Үгэскэ киирбит “Байанай күрэҕэ-2023”
Быйыл 2023 сылга СӨ Үлэ сыла биллэриллибитинэн, хамаандалар үлэ кэлэктииптэрин аатыттан буоллулар. Этиллибитин курдук, үгэскэ киирбит буолан, кыттааччылар баһыйар үгүс өттө бу күрэххэ кыттыбыттар. Онон бэлэмнэнии чааһыгар эмиэ наһаа улахан мэһэйдэр-моһоллор суох дэһэллэр хамаандалар. Бу сыллар тухары күрэх хааччыллыы, күрэх түһүмэхтэригэр кыттыы хаачыстыбатын да өттүттэн сайдан-үүнэн, кыттааччылар, этэргэ дылы, тиистэригэр тиийэ сэбилэниилээхтэр. Маҥнайгы сылларга туут хайыһар оннугар спортивнай хайыһарынан тоҥуу хаарга батылла – батылла сүүрэр буоллахтарына, билигин ол хайыһар арааһа баар уо.д.а.
Быйылгы “Байанай” боротуохаҕа – “Оломҥо” буолла. Тэрийээччилэр – Хатас олохтоох дьаһалтата (салайааччы Пермяков Евгений Петрович), тэрийэр хамыыһыйа (уопсастыбанньыктар) эрдэттэн мунньахтаан, сүбэлэһэн, хаары күртэрэн, күрэх түһүмэхтэрин бэлэмнээн, түһүмэх аайы наадалаах атрибуттары булан уурталаан, туруорталаан, спонсордары кытта үлэлэһэн, бирииһи дэлэччи-хоточчу булан, дьиҥ-чахчы үтүөкэн тэрээһин бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик, орун оннугар ааста. Бүгүн күн-дьыл туруга даҕаны, айылҕа оҕото буоларбытын биллэрэрдии, тыалыран, хаардаан, күнүн таһааран, былытыран, сылыйа да сылдьан, ааттыын кубулҕаттаах кулун тутар буоларын көрдөрдө. Ону ол диэбэккэ көрөөччү элбэҕэ сөхтөрдө. Биир да сыл көтүппэккэ көрөр, сэргиир Дарья Пермякова, Евдокия Баишева, Николай Сивцев, Ларионовтар дьиэ кэргэттэрин бары көлүөнэтэ, эдэр ыаллар Тимофеевтар, Пермяковтар, Баишев Анатолий, Оконешников Алексей уо.д.а. барыларыгар махтал. Оҕолор күрэх саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри көрөн, ыраас салгыҥҥа сырыттылар, төлөпүөнтэн аралдьыйдылар,ыраас хаарга тотуохтарыгар диэри оонньоотулар-көрүлээтилэр.
Быйылгы күрэх биир сонуна - Маҕан нэһилиэгиттэн хамаанда хомуллан кэлэн кыттыспыта буолл. Ол курдук барыта 7 хамаанда кыттыылаах, кырдьыга да, көхтөөх күрэх буолан ааста. Кинилэр кимнээҕий:
1) №8 баһаарынай чаас (салайааччы Гаврильев Николай Николаевич);
2) СТНГ ХЭГУ (салайааччы Васильев Николай Николаевич);
3) П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан ХОО (дириэктэр Слепцов Николай Владимирович);
4) Хатастааҕы эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ (дириэктэрдэр ДШИ- Лемешева Христина Николаевна, “Ситим” айымньы дьиэтэ Стручкова Саргылана Тарасовна ,ДЮСШ – Гоголев Евгений Егорович);
5) Дьокуускай куоракка үлэлиир биир дойдулаахтарбыт - салайааччы Ларионов Анатолий Степанович;
6) Прогресс ХЭТ – Пинигин Алексей Семенович, ПТСК - Олесов Леонид Александрович;
7) Маҕан нэһилиэгин сүүмэрдэммит хамаандата.
Күрэхпит хаһан да буоларын курдук мууһу буурунан үүттээһинтэн саҕаланна. Манна СТНГ ХЭГУ хамаандата тэҥнээҕин булбата – тус герой Васильев Николай буолла. Онтон ойбон алларыыта, бу көрүҥҥэ күүтүллүбүтүн курдук бу тухары тэҥнээҕин була илик Дьокуускай хамаандатыттан Ларионов Анатолий быраатынаан Геннадийдыын уонна Владислав Никифоров састааптаах хамаанда бастаата. Ойбон алларыыта күүһү-сэниэни сөпкө туттууну, хамсаныыны сааһыланыыны, бэйэ – бэйэҕэ мэһэйдэспэккэ көмөлөһүүнү эрэйэр, бэл тыынардыын бииргэ буоллахха, үҥкүү курдук биир тэтимҥэ киирдэххэ кыаллар үлэ. Бүгүн оннук хартыынаны көрдүбүт, Ларионовтар тутталлара-хапталлара тупсаҕайа, көрдөххө сүрдээх холкутук көйө, аллара сылдьар курдуктар. Дьиҥинэн, итиннэ өй-санаа күүрүүтэ, иҥиир – ситии тардыыта,кыраҕы харах, илии-атах хамсаныытын алтыһыыта буоллаҕа. Бу кыайыыны-хотууну төрөппүт аҕалара – Ларионов Степан Романович көрөн турара саныырга да, көрөргө да үчүгэйин эриэхсит. Үһүс түһүмэх - массыынаны соһуу, манна СТНГ ХЭГУ хамаандата кыайда. Саха киһитигэр уот суолтата сүдү күүстээх, аал уот барахсан араҥыччылыыр, ыраастыыр, ичигэһинэн илгийэр, сылааһынан сыдьаайар, аспытын-үөлбүтүн буһарар, чэйбитин оргутар. Ол да иһин бу түһүмэх куруутун тыҥааһыннаах, киирсилээх, сүрэх өрүкүйүүлээх ааһааччы.
Тоҥуу хаарынан сүүрэн тиийэн мас аҕала охсон чууркалаан, тырыыҥкалаан (чыыппааннаан), уоту умата охсон баран уот күүһүн таба туһанан ууну түргэнник оргутуу манан аҕай дьыала буолбатах. Дьэ манна буолааччы уоту күөдьүтэр баҕаттан кэтэ сылдьар таҥаһы уһула баттаан сапсынан, бэйэтэ туһугар күн үҥкүүтэ оһуохай хамсаныыта ... Бастыҥ уот оттооччу, уу оргутааччы аатын СТНГ ХЭГУ хамаандатыттан Жирков Александр, Тарабукин Спартак ыллылар. Буулдьанан ытыыга тыалы, салгын хамсааһынын ааҕан-суоттаан учуоттаан ытыыга хамсаабат илии, тутар сис, кытаанах санаа олус наадалар. Кыраҕы харахтаах бастыҥ ытааччынан Хатастааҕы эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин хамаандатыттан Алексей Осипов буолла. Манна биир саамай күүрүүлээх, саҥата суох барыахха диэри бары тыҥыахпытыгар диэри түгэн иккис миэстэ буолбут Прогресс ХЭХ, ПТСК хамаандатын бэргэн ытааччыта Алексейдыын биир бииргэ киирсиилэригэр буолла. Бу сырыыга Байанай Алексей диэки буолла. Ол кэннэ бу күннээҕи түбүк түмүгүн түмэр, этэргэ дылы, “за что боролись...” диэбиттии быһаарар, күүһү-сэниэни барыыр, тургутуу, туруулаһыы диэн тугун биллэрэр сэттэ түһүмэхтээх эстафета кыайыылаахтар кимнээх буолалларын туох да мөккүөрэ суох быһаарда. Бастакы түһүмэхтэргэ СТНГ ХЭГУ хамаандата хаардыы хаампыт буоллаҕына, ытыы уонна эстафета көрдөрүүлэрэ кыайыылаах ким буоларын быһаарда. Ол курдук, бастаан кинилэри кытта иэл-дьиэл бииргэ айаннаан испит Дьокуускай куоракка үөрэнэр, үлэлиир-хамсыыр уолаттарбыт хамаандата ити түһүмэхтэргэ уһулу ойон тахсан, бастаата! Иккис СТНГ ХЭГУ хамаандата буолла . Үһүс бириистээх миэстэни Прогресс ХЭХ, ПТСК холбоһуктаах хамаандалара ылла. Ыалдьыттарбыт Маҕан нэһилиэгин хамаандата саҥа кэлэн, этэргэ дылы саҥа тутан-хабан, тургутан бардылар, куруутун дьон тилэҕин көрбөтүлэр, сырыы аайы кэннилэригэр кими эрэ хааллардылар, эһиил оҥостон кэлиэхпит диэн бигэ санаалаах бардылар. Саамай саастаах кыттааччы диэн анал бирииһи бары да билэр, убаастыыр киһибит Гоголев Евгений Егорович уонна саамай эдэр кыттааччы диэни Алексеев Дмитрий ыллылар. Манна даҕатан эттэххэ, Дима бэрт соторутааҕыта НВК кубогар ситиһиилээхтик Хатас хамаандатыгар кыттыбыта.
Судьуйалар хамаандаларыгар уопуттаах Малышев Андрей Лукиһы, Никифоров Петр Андреевиһы, Саввин Андрей Андреевиһы, Руфов Андрей Анатольевиһы, Соловьев Артуру, Попов Николайы уо.д.а. кытта быйыл саҥа киирбит Матвеев Николай, Михайлов Алексей уо.д.а атыттар бааллар. Судьуйалар үлэлэрэ чуолкай, сааһыламмыт буолан, биир да мөккүөр-моргуор тахсыбата, барыта дьэҥкэ, чуолкай.
Күрэхпит бирииһин пуондатын суумата ботуччу, онон хамаандалар бары да өттүк харалаах, илии тутуурдаах бардылар. Бириистэри быһа тардан кэпсиир буоллахха, булка аналлаах күн талбыт мала-сала, эриһиинэ мөһөөччүгэр тиийэ уонна араас суумалаах сертификаттар. Спонсордар – Артур Соловьев, Окороков Спартак Константинович, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, тимир ууһа Алексей Апросимов Тимур Харитоновтыын, “Хатас булчуттара” түмсүү, Никифоров Петр Андреевич, Куорат Дууматын дьокутааттара Парасковья Козлова, Иван Салатюк, Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Семенов, “Серебряный ручей”, “Охотник на Ярославского”, “Бадаар”, SATA, Егерь, Рыболов маҕаһыыннар, "Прогресс"
ХЭТ,
Магазин Х1
"Егерь"
"Духовые манки" - "Кынат" хамаандата, Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс о.д.а.
Күрэхпитин Сырдык – Алексей Божедонов кэлэн үрдүк айыылартан ааттаһан-көрдөһөн алҕаан барда.
Күрэх үлэ тэрилтэлэринэн буолбута хамаанданы хомуйарга наһаа табыгастааҕын ордук бэлиэтээн-тоһоҕолоон эттилэр.
Дьэ ити курдук эһиилги үбүлүөйдээх онус күрэхпитигэр географиябыт өссө кэҥииригэр, көрдөрүү өссө тупсарыгар баҕаран туран, эһиил көрсүһүөххэ диэри диэн тарҕастыбыт.