт, дьиэлэрэ умайбыт, араас кыһалҕаҕа түбэспит дьоҥҥо харчы хомуйуутугар ытыспытын сотторбут туһунан суруйбутум. Билигин анал байыаннай дьайыыга кыттан бааһырбыт уолаттарга эн, мин, кини эрэ харчынан көмөлөһүөхпүтүн сөп. Кинилэргэ сокуонунан ханнык да счет аһыллыбат, харчы хомуйуута көҥүллэммэт. Онуоха “Сахаволонтердар” баҕа өттүнэн ким аҕыйах солкуобайтан саҕалаан көмө ыытар харчыларынан ас-таҥас ылан, астаан-үөллээн госпиталларга таһаллар. Сорох түгэҥҥэ, ыксал тирээтэҕинэ, биир солкуобайа да суох хаалаллар.
Онуоха Григорий Трофимович биир кистэлэҥ, уруккуттан иитиэхтии сылдьар санаатын кытта үллэстэр уонна, онно уопуттаах буолан, табыллыа дии саныыр.
“2014 сылга Госдуума чааһынай лотереялары бобон кэбиспитэ, мин тэрийээччи уонна оператор этим. Лотерея сабыллыар диэри 64 мөлүйүөн бэтэрээн тэрилтэлэригэр көмө бэриллибитэ. Бастаан Кыайыы 65 сылыгар Саха сиригэр ыыппыппыт, Арассыыйаҕа Кыайыы 70 сылыгар тэрийбиппит. Эттэххэ судургу гынан баран, ымпыга-чымпыга, сүүрүүтэ, тэрээһинэ, көҥүлэ олус элбэх. Арассыыйа үрдүнэн В.В. Путин салайар “Победа” диэн тэрийэр кэмитиэт баар, ол тэрээһиҥҥэ биир пуунунан киирбиппит. Уон сыл тухары ыыппыппыт, онтон үһэ – Арассыыйанан, сэттэтэ Бырбыыталыстыба уурааҕынан – Саха сиригэр.
СВО саҕаламмытын кэннэ лотерея ыытыытын чөлүгэр түһэрбит киһи диэн санаалар үөскээбиттэрэ. Аһымал лотереяны ыытарга күчүмэҕэй, госпуондалар нөҥүө тэрийбит киһи диэн толкуйдар бааллар. Сурук бэлэм сытар, ким нөҥүө барыахтааҕа эҥин. Толкуй элбэх, ону барытын билиҥҥитэ быктарбаппын. Сэттэ-аҕыс бырайыак баар, онуоха Бырабыыталыстыба уурааҕа наада, Үп эбэтэр атын министиэристибэ сүбэлэһиэн наада, былырыыҥҥыттан анньыһан көрөбүт. Дьоруой куораттар Арассыыйатааҕы сойуустара, Бойобуой Албан аат уонна Үлэ Албан аатын сүкпүт куораттар, ол иһигэр биһиги Дьокуускайбыт, өйүүллэр, быһа холоон 100-чэ куорат буолла. Кинилэр Арассыыйа лотереятын ыытарбар көмөлөспүттэрэ, ол иһин миигин билэллэр. Мишустиҥҥа ыытар сурукка илии баттыыбыт дииллэр. Өссө Сэбилэниилээх күүстэр бэтэрээннэрин сойууһа баар, олору кытта эмиэ үлэлэһэр былааннаахпыт. Икки бас-көс тэрилтэ баттыыра буоллар, хамсааһын тахсыа этэ. Судаарыстыба таһымнаах буолуон наада.
Лотерея ыытыы сокуона элбэх, ону ырыта, кэпсии барбаппын, кимиэхэ төһө-хачча тиийэрэ барыта суоттаныллар. Биһиги баҕабыт диэн, лотереяттан киирбит үп саатар 20 бырыһыана дойдубут бэрэсидьиэнэ тэрийбит “Защитники Отечества” Судаарыстыбаннай пуондатыгар бэриллэр диэн уураах тахсара, бу улахан көмө буолуо этэ.
Урут киирбит үптэн бэтэрээннэр тэрилтэлэригэр биэрэр этибит, аадырыстаах көмө оҥоһуллара, инбэлиит, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго эмиэ. “Азия оҕолоро” Саха сиригэр ыытылларыгар 5 мөлүйүөн курдугу биэрбиппит”.
Күн бүгүн да госпиталтан кэллим
Григорий Трофимович бааһырбыт уолаттарга көмөтө баһаам. Кини уолаттары аһатан-таҥыннаран, көрсөн, атааран, бастаан кыраттан саҕалаан, билигин волонтердар хамсааһыннарыгар бигэ киирбитин, сайын устата харыс халбарыйбакка көмөлөспүтүн, буола турар анал байыаннай дьайыыны олус чугастык, дириҥник ылынарын “Сахаволонтер” хамсааһын салайааччыта Туяра Константинова махтанан туран кэпсиир.
“Биир күн билэр киһим көрдөспүтэ, оҕобут бааһыран сытар, бара сылдьыаҥ дуо”,– диэн, онтон саҕаламмыта, уолаттарга көмөм. Москваҕа Балашихаҕа сытара, ити былырыын кыһын этэ. Уол туруга отой мөлтөх, төбөтүгэр улахан бааһырыылаах, түөрт гыммыт биирэ суох да этэ диэххэ сөп; саҥарбат, илиитинэн, атаҕынан эрэ кэпсэтэр, ону кэлээскэнэн таһырдьа таһаарарым. Уолаттары Москваҕа уһуннук туппаттар, ыыталаан иһэллэр, ыҥырыллыбыт сирдэринэн. Биһиги уолаттарбыт үксүлэрэ салгыы Уһук Илин региоҥҥа бараллар, бу уолбун Улан-Удэҕэ ыыппыттара. Бэттэх кэлэн иһэр, ол эрэн кыайан саҥарбата буолуо диэбиттэрэ.
Уолаттар, мин санаабар, санаалара күүстээх, бөҕөх, өлөн-быстан эрэбит диэбэттэр, волонтер кэллэҕинэ, үөрэллэр аҕай. “Сахаволонтердары” кытта сибээһи тутабын, Туяра Николаевнаны уруккуттан билэбин, кыргыттар олус бэриниилээхтик, үчүгэйдик үлэлии сылдьаллар, дьон махтала улахан.
Уолбут массыынатынан барытыгар сылдьыһар, ас астааһына, буһарыы кэргэним өттүттэн, хайаан да алаадьылыыр, эт аһылык илдьэбит уонна фрукта, оҕуруот аһа. Уолаттар сирбэккэ-талбакка туох кэлбитинэн аһыыллар, палатаҕа сытааччылар элбэхтэр, түөртүү-биэстии эҥин буолаллар, наһаа үчүгэйдик бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннаһаллар, аһынсаллар, өйөһөллөр, онон илдьибит аспытын бары да сииллэр быһыылаах.
Олус эдэр оҕолору көрөн киһи олус аһынар, икки илиитэ, атаҕа суохтар бааллар. Уопсайынан, волонтерскай үлэ тохтуо суохтаах, дойдуларыгар тиийбит бааһырбыттарга салалта, нэһилиэнньэ салайааччыларын да өттүттэн улахан болҕомто наада. Өлбүттээхтэргэ, төрөппүттэргэ көмө, Судаарыстыбаннай пуонда тэриллибитэ саамай сөп. Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үп-харчы өттүн дьаһайыан наада.
Сахалар быыстапкалара саамай чорбойор
Сэтинньи 4 күнүгэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр Арассыыйа бары регионнарын түмэр аан дойдутааҕы быыстапка-форум үлэтин саҕалаата. Манна биһиги Сахабыт сирин көрдөрөр, билиһиннэрэр быыстапкаҕа аҥаардас бастакы күн 15 тыһыынча киһи сылдьыбытын бэлиэтииллэр.
“Саха сирин күннэригэр сырыттыбыт, туораттан көрдөххө, биһиги дойдубут панорамата наһаа үчүгэй, идеята, Аал Луук Мас баара, национальнай көстүүмнээх кыргыттар тураллара, олоҥхобут уратыта, быыстапкалара, уопсайынан, атыттартан чорбойор диэхпин баҕарабын. Сэтинньи 12 күнүгэр дьэ бары бараары бэлэмнэнэ сылдьабыт. Геройдарбыт кэлэллэр дииллэр, “Алеша” ырыабытын үөрэтэбит.
Манна даҕатан эттэххэ, биһиги уолаттарбыт анал байыаннай дьайыыга улаханнык чорбойдулар, ордук “Алеша” таанка байыастара. Киһи киэн туттар, дьон сахалары билэр, убаастыыр буоллулар. Атын омуктар биһиги уолаттарбыт ураты хаачыстыбаларын, булчуттарын, көрсүө-сэмэй майгыларын бэлиэтииллэрин элбэхтэ иһиттим.
Саха аатын аатыртылар, итинэн сылтаан саха омукка уопсай үрдүк сыанабыл бэриллэр”.
Эйэ эрэ баар буоллун
Саха киһитэ сэмэйинэн ураты. Григорий Трофимовичтан дойдугар итиччэ уһуннук үлэлээбит кэмнэргэр син биир туох эрэ суолу-ииһи хаалларбытыҥ буолуо, ол туһунан кэпсээ диэммин ыктым-түүрдүм.
“Икки сыл Мииринэй Чернышевскайыгар баар балык ыаматын иитэр собуокка дириэктэрдээбитим, реконструкция үлэтин ыыппыппыт. Бастаан Саха сирин Айылҕа харыстабылын Москваҕа бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитим, онтон “Федеральное агентство по рыболовству. Управление аквакультуры” диэҥҥэ үлэлии киирбитим. Манна үлэлии сылдьан Саха сиригэр Улахан Ааҥҥа балык собуотун тутуутугар бырабыыталыстыба хамыыһыйатын тэрийтэрбитим, хас да сыл үөрэтэн көрөн баран Улахан Ааҥҥа тутуохха сөп диэн түмүк ылбыппыт. Бырайыага бүттэ, экспертиза бара турар. Харчы тыырыытыгар хойутааһын буолан хаалла, онон куоттардыбыт, эһиил саҕаланара саарбахтанна. Бу собуот тутулларыгар сүрдээҕин сүүрбүтүм. Онон манна улахан оруоллаахпын дии саныыбын. Үөһээ Бэстээххэ бэйэм сүүрэн-көтөн, туруорсан, геологическай партия бырахпыт сынньанар базатын КУМИ нөҥүө оҥотторон, ИДьМ сынньанар базатын тэрийбиппит. Өргө диэри Евсеев оҥотторбута диэн өйдөбүнньүк дуоска ыйанан турбута. Чэ, уонна да атын сирдэргэ сирдэрбэт гына үлэлээбитим, кылаабынайа, үлэҕэр бэриниилээх, чиэһинэй, үтүө суобастаах буолуохха наада.
Дьокуускай куораппыт тупса улаатар, ол эрэн манна дьону мунньар сыыһа, тыа сирэ эстэр. Тыалар бары куоракка дьиэ ылан, ипотекаларын төлүү сатааннар, сүөһүлэрин эстилэр, бастакыттан манныкка тиийиэхпит диэн көстөр этэ.
Ол кэриэтэ тыа сиригэр инфраструктураны сайыннаран, балыыһаны, оскуоланы, олорор дьиэни толору хааччыллыылаах таах оҥоруохха сөп. Бастакыттан оннук политика барбыта буоллар. Бириэмэтэ кэллэҕинэ, куорат курдук сирдэртэн тыаҕа кэлиэхтэрэ диэн эрэллээхпин. Урут сүөһү көрүүтүн кирдээх үлэ курдук саныыллар этэ, кэнники култуурунай өттүгэр бардаҕына, көһүү барыа, ыччат санаата-оноото уларыйыа.
Тыа хаһааайыстыбатын өрө тардыахха наада. Бэйэ бородууксуйатын, олохтоох аһы-үөлү элбэтэр боппуруос туруохтаах. Биир холобуру аҕалыахпын баҕарабын. Үөһээ Дьааҥыга алта сыл үлэлээбитим, ол иһигэр түөрт сыл Адыаччыга Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн. Аан бастаан 1986 сыллаахха тиийэрбитигэр дьон ынах өлөрүүтүгэр отой тахсыбаттар этэ, убаһа иһин биэриэхпит эҥин диэн манньалаан таһаарарбыт. Аны туран, этэр этим, сотору балбаах даҕаны, ынах сааҕа даҕаны күндү буолуо диэн. Үлэлээн бүтэн кэлэрбит саҕана Баатаҕайга, оруобуна мин эппитим курдук, балбаах, ынах иһэ былдьаһык буолбута. Ол иннинэ «эһиги, дойду дьоно, ынах иһин сиигит» диэн тыллаһар этилэр. Куобахтара, табалара да элбэҕэ бэрт буоллаҕа. Дьон санаата уларыйыан наада, оччоҕо тыа хаһаайыстыбата өрө тахсыа этэ, билигин ити кыһалҕаны ким да кыайбата, сыл аайы сүөһүбүт ахсаана аҕыйаан иһэр.
Бастатан туран, анал байыаннай дьайыыбыт бүтүөн наада, эмискэччи, баҕар, бүтэн хаалыа диэн эрэл баар. Эйэлээх олох кэлэрин туһугар бүтүн орто дойду дьоно-сэргэтэ барыта баҕарар, онон биир дойдулаахтарбар баҕарыам этэ эйэлээх күөх халлааны, үтүө, эриэккэс сонуннары, уһун дьоллоох олоҕу”.