«Государственные и муниципальные услуги РС(Я)» порталга уларыйыылар киирдилэр
«Платежи» хампаанньа иһитиннэрбитинэн, «Государственные и муниципальные услуги РС(Я)» e-yakutia.ru портал олох-дьаһах коммунальнай төлөбүрүн систиэмэтигэр уларыйыы киирбит.
1. Интэриниэт-браузер адреснай строкатыгар e-yakutia.ru диэн суруйабыт.
2. Бары эпэрээссийэлэр гражданин тус кэбиниэтигэр оҥоһуллаллар. Онно киирэргэ регистрация эбэтэр авторизация наада.
3. Тус кэбиниэккэ киирэн «Оплата» диэни булабыт.
4. Ыйыллыбыт өҥөлөртөн «ЖКХ» диэн салааны баттыыбыт.
5. Салгыы «Оплата квартплаты через систему «Дом Онлайн» салааҕа «Лицевые счета» диэни талабыт, «Создать» кнопканы баттыыбыт уонна дьиэни бас билэрбит туһунан дааннайдары толоробут.
6. «Начисления» салааҕа бас билэр дьиэбитин талабыт, «Найти начисления» кнопканы баттыыбыт.
7. Төһө төлөбүр ааҕыллыбытын көрөбүт, «Оплатить» кнопканы баттыыбыт.
8. Баан каартатын дааннайдарын толорор туһунан информация тахсыаҕа.
9. Оҥоһуллар эпэрээссийэлэри бигэргэтэн төлөпүөҥҥүн нүөмэригэр баан смс-коду ыытыаҕа.
10. Төлөөбүккүт туһунан чек электроннай почтаҕытыгар кэлиэҕэ. Төлөөбүккүт туһунан «История платежей» салааҕа көрүөххүтүн сөп.
Тус кэбиниэккэ учуоттуур прибор көрдөрүүлэрин, төһө ааҕыллыбытын көрүөххэ уонна кыбартыыра төлөбүрүн ханнык баҕарар баан каартатыттан оҥоруохха сөп.
Төлөбүр туһунан бу нүөмэртэн ыйыталаһыахха сөп: 40-20-32, эл.почта: platezhi.yakutsk@inbox.ru