12.05.2021 | 12:59

Георгий Балакшин Ил Дархан сүбэһитинэн ананна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2008 сыллааҕы Олимпийскай оонньуулар боруонса призера, 2002, 2004, 2006 сылларга Европа чемпиона, Арассыыйа хас да төгүллээх чемпиона Георгий Балакшин Ил Дархан сүбэһитинэн ананна. Ол туһунан ыйаахха Айсен Николаев ыам ыйын 11 күнүгэр илии баттаата. 
Георгий Балакшин 1980 сыллаахха кулун тутар 6 күнүгэр Саха АССР Ленинскэй оройуонугар төрөөбүтэ. Артур Иннокентьевич Пахомов салалтатынан 9 сааһыттан буоксанан утумнаахтык дьарыктаммыта.
1997 сылтан Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатыгар тренер-преподаватель.
2006 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Саха государственнай университетын Физическэй култуураҕа уонна спорка институтун бүтэрбитэ. 
2008 сыл кулун тутар 2 күнүттэн 2013 сыл муус устар 19 күнүгэр диэри Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын депутата. 
2010 сыллаахха бэс ыйыгар РФ Федерациятын Сэбиэтигэр Саха сирин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэстэбиитэлинэн талыллыбыта. 
2013 сыл кулун тутар 21 күнүттэн – СӨ спорка миниистирин бастакы солбуйааччы.
2016 сыл сэтинньи 24 күнүттэн 2018 сылга диэри СӨ спорка миниистирэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...