04.05.2021 | 15:11

«Георгиевскай лиэнтэ» аахсыйа саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥүттэн СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ Кыайыы волонтердарын кытта «Георгиевскай лиэнтэ» аахсыйаны саҕалаата. 
Кыайыы волонтердара Георгиевскай лиэнтэлэри куорат олохтоохторугар түҥэтэллэр. Онон ким баҕалаах атыы-эргиэн кииннэриттэн, улахан маҕаһыыннартан уонна АЗС туочукаларыттан босхо ылыахтарын сөп. 

Сиһилии волонтердар официальнай аккауннарыгар киирэн эбэтэр «Кыайыы волонтердара» хамсааһын салайааччыта Алгыс Петровтан  ыйытыаххытын сөп. Төл. +7 924 868-04-72.

Аахсыйа сүрүн сыала – Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун, сырдык тыыннарын толук уурбут ытык дьоммутун ахтан-санаан ааһыы, кинилэр хорсун быһыыларыгар сүгүрүйүү, өйдүүрбүтүн-саныырбытын, кинилэринэн киэн туттарбытын биллэрии. 
Историяны санаан ааһар буоллахха, Сибэтиэй Георгий уордьанын 1769  сыл сэтинньи 26 күнүгэр (ахсынньы 7 күнүгэр) Екатерина II императрица олохтообут. Ити кэмтэн саҕалаан уордьанынан Нуучча Аармыйатын чулуу офицердарын наҕараадалыыллар этэ. 
Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар үтүө үгэстэри салҕаан, 1943 сыл сэтинньи 8 күнүгэр Албан Аат үс истиэпэннээх уордьана олохтоммута. 


1992 сыл кулун тутар 2 күнүнээҕи Арассыыйа Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Сибэтиэй Георгий уордьана уонна «Георгиевскай кириэс» сөргүтүллүбүттэрэ. 
Онтон 2005 сыллаахха, Улуу Кыайыы 60 сылыгар, «Георгиевскай лиэнтэ» аахсыйа кыттыылаахтара Арассыыйа куораттарын уулуссаларыгар өйдөбүнньүк бэлиэтин иилинэн тахсыбыттара. Бастаан «Биһиги Кыайыыбыт» интириниэт-бырайыак чэрчитинэн былааннаммыт тэрээһин сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....