02.09.2022 | 14:00 | Просмотров: 630

Гагарин уокуругар саҥа уһуйаан аһылынна

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев Гагарин уокуругун Новопортовской дьоҕус оройуонугар 35-с №-дээх «Северная сказка» саҥа уһуйаан аһыллыытыгар кытыннылар диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьиэ үөрүүлээх аһыллыыта үгэс быһыытынан алгыстан саҕаланна. Ити кэннэ ыалдьыттарга анаан экскурсия тэрилиннэ. Уһуйааҥҥа  хореография, муусука уонна физкультура саалалара, дьаарбайар веранда, педагог-психолог, логопед-учуутал кэбиниэттэрэ уонна  робототиэхиньикэнэн дьарыктанар хос бааллар. Тэрилтэ бары өттүнэн толору хааччыллыбыт – хас биирдии бөлөххө интерактивнай дуоска, тэлэбиисэр, көмпүүтэр уонна өҥнөөх принтер тураллар.

Ил Дархан оҕо уһуйаанын кэлэктиибин саҥа дьиэҕэ көспүттэринэн эҕэрдэлээтэ.

«Дьокуускайга сылын аайы саҥа оскуолалар уонна оҕо уһуйааннара тутуллан үлэҕэ киирэллэр. Биһиги салгыы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үөрэҕирии эбийиэктэрэ тутуллалларын өйүөхпүт. Быйыл 15 оскуоланы, 6 оҕо уһуйаанын тутары былаанныыбыт. Дьокуускайга сыл ахсын оҕо ахсаана элбиир, быйыл сэттэ тыһыынчаттан тахса куорат оҕото оскуола боруогун аан бастаан атыллаата. Ити улахан дьол буолар. Оҕолорбут уһуйаантан саҕалаан хаачыстабалаах үөрэҕи ылыахтаахтар», – диэтэ Айсен Николаев.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев уокурук олохтоохторун үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтэ.

«Гагарин уокуруга балысханнык сайдар, бу куорат саамай элбэх нэһилиэнньэлээх уокуруктарыттан биирдэстэрэ. 2032 сылга диэри оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэригэр 5 тыһыынча саҥа миэстэни таһаарыахтаахпыт. Ити үлэбит сүрүн хайысхата буолар», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

Уһуйаан тиэргэнигэр 12 оонньуур балаһааккка оҥоһуллубут. Бары навестаахтар, кумахтаах уо.д.а. оонньуур сирдээхтэр. Итиэннэ спортивнай балаһаакка уонна парковка бааллар. Сэбиэдиссэй Нюргустана Мордовская иһитиннэрбитинэн, саҥа уһуйаан 2-7 саастаах 280 оҕону ылар, 12 бөлөх баар буолар, итинтэн биэһэ – саха тыллаах.

«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут үс этээстээх дьиэ уопсай иэнэ 3 тыһыынча кв. м. тахса,  тутуу уопсай суумата – 243,9 мөлүйүөн солкуобай, итинтэн 132,9 мөлүйүөн солкуобайа – федеральнай, 110,9 мөлүйүөн солкуобайа – өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...