16.09.2021 | 18:56

Гагарин уокуругун олохтоохторо гырааны сүүйдүлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Гагарин уокуругун «Мега» Атыы-Эргиэн Киинин кэннигэр турар чааһынай дьиэлэрин олохтоохторо бэйэни салайыныы территориальнай уоргана буолан, сомо5олоһон икки гырааны сүүйдүлэр. Сүүйбүт харчыларынан сайыҥҥы уу ситимин тардыбыттар уонна уулусса сырдатыытын оҥороллор. «Герои ВОВ» бэйэни салайыныы территориальнай уорганын быһыытынан билиҥҥитэ киин куоракка соҕотох. 
Уокурук Тихонов, Миронов, Стрекаловскай уулуссаларын олохтоохторо быйыл муус устар ыйга «Герои ВОВ» бэйэни салайыныы территориальнай уорганын тэрийэн, куорат дьаһалтатын уулусса сырдатыытын киллэриигэ үс мөл. суумалаах гыраанын сүүйбүттэр. Дьоҕус оройуонтан оптуобус тохтобулугар диэри 20-чэ мүнүүтэ хаамыллар, онон олохтоохторго уулусса сырдатыыта тыын суолталаах боппуруос.  
Бэйэни салайыныы уорганын бэрэссэдээтэлэ Алексей Андросов эппитинэн, бэдэрээччик "Горсвет" "Якутскэнерго" тирээбиллэригэр лаампалары ыйыаҕа, ахсынньы ый бүтүөр диэри үлэ оҥоһуллуохтаах. 
Иккис гыраан – уу ситимин тардыыга туһуламмыт. Ити 800 тыһыынча солкуобай суумалаах куорат баһылыгын гыраана. Билиҥҥи туругунан ситими 97 тиэргэн территориятыгар тардыбыттар. Кэлэр сылга дьоҕус оройуон сороҕо сайыҥҥы уу ситиминэн хааччыллыаҕа. Манна 121 чааһынай дьиэ баар, 500 киһи олорор.
Бэйэни салайыныы территориальнай уоргана «Герои ВОВ» ааты мээнэҕэ талбатах. Дьоҕус оройуон икки уулуссата Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдара – Үөһээ Бүлүү оройуонуттан төрүттээх снайпер Алексей Миронов уонна Уус-Алдан улууһуттан төрүттээх, 1996 сыллаахха РФ Героя үрдүк аатынан наҕараадаламмыт Михаил Стрекаловскай ааттарын сүгэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....