09.08.2021 | 14:29

Горнай улууһун Бэс-Күөл сэлиэнньэтин 185 олохтооҕор көмө оҥоһуллуоҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит Горнай улууһун Бэс-Күөл сэлиэнньэтин 185 олохтооҕор 30-туу тыһыынча солкуобай көмө оҥоһуллар. 
«Баһаартан сэрэхтээх нэһилиэнньэлээх пууннарга олорор гражданнары баҕа өттүлэринэн эвакуациялыыр пууннарга илдьэллэр, олорор сиринэн уонна аһылыгынан хааччыйаллар», – диэтэ брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ суһал штабын салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина.
Итини сэргэ баһаартан эмсэҕэлээбит дьону күннээҕи туттар тэрилинэн, таҥаһынан хааччыйар боппуруос турар. 
«Көмө оҥорорго судаарыстыбаннай уонна муниципальнай, ону таһынан аһымал үп туттуллар. Алта аҕам саастаах киһи реабилитациялыыр кииҥҥэ киирэр баҕа санааларын биллэрдилэр. Итини таһынан аҕыс саастарыттан үөһээ уон оҕо бөлөҕө „Орленок“ лааҕырга барыаҕа. Билиҥҥи кэмҥэ тэрийии боппуруостара быһаарыллар. Горнай улууһун территориятыгар Саха сирин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Иван Алексеев үлэлиир. Дьон кыһалҕатынан үлэ барыта Ил Дархан Айсен Николаев тус хонтуруолугар сылдьар», – диэн эбэн эттэ Ольга Балабкина.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...