30.08.2021 | 18:55

Госдума депутата Николай Валуев – Дьокуускайга

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев РФ Госдуматын депутата, экология уонна тулалыыр эйгэни харыстыыр  кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Николай Валуевтыын көрүстэ. Ол туһунан Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Айсен Николаев уонна Николай Валуев региоҥҥа баһаартан эмсэҕэлээбит ойууру, Бэс-Күөл сэлиэнньэтин чөлүгэр түһэрии, Саха сирин олохтоохторун  санаторнай-курортнай эмтээһин тула кэпсэттилэр.  
Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сүбэһитэ Георгий Балакшин, СӨ экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Сахамин Афанасьев кыттыыны ыллылар. 
Айсен Николаев маннык уустук кэмҥэ волонтердар хамаандаларын кытта Саха сирин олохтоохторун өйүү кэлбитин иһин Николай Валуевка махталын биллэрдэ. 
РФ Госдуматын депутата атырдьах ыйын 29 күнүгэр Горнай улууһун Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр сылдьан олохтоохтору, Илиҥҥи байыаннай уокурук инженернэй этэрээтин байыастарын кытта көрсүбүтэ, сэлиэнньэни чөлүгэр түһэрэр үлэ хаамыытын кытта билсибитэ, «Сохраним лес» Бүтүн арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыбыта. Николай Валуевы кытта чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ баҕа өттүнэн көмөлөһө Арассыыйа 16 субъектарыттан 75 киһи кэлбит. 
Николай Валуев өрөспүүбүлүкэ былааһа баһаартан эмсэҕэлээбит олохтоохторго бары ирдэнэр көмөнү кэмигэр толору оҥорбутун, дьон доруобуйатын чөлүгэр түһэрэ санаторнай-курортнай эмтэнээһиҥҥэ барарыгар үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Айсен Николаев этиитин РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөн, РФ социальнай страховкалааһынын Пуондата кылгас болдьох иһигэр дьону Москва, Владимир, Тюмень уобаластарын улахан санаторийдарыгар барар путевкаларынан хааччыйбыта. 
Ол курдук, атырдьах ыйын 27 күнүгэр доруобуйаларын туругун тупсара Горнай, Бүлүү, Уус-Алдан, Чурапчы, Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускайтан 180 киһилээх бастакы бөлөх барбыта. 
Айсен Николаев уонна Николай Валуев көрсүһүүгэ ойуурдары чөлүгэр түһэрии бырайыагын дьүүллэстилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ Саха сирин киин уонна соҕурууҥу өттүгэр икки ойуур питомнигын арыйыы былааннанар. 
Николай Валуев өрөспүүбүлүкэтээҕи питомнигы тэрийии туһунан быһаарыныы саамай сөптөөҕүн бэлиэтээтэ.  Кини итинник питомниктары атын регионнарга эмиэ тэрийэр туһунан федеральнай таһымҥа туруорсарын эттэ. 
Көрсүһүүгэ баһаары умуруоруу саҥа систиэмэтин оҥорууну, ойууру чөлүгэр түһэриини, этиҥ түһэриттэн көмүскэниини, эһиилги баһаартан сэрэхтээх сезоҥҥа бэлэмнэниини дьүүллэстилэр.  
Итини сэргэ, Айсен Николаев уонна Николай Валуев ойуур хаһаайыстыбатын салаатын үбүлээһин, нэһилиэнньэлээх пууннары баһаартан харыстыыр курдук федеральнай сокуоҥҥа, чуолаан РФ Ойуурун Кодексатыгар уларытыылары киллэрии, ойууру харыстыыр региональнай күүстэри хаҥатыы туһунан кэпсэттилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...