23.10.2021 | 11:54

Гаврил Менкяров: «Артыыс режиссер ирдиирин толоруохтаах»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бу талааннаах эдэр артыыһы Олоҥхо театрыгар, сахалыы киинэлэргэ үгүстүк көрдөххүт. Устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах, эмиэ даҕаны дьээбэлээх-хооболоох, бэтиэхэлээх уол кэнсиэртэри, уруу киэһэлэрин, быыстапкалары, музыкальнай бириэмийэлэри, о.д.а. улахан тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан ыытарын сэргээбит буолуохтааххыт. Гаврил Менкяров олоҕо олоҥхо курдук сиэдэрэй, баай ис хоһоонноох. 

Ходуһаҕа, бааһынаҕа ааспыт оҕо саас

– Мин сүрдээх мэник-тэник, сытыы-хотуу, элбэх саҥалаах оҕо этим. Кыра эрдэхпиттэн дьонум иннилэригэр ыллаан-туойан, артыыстаан оонньуурум. Убайдарым кэппит мааскаларын, көстүүмнэрин ыскааптан булан, ону-маны толкуйдаан кэнсиэр көрдөрөрүм. Ити курдук дьоммун аралдьытарым, бэйэм даҕаны сэргэхсийэрим.

Сыанаҕа тахсан ыллыырбын, чабырҕахтыырбын, сыаҥкаларга оонньуурбун олус сөбүлүүрүм. Иккис кылааска үөрэнэ сылдьан, ол аата аҕыс саастаахпар, артыыс буолар эбиппин диэн бигэ быһаарыммытым.

Бэйэм Бүлүү улууһун 1-кы Чочу нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ийэм Альбина Кирилловна хореограф идэлээх. Аҕам Хабырыыл уола Сэмэн Мэҥкэр агроном. Дьонум биһиги кыра эрдэхпитинэ бааһынай хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Өлгөм үүнүүлээх сылга 200 куул хортуоппуйу, 100 куул хаппыыстаны хостуу сылдьыбыппыт. Убайдарбын кытта 1 гаа бааһынаҕа сайыны быһа тиритэрбит-хорутарбыт. Онон от, бааһына үлэтин билэн улааппыппыт. Оҕо сылдьан сөтүөлээбэтибит, оонньооботубут диэн кыһыйа саныыр эбит буоллахпытына, билигин төрөппүттэрбитигэр үлэҕэ сыһыарбыттарыгар махтанабыт.

Сыанаҕа тахсарбыттан дуоһуйууну ылабын

– Театры кытта билсиһиигин, бастакы көрбүт испэктээккин өйдүүгүн дуо?

– Биирдэ биһиги олорор нэһилиэкпитигэр Ньурба театра гостуруоллуу кэлбитэ. Оҕо сааһым ол биир умнуллубат кэрэхсэбиллээх түгэнэ буолбута. Айымньытын аатын билигин этэр кыаҕым суох, ол эрээри испэктээги ымпыгар-чымпыгар диэри өйдүүбүн. Бултуу кэлбит уолаттар сиэри-туому тутуспакка, киһи уҥуоҕун көтүрэн уот оттубуттара. Иччилэр, өлбүт дьон куттара кинилэри сордуулларын туһунан этэ. Оҕо хараҕар ол олус кутталлаах курдук көстүбүтэ уонна билиҥҥэ диэри умнуллубат өйдөбүл буолан хаалбыт. Онно театр киинэтээҕэр ордук күүстээх эбит дии санаабытым. Өссө тиийэн режиссер аатын ыйыталаспытым. Онуоха: “Юра Макаров”, – диэн хоруйдаабыттара. Кэлин билбитим, сүрдээх улахан киһи, Юрий Макаров эбит.

Кэлин Саха театра ыалдьыттаабыта. Күөх экраҥҥа эрэ көрөр артыыстарбын – Айаал Аммосовы, Ирина Никифорованы илэ көрсөр дьолго тиксибитим, кинилэртэн автограф ылбытым, театр туһунан ыйыталаспытым. Бу эйгэни кытта билсиһиим ити курдук саҕаламмыта.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ үөрэнэ киириэхпиттэн Саха театрыгар нэдиэлэ аайы кэриэтэ сылдьар буолбутум. Оскуолабытыгар 50% чэпчэтиилээх билиэттэри атыылыыллар этэ. Онон кылааһынан, күргүөмүнэн барарбыт.      

– Ханнык эмэ түгэҥҥэ атын эйгэҕэ барбаккабын диэн кэмсинэҕин дуо?

– Ити эрдэ эппитим курдук, идэм оҕо сааһым баҕа санаата этэ. Ону таһынан Голливуд артыыстарын, кинилэр олохторун көрөн улааппытым. Артыыстар бары итинник олороллор эбит диэн ымсыырбытым, оҕотук санаабар балыйтарбыт эбиппин (күлэр). Кыра эрдэхпиттэн ымыы оҥостубут ыра санаам туолбутуттан үөрэбин. Сыанаҕа тахсарбыттан, араас уобараһы кэтэн көрөрбүттэн, көрөөччүгэ тиэрдэрбиттэн дуоһуйууну ылабын, астынабын. Улаханнык кэмсиммэппин. Баҕар, быстах санаалар, кыл түгэннэр бааллара буолуо. Ол эрээри тута ааһар, улахаҥҥа ууруллубат.   

Итэҕэл театра

– Олоҥхо театрыгар хайдах үлэлии киирбиккиний? Үөрэххитин бүтэрэргитигэр талларбыттара дуу, ыҥырбыттара дуу? Хас испэктээккэ оонньоотуҥ?

Үөрэхпитин 12 буолан бүтэрбиппит. Уон саха уонна икки нуучча.

Ол уон оҕоттон үһэ Олоҥхо театрыгар, сэттэтэ Саха театрыгар үлэҕэ киирбиппит. Биһиги бэйэбит талбатахпыт, үллэһик оннук этэ. Биир сылынан, 2014 сыллаахха, Саха театрыгар хантараагынан үлэлии киирбитим. Биэс сыл икки театрга тэҥинэн сылдьыбытым. Онон оруолум син элбэх.

Суруммуппун көрөн олорон эттэхпинэ (блокнотун арыйан, бэлиэтэммитин ааҕар), Олоҥхо театрыгар уон оруоллаах эбиппин. Испииһэкпэр быстах көстөр, солбук, массовка оруоллары киллэрбэтэҕим. Саха театрыгар биэс сыл устата 12 оруолу оонньообуппун. Итини маннык быһаарыам. Саха театра урут-уруккуттан илдьэ кэлбит репертуардаах. Онно сүрүн артыыс оннугар киирэн оонньуохха эҥин сөп. Оттон Олоҥхо театра соторутааҕыта төрүттэммит, 14 эрэ саастаах, репертуарын саҥа оҥосто сылдьар. Биһиги олоҥхолору туруорабыт, онон уһун-киэҥ үлэттэн испэктээктэр төрүүллэр. Сылга ортотунан түөрт испэктээк тахсар – икки улахан уонна икки кыра. Ол иһин биирдии-иккилии испэктээккэ оонньуохха сөп. 

– Эһиги театргыт төрөөбүт тылы, норуот киэн туттар эпоһын үйэтитэр аналлаах. Үлэҥ ураты эйгэтин, үрдүк эппиэтинэһин туһунан санааҕын үллэстэ түһүөҥ дуо?  

– Кырдьык, биһиги театрбыт аан дойду үрдүнэн соҕотох. Маныаха Азия театрдарын майгыннатыахха, ханыылыы тутуохха сөп. Холобур, дьоппуон омук Ноо уонна Кабуки театрдарын, кытайдар пекиннээҕи операларын, Куньцюй театрдарын, о.д.а.

Биһиги театрбыт норуот уус-уран айымньытын искусство таһымыгар таһаарар, олоҥхо тылын-өһүн, онно ойууланар сиэри-туому, итэҕэли илдьэ сылдьар. Онон итэҕэл театра диэххэ сөп. Саха норуота тыыннаах хааларыгар, бэйэтин омук быһыытынан уратытын көрдөрөрүгэр төһүү күүс буолар аналлаах. Бу үрдүк эппиэтинэһи өйдөөн туран үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Ырыа Мэҥкэр сыдьаана

– Олоҥхо мин олохпор 13 саастаахпар киирбитэ. Ол сыл өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттыбытым. Ол инниттэн Г. Колесов диискэтин өрөйөн-чөрөйөн истэр этим.

Уопсайынан, олоҥхо хааммар баар диэхпин сөп. Тоҕо диэтэххэ хос-хос-хос эһэм Семен Ильич Менкяров-Ырыа Мэҥкэр Бүлүү эҥээр киэҥник биллибит, бэйэтин аатын ааттаппыт олоҥхоһут этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй Бүлүүгэ үлэлии сылдьан анаан-минээн киниэхэ бара сылдьыбыт, атах тэпсэн олорон ырыатын-тойугун, олоҥхотун суруммут, бэйэтин үлэлэригэр тиспит. Онон олоҥхоһут сыдьаана буолабын, бу айымньы олохпор сүдү улахан миэстэни ылар диэтэхпинэ, наһаа улаханнык эппит курдук иһиллибэт ини.

– Тыл күүһүгэр итэҕэйэҕин дуо? Олоҥхо тыла-өһө ыарахан, киһи ылбычча өйдөөбөт. Төһө өр үөрэтэҕин? Билбэт тылларгын суолталарын хасыһа, билэ-көрө сатыыгын дуо?

Итэҕэйэбин. Тыл туһунан өбүгэлэрбититтэн кэлбит өс хоһооно элбэҕэ мээнэҕэ буолбатах дии саныыбын. “Киһи тыла – ох”, “Киһи тыла уоттааҕар абытай” о.д.а. Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай олоҥхо тылын күүһүн туһунан үгүһү эппитэ.

Мин санаабар, сахалар ойуулуур-дьүһүннүүр тылбыт элбэх буолан ийэ тылбыт баай. Олоҥхоҕо туох буола турарын ойуулуур, тыаһы үтүктэр, дьүһүнү-бодону көрдөрөр тыллар, ханалытан этиилэр, онтон да атын элбэх. Ол иһин тыла-өһө баай уонна ыарахан. Кырдьык, киһи ылбычча үөрэппэт айымньыта. Ол иһин билбэт тылларбытын хасыһа сатыыбыт, аҕам саастаах кэллиэгэлэрбититтэн ыйыталаһабыт, туһааннаах кинигэлэртэн, быһаарыылаах тылдьыттан көрдөөн булабыт. Көрөөччүгэ олох өйдөммөт тыллары синонимнарынан солбуйан биэрээччибит.

Олоҥхо театрыгар артыыстар оруолларынан оонньуубут. Бэйэҥ эрэ тылгын үөрэтэҕин. Репетиция, хатылааһын элбэх буолар. Ол иннинэ бары остуол тула мустан олорон хаста даҕаны айымньыны ааҕабыт, тыллар, этиилэр суолталарын ырытыһабыт. Онон киһи үлэ кэмигэр үөрэтэр.

Олоҥхону соҕотоҕун толоруу туспа. 13 сааспар ситэ үөрэппэтэх олоҥхобун толору үөрэтэн, быйыл Олоҥхо ыһыаҕар ыытыллыбыт күрэххэ кыттан, бэйэм бөлөхпөр иккис миэстэни ылбытым. Уһуйааччым, кэллиэгэм Никандр Прокопьевич Тимофеев такайыытынан үөрэттим, саҕалаабыппын тиһэҕэр тиэртим, силигин ситэрдим. Кырдьык, бүтүн олоҥхону өйгөр хатыыр, толорор ыарахан. Санаммыт эрэ барыта тиһэҕэр тиэрдэрэ уустук. Ону сөптөөхтүк чаас чааһынан үллэрэн үлэлээтэххэ кыаллар эбит. Түгэнинэн туһанан, Никандр Прокопьевичка махтанабын.       

Тыл күүһүнэн харыстанабын, хаххаланабын

– Сыанаҕа турукка киирии, арыллыы туһунан кэпсэтиэххэ. Турукка хайдах киирэҕин? Испэктээккэ сырыы аайы атыннык оонньуугун дииллэрэ кырдьык дуо?

– Турук диэн бэйэтэ туспа сиэрдээх-туомнаах, киириилээх-тахсыылаах. Олоҥхо тыла иччилээҕин, күүстээҕин ааһан, араас уобараһа элбэх. Холобур, ойуун, иччи, таҥара, кырыыс тыллаах персонаж о.д.а. буолуон сөп. Хас биирдии уобарас ураты туругу эрэйэр. Тыл суолтатын билбэт киһи турукка киирэригэр ыарахан. Тоҕо диэтэххэ, барыта син биир тыл тула эргийэр. Онон итинник ыарахан уобарастарга бэйэҕин тыл күүһүнэн харыстанаҕын, хаххаланаҕын.

Ити курдук уобараскын оонньуур уонна онтон харыстанар турукка киирэҕин. Биир оруолу ылан көрдөххө, бу кэрчиккэ туох өйдөөх-санаалаах персонаж тахсан тугу этиэхтээҕин, көрөөччүгэ тугу тиэрдиэхтээҕин, ол туспа туругу артыыс кэтиэхтээх. Онуоха бэйэҥ тирэх туруктаах буолуоххун наада. Ол эн доруобуйаҕыттан, ханна оонньуургуттан, партнергуттан, төһө көрөөччү кэлбититтэн, уот хантан тыгарыттан, микрофон баарыттан эбэтэр суоҕуттан тутулуктаах. Өрүү тахса үөрэммит сыанаҕар эбэтэр ханнык эрэ кылааска оҕолору кытта көрсүһүү кэмигэр, кып-кыараҕаска туран быһа тардан оонньууруҥ эмиэ атын. Уон бэһис эрээккэ олорор көрөөччүгэ тиийэрин курдук улаханнык саҥарарыҥ туспа буоллаҕа. Ис иһигэр киирдэххэ, итини аҕыйах тылынан быһаарбаккын.

Испэктээк тыыннаах буолан, сырыы аайы атыннык оонньонор. Ол тирэх туруккуттан быһаччы тутулуктаах дии саныыбын.

– Сахалыы хомоҕой хоһооннору ааҕан, видео устан угаргын үгүс көрөөччү сэргиир. Сөбүлүүр поэтыҥ, суруйааччыҥ?

– Инстаграмҥа туспа рубрика курдук таһаарар санаалаах этим. Быыс буллахпына уһулабын. Былатыан Ойуунускай, Алампа, Сэмэн, Софрон Даниловтар, Иван Арбита, Леонид Попов, биир дойдулааҕым Иван Гоголев-Кындыл, Николай Лугинов айымньыларын сөбүлээн ааҕабын.    

Муустаах өрүскэ, хаардаах хайаҕа атах сыгынньах

– Уопсайа хас киинэҕэ оонньоотуҥ?

– 14 киинэҕэ. Ол иһигэр сүрүн, иккис былааҥҥа сылдьар, ону сэргэ быстах көстөн ааһар оруоллар эмиэ бааллар. Маны таһынан 15 киинэҕэ “озвучкаҕа” үлэлээтим. Ол аата уһуллубатах эрээри эбэтэр оонньоон баран атын киһи оннугар куоласпын уларытан эбии саҥарбыттаахпын. Биир киинэҕэ 9, атыҥҥа 7, биир хартыынаҕа 5 киһини саҥардыбытым. Быстах кэлэн ааһар оруоллар этэ.

– Тыый! Ол иһин даҕаны, инстаграмҥар укпут буолааччыгын ээ. Оннооҕор сахсырҕа сааҕыныырын, киһи тыынарын, аҕылыырын кытта үтүктэ тураргын көрбүтүм. Аны туран, “Айыы Уола” киинэҕэ хас эрэ киилэ ыйааһыны түһэрбиккин истибитим. Ити аата артыыс оруол туһугар туохха барытыгар бэлэм буолуохтаах дуо?

Киинэҕэ уһуллуом иннинэ 7 киилэни бырахпытым, устуу кэмигэр 3 киилэни түһэрбитим. Уопсайа 10 кг. Кэлэр сылга тахсыахтаах “Дьулуур” диэн киинэҕэ 15 кг ырбытым.

Киһититтэн, бырайыагыттан тутулуктааҕа буолуо. Артыыс санаатын ууран үлэлиэхтээх, режиссер ирдиирин толоруохтаах диэн өйдөбүллээхпин.

– Аккаастаабыт оруоллааххын дуо? Тоҕо оннук буолбутай? Хаһан даҕаны оонньуом суоҕа диир уобарастааххын дуо?

“Аккаастаабыт” диэн буолбатах. Театрга уонна киинэҕэ үлэлиир графигым табыллыбакка, сатаан уһуллубатаҕым (элбэх киинэни ааттыыр).

Маны оонньуом суоҕа диэн санаа хаһан да киирбэтэҕэ, билбэтим ээ.

– “Бөртөлүөт” киинэ бэстибээллэргэ айана ситиһиилээхтик саҕаланна. Бу бырайыак туһунан ааҕааччыларга сэһэргии түһүөҥ дуо? Сүрүн оруолга хайдах тиксибиккиний? Өймөкөөҥҥө ыам ыйыгар хайа өрүһүгэр уһуллубуккун санаан ааһыахха. Ычча!

– Бу киинэ үс бэстибээлгэ кытынна, онтон иккитигэр дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылла. Ол курдук, “Золотой ворон” бэстибээлгэ тэрийэр кэмитиэт анал бирииһигэр тигистэ. Ол иннинэ Анапаҕа ыытыллыбыт “Киношок” бэстибээлгэ түөрт бирииһи ылары ситиспитэ. Ону таһынан “Окно в Европу” бэстибээлгэ көрөөччү биһирэбилин ылбыппыт, киинэ кириитиктэрин уонна киинэни үөрэтээччилэр гильдиялара бэлиэтээбиттэрэ. Ол эрээри ону туоһулуур суругу туппатахпыт.

Бу алта сыл устубуппут тухары араас экстремальнай түгэннэр буолан ааспыттара. “Окно в Европу” бэстибээлгэ таҥыллан тахсыбыт варианын саҥа көрбүтүм уонна бэйэбин аһына олорбутум. Хайдах итинник тымныыга, муустаах өрүскэ, хаардаах хайа устун атах сыгынньах ууну кэһэ сылдьыбытым буолуой диэн. Оччолорго били бу иннинэ этэн ааспыт турукпутугар киирбиппин быһыылаах, тымныы эрэ, туох эрэ, улахаҥҥа уурбатахпын. Билигин санаатахпына, үс оҕо аҕата буолан олорон, атыннык көрөр эбиппин. 

    

Хаһан да ыллыам суоҕа...

– Эн олус үчүгэйдик ыллыыргын билэбит. Ырыа айарга холоммотоҕуҥ дуо?

– Бэйэбин үчүгэйдик ыллыыбын дии санаммаппын. Ол биир түгэни кытта ситимнээх. Оҕо эрдэхпинэ куруук киҥинэйэн ыллыы сылдьар идэлээҕим. Ону көрөн кэнсиэркэ кытыннараллара. 12 саастаахпар Бүлүү бөлөх улуустарыгар ыытыллыбыт “Хотугу сулус” куонкуруска кыттыбытым. Финалга тиийэн баран тугу да ситиспэтэҕим. Онтон олус хомойбутум уонна хаһан да ыллыам суоҕа диэн испэр кытаанахтык эппитим. Ол санаабын билиҥҥэ диэри ыһыктыбаппын. “Ыллаа” диэтэхтэринэ баайыллан хаалар курдукпун, баҕарбаппын. Оҕо саас өйдөбүлэ улаатан да баран өйгөр-санааҕар баар буолар эбит. Манна эбэн эттэххэ, хас биирдии киһи оҕотук санаатын ыһыктыбат. Испитигэр бары оҕолорбут.

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар хайа эрэ кэмҥэ хоһоон суруйа сылдьыбытым. Мустахха, түмтэххэ биир хомуурунньук саҕа баара буолуо. Кэнники икки сылга ол дьарыгым эмиэ сөргүтүлүннэ. Биир эмит күн хантан кэлбитэ биллибэккэ кутулла түһэр, эмискэ айар кутум уһуктар. Ону төлөпүөммэр суруна, бэлиэтэнэ сатыыбын.

Лицей интэринээтигэр хоско бииргэ олорор уолаттарым гитаралыырга үөрэппиттэрэ. Онтон бэйэм хоһооннорбор матыып айан ырыа гынан таһаарбытым. Ол эрээри киэҥ эйгэҕэ ыллаан иһитиннэрбэтэҕим, биир да ырыаһыкка биэрбэтэҕим. Бэйэм чугас дьонум эрэ билэллэр.  

Сахалыы мультик элбээтин

Гаврил олоҕун аргыһа, холоонноох доҕоро Мария Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх. Кытай тылын үөрэҕин бүтэрбитэ. Билигин оҕолорун көрөн олорор. Улахан кыыстара Мичийэ Айыы Кыһатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэр. Эрсан уонна Сандаара диэн игирэлэрэ уһуйааҥҥа сылдьаллар. Кинилэр дьиэ кэргэнинэн “Игирэчээс кулунчуктар” мультикка  үлэлэһэллэр. Эдэр ыал аҕа баһылыга биллэр-көстөр анимационнай киинэлэри сахалыы саҥардар.

–  Улахан кыыспыт Мичийэ кыра эрдэҕинэ ютубка чугаһаппат этим, төлөпүөнү, тэлэбиисэри көрөр буоллаҕына сахалыыны эрэ көрдөрө сатыырым. Тоҕо сахалыы мультик аҕыйаҕый диэн испэр кыһыйа саныырым. Ол кэмҥэ ким мультикка үлэлэһиэн, анимацияны оҥоруон сөбүн ыйыталаһан барбытым. Үлэтэ үгүс сыраны эрэйэр, онуоха сөптөөх хамнас, бүддьүөт наада курдуга. Барыта харчыга тиийэн иҥнэрэ. Онтон бэлэм мультигы саҥардан көрүөххэ диэн идиэйэ киирбитэ. Устуудьуйалаах уолаттарга баран кэпсээбитим, сололоро суох буолан ылсыбатахтара. Онон санаам түһэн, уостан барбыта. Арай төлөпүөҥҥэ баар сыһыарыынан таҥан көрдөхпүнэ, онно кыыспын бэйэтин саҥартахпына диэн толкуйдаабытым. “Свинка Пеппа” мультигы талбыппыт. Киэһэ аайы утуйуохпут иннинэ уонча мүнүүтэ “озвучка” оҥорор дьарыктаах буолбуппут. Бэйэтэ уоскулаҥҥа, киэһээҥҥи сиэргэ-туомҥа кубулуйбута. Оннук биир серияны кыра-кыра нэдиэлэ курдук уһулбуппут. Санаабытыгар, син сатаммыта. Ону инстаграмҥа “Чооску Пеппа” диэн туспа аккаунт арыйан укпуппут. Дьон-сэргэ тута сэргээбитэ. Онтон өссө кынаттаммыппыт, балтараа-икки ый устата 3-4 серияны оҥорбуппут. Кэлин бу мультиктан дьиксинэн барбытым. Туохха даҕаны ииппэт-үөрэппэт диэн. Бадарааҥҥа булкулла сылдьар персонаж саха оҕотугар барсыбат эбит диэн тохтообуппут. Онтон атын мультигы көрдүү сатаабыппыт. “Король Лев” уонна “Тайна Коко” диэн мультиктар сыаналарын ылан сахалыы саҥардыбыппыт. “Король Лев” интэриниэти “хайа тардыбыта”. Кырдьык, дьон олус наадыйарын бигэргэппитэ. Ол кэмҥэ Сербияттан Дуолан Лугинов диэн уол инстаграмҥа суруйбута. Мультик оҥорон эрэбит, саҥардарга көмөлөһүөххүт дуо диэн. Үөрүүнэн сөбүлэспиппит. Билигин даҕаны үлэлэһэбит. Сербияҕа олорор Дуолан, Айсен Лугиновтар олус туһалааҕынан дьарыктаналларын биһириибин. Саха тыла сүппэтин туһугар, кыра оҕолор ийэ тылларынан оҥоһуллубут контены көрөн-истэн улааталларыгар санааларын ууран үлэлии сылдьалларын хайгыыбын.  

Сайҕаммыт саҕа сананабын

– Дьарыгыҥ олус элбэх.  Уобарастаан эттэххэ, “умайар” уонна “уостар” түгэннээххин дуо? Инчэҕэй эттээх киһи син биир сылайар. Оннук кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?

– Тыынар тыыннаах барыта хантан эрэ эниэргийэ ылынара буолуо. Ол син биир хаһан эрэ уостар, умуллар. Мин эмиэ хайа эрэ түгэҥҥэ умайыктанан ылабын эбэтэр төттөрүтүн уостабын. Оннук кэмнэрбэр айылҕалыын алтыһабын. Сааскы куска сылдьан айылҕа уһуктарын, тиллэрин, онтон  күһүҥҥү куска айылҕа утуйарга, нухарыйарга бэлэмнэнэрин кэтээн көрөрбүн сөбүлүүбүн. Сайҕаммыт, чэбдигирбит, күүс эбиммит саҕа сананабын. Саха эр киһитин сиэринэн булка, айылҕаҕа сылдьа сатыыбын. 

Ийэ тылбыт тыыннаах хааларын туһугар

– Сайын эйиэхэ “СӨ култууратын туйгуна” аат иҥэриллибитэ. Төһө долгуйбуккунуй? Бу эдэр киһиэхэ эппиэтинэс дуу, саҥа саҕахтары арыйарга кыах дуу? Туох дии саныыгын?

– Үрдүк аакка-суолга тиксиэм эрдэ дии саныырым. Ол иһин соһуччу уонна долгутуулаах буолбута. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр Олоҥхо ыһыаҕын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ туттарбыттара. Миэхэ уонна бииргэ үлэлиир үөлээннээхтэрбэр – Дмитрий Хоютановка уонна Павел Колесовка. Үһүөн олус соһуйбуппут. Тэрилтэбит салайааччыта Мария Турантаеваҕа уонна култуура министиэристибэтигэр биһиэхэ эрэммиккитигэр барыбыт ааппытыттан махталбын тиэрдэбин.

– Ийэ тыл дьылҕатын, тыыннаах хаалар суолун хайдах көрөҕүн?

– Билиҥҥи смартфон, ютуб үйэтигэр сахалыы контент элбиэн наада дии саныыбын. Биэриилэр, мультиктар, киинэлэр. Төһөнөн элбэх буолар даҕаны, соччонон дьон талар кыахтанар. Ол норуот сахалыы истэрин, көрөрүн туоһулуур. Холобур, үйэ анараа өттүгэр маассабай үөрэхтээһин саҕаламмытыгар биһиги өбүгэлэрбит долгуйа, дьиксинэ санаабыттара буолуо. Оҕолорбут нууччалыы үөрэнэллэр диэн. Ол кэмҥэ биһиги киэн туттар суруйааччыларбыт саха литературатын төрүттээбиттэрэ, сахалыы айымньылар киэҥник тарҕаммыттара. Онон ийэ тылбыт тыыннаах хааларыгар төһүү күүс буолбуттара. Билигин, дьон кинигэ ааҕара аҕыйаабыт кэмигэр, сахалыы контент элбиэн наада. Оччоҕуна кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар төрөөбүт тылбыт тыыннаах хаалыа этэ. Ол санааттан сахалыы киинэлэргэ уһуллабын, мультикка үлэлэһэбин.

– Гаврил, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Үлэҕэр үрдүк чыпчааллары, тус олоххор дьолу-соргуну баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....