25.02.2022 | 11:30

Гааска көһөр дьоҥҥо 90 % чэпчэтии

Гааска көһөр дьоҥҥо 90 % чэпчэтии
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирэ тимир көлөнү гааска көһөрөр дьоҥҥо субсидия биэрэр буолла. СӨ баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бензинтэн гааска көһүү ороскуота 90 % чэпчээтэ.
Маныаха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 24 мөл. солк. көрүлүннэ. Маны таһынан газомоторнай уматыгынан айанныыр суоппардарга тырааныспар нолуогар 50 % чэпчэтии көрүллэр. 
2030 сылга диэри Саха сиригэр гааһынан саппараапкалыыр 40-ча станция тутуллаллара былааннанар. Итиэннэ регионнааҕы массыына уматыгын уларытар кыахтаах авторизированнай кииннэргэ ороскуоттарыгар субсидия көрүллэр, оттон сир куортамыгар уонна нолуокка кэккэ чэпчэтиилэр киирэллэр. Сотору авторизированнай кииннэргэ аккредитациялааһын саҕаланыаҕа.
Манна КПГ (компримированный природный газ) уонна СПГ (сжиженный природный газ) туһунан этиллэр. Уматык бу көрүҥнэрэ экология өттүнэн ыраастарынан уонна сыаналара чэпчэкитинэн хайҕаналлар. Холобур, Арассыыйа үрдүнэн айылҕа гааһын сыаната ортотунан 20 солк. буолар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....