«Гараас амнистиятын» тускутугар туһаныҥ
Ааспыт 9 ый устата 117 гараас уонна 245 гараас турар сирэ кадастровай учуокка турдулар, регистрацияны аастылар. “Гараас амнистията” бас билиини судургутук учуокка туруорар кыаҕы биэрэр.
Гарааһы бэйэ аатыгар оҥорторорго:
1) Гараас хапытаалынай тутуу буолуохтаах.
2) 29.12.2004 сыл иннинэ тутуллубут буолуохтаах.
3) Көҥүлэ суох тутуунан биллэриллибэтэх буолуохтаах.
“Гараас амнистиятынан”, РФ Градостроительнай кодексата күүһүгэр киирэ илигинэ, тутуллубут гарааһы бас билээччилэр уонна кинилэр нэһилиэстибэлэрин утумнааччылар туһаналлар.
Дьокуускай сиригэр-уотугар гараас турар сирин регистрациялыырга Сир сыһыаннаһыыларыгар агентствоҕа тиийэн сайабылыанньа суруйаҕыт:
— Октябрьскай уул., 20/1
Оттон гараас регион сиригэр турар буоллаҕына Росимуществоҕа тиийэҕит.