24.06.2022 | 14:00

Үгэһи тутуһуу умнуллубатар ханнык

Үгэһи тутуһуу умнуллубатар ханнык
Ааптар: Вера Канаева, Күннэй Маркова хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 10-12 күннэригэр ытык Таатта кырдьаҕас Чөркөөҕүн аһаҕас халлаан анныгар турар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибит Политссылка музейын уһаайбатыгар бастакы “IIS.UUS.AS.fest” этнографическай бэстибээл буолан ааста.

Бэстибээл түһүлгэтэ саха үгэһин, сатабылын көрдөрүүгэ туһаайылынна. Саха үгэстэрин тутуһуннаран көрдөрөр “Ытык ымыым – хомуһум”, “Өбүгэм мындыра – имигэс талахха”, Өбүгэм олоҕун ситимэ – айар кут иэйиитэ”, “Сылаас иэйиилээх дьөһөгөйүм бэлэҕэ”, “Уу оҕуһун оһуора”, “Үрүлүйэр үрүҥ аспыт – үрүмэбит барахсан”, “Туос тойуктаах оһуора”, “Күкүр уус утума”, “Өбүгэм үрүҥ ииһин иэйиитэ, хара ииһин хайҕала”, “Саха төрүт аһа – доруобуйа төрдө”, “Кыстыгы көтөҕүү”, “Балта быраҕыы”, “Саха хотуурунан от охсооччулар” диэн түһүлгэлэр уонна научнай-практическай конференция тэриллэн, Таатта, Анаабыр, Абый, Өлөөн, Бүлүү, Эдьигээн, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарын уонна  Дьокуускай куорат уустарын, иистэнньэҥнэрин, асчыттарын түмтэ.

Петр Софронов (Эдьигээн улууһа):

— Эксперт быһыытынан дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиибин. Хотугу норуоттар многоборьеларыгар туттуллар сүгэ, наарта, маамыкта оҥоһууларын ааҕыыларга кэпсээтим. Ытык Таатта сирин айылҕата олус да кэрэ көстүүлээх эбит. Маннык бэстибээллэр инникитин да тэриллэллэрэ буоллар, үгэһи тутуһуу умнуллуо суох этэ.

Альбина Федорова (Сунтаар улууһа):

— Сунтаартан ыҥырыы тутан, сэттэ улууһу уҥуордаан, үһүө буолан кэллибит. Этнобэстибээлгэ ат ыҥыырын симэҕин-киэргэлин уонна Таатта Оруоһуттарын кыыстарын сонун үүт-үкчү үтүктэн быыстапкаҕа көрдөрө аҕаллыбыт. Сергей Зверев аатынан музей иһинэн үлэлиир түмсүүгэ иистэнньэҥнэр, түүлээҕи таҥастааччылар Ньургустаана Иванова, Саргылана Константинова, Эмма Васильева, салайааччы – мин, Альбина Федорова буолан үлэлиибит. Ат симэҕин толору симээммит, Таатта кыыһын таҥыннаран, дьон дьүүлүгэр таһаардыбыт. Кэнэҕэһин даҕаны уус-иис үлэтэ сүппэтин туһугар маннык улахан тэрээһин ыытылла турдун.Таатта дьонугар махталбытын тиэрдэбит.

Зинаида Андросова, Антонина Петрова (Анаабыр улууһа): 

— Элбэх киһи бэстибээл аһыллыытыгар кыттыыны ыларыттан сөхтүбүт. Биһиги “Долганская национальная кукла” диэн научнай ааҕыыга кытынныбыт. Долганнар Анаабырга эрэ олороллор, төрүт ииспитин көрдөрө кэллибит. Тэрээһин үчүгэй, аҥаардас айылҕата да кэрэтэ киһини үөрдэр.

Прасковья Бурнашева (Таатта улууһа):

— Баайаҕалар Оруоһуттар кыыстарын Маарыйа сүктэн кэлэригэр аҕалбыт маллаах иһитин үтүгүннэрэн тиктибит. Маллаах иһит 1871 сыллаахха атырдьах ыйыгар  тигиллибит. Хаппаҕар сурулла сылдьар. “Испэ туос” түмсүү (сал. П. Макарова) Моҕол ураһа кэнниттэн күүскэ туос тигиитинэн ылсан үлэлиибит.

Бу курдук,  таатталар, саха төрүт сатабылын  уус, иис, ас нөҥүө көрдөрөр, тыыннаах хаалларар инниттэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан этнографическай бэстибээл ыыттылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...