19.03.2020 | 09:55

Гаас тоҕо эстэрий?

Гаас тоҕо эстэрий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 18 күнүгэр Докуускайга Ярославскай уулуссаҕа баар дьиэҕэ баһаар уота турда. Биричиинэтэ - гаас эстиитэ буолуон сөп диэн бастакы сабаҕалааһыннар бааллар. Тоҕо диэтэххэ, баһаар буолуон иннинэ дьиэ олохтоохторо тоҕо тэбии тыаһын истибиттэр.

Гаас туохтан эстэрий? Ким эппиэтинэһи сүгүөхтээҕий? Хайдах сэрэтэбит?

Баһаарынайдар суһал ыҥырыыга кэлэллэригэр, 4-үс подьезд үһүс этээһигэр баар кыбартыыраҕа аһаҕас уот турбута биллибитэ. Дьиэ 18 олохтооҕун тута куоттардылар, ол иһигэр 6 кыра оҕону.

Баһаар буолбут кыбартыыратыгар 45 квадратнай миэтэрэ иэннээх сир эмсэҕэлээтэ. Ыксаллаах быһыы-майгы сулуспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, икки улахан киһи уонна биир оҕо эмсэҕэлээбиттэр. Ону таһынан, икки киһи буруоҕа угаардаан быраастарга бэйэлэрэ кэлэн көрдөрбүттэр.

Баһаар буолуон иннинэ дьон гаас эстэр тыаһын истибиттэр. Оттон чуолкай биричиинэтин силиэстийэ быһаарыаҕа.

2019 сыл саҥатыгар Ростов уобалаһын Шахты куоратыгар бытовой гаас эстэн, элбэх этээстээх олорор дьиэ икки этээһэ сууллан түспүтэ. Киһи өлүүлээх буолбута.

2018 сыл бүтэһик күнүгэр Магнитогорскай куоракка эмиэ бытовой гаас эстэн, бүтүн дьиэ биир подъеһа барыта сууллан түспүтэ, 39 киһи суорума суолламмыта.

Бэйэбит эппиэттиибит

Маассабай приватизациялааһын саҕаланыаҕыттан ыла кыбартыыраҕа баар гаас ситимин иһин бас билээччилэр бэйэбит эппиэттиир буолбуппут.

Сокуонунан гаас оборудованиета анал лицензиялаах тэрилтэнэн хонтуруолланыахтаах. Оттон дьиҥнээҕи ылан көрдөххө, бу Арассыыйа үрдүнэн бэрт көҥүллүк, бас баттах барбыт эйгэ. Холобур, Дьокуускайга гаас ситимин бэрэбиэркэлээһининэн үксүн чааһынай хампаанньалар дьарыктаналлар.

Гаас ситимин, оборудованиетын көрүү-истии (подъездка баар турбалары) эбээһинэһэ салайар хампаанньаҕа эбэтэр ТСЖ-га сүктэриллэр. Кинилэр гааһынан дьарыктанар анал лицензиялаах тэрилтэлэри кытта дуогабардаһан үлэлииллэр, оннук дуогабара суох салайар хампаанньа (эбэтэр ТСЖ) лицензиялара быһыллыан сөп.

Эһиги дьиэҕитигэр газовай билииккэҕитин, гаас ситимин хаһан бэрэбиэркэлэппиккитий?

Суһал сулууспалар нүөмэрдэрэ – 101, 01, 112.

Баһаарынайдар уонна быыһааччылар төлөпүөннэрэ: стационарнай төлөпүөнтэн – 01, суотабайтан – 101.

Полиция: стационарнай төлөпүөнтэн – 02, суотабайтан – 102.

Суһал көмө: стационарнай төлөпүөнтэн – 03, суотабайтан – 103.

Аварийнай газовай сулууспа: стационарнай төлөпүөнтэн – 04, суотабайтан – 104.

Биһиги эбээһинэспит

Дьиҥэ, кыбартыыра иһинээҕи гаас оборудованиетын хонтуруоллааһын –биһиги сокуоннай эбээһинэспит. Хас биирдии ыал, ол аата кыбартыыраны бас билээччи, гааһынан дьарыктанар анал тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсиэхтээх.

Үгүспүт маннык дуогубара суох: харчыбытын харыһыйабыт, онто да суох ыарахан кварплатаҕа эбии төлөбүр оҥостор, биллэн турар, ыарахаттардаах. Үксүбүт маннык дуогабардаһан үлэлэһии биһиги сокуонунан ирдэнэр эбээһинэспит буоларын олох да билбэт.

Гаас оборуованиетын хонтуруоллуур дуогабара суох буоллахпытына, ыстырааптаныахпытын сөп: бастаан – 1000 солк., иккистээн туттахтарына – 2000 солк.. Олоҕу баарынан көрдөххө, ким да кими да ыстарааптаабат. Хонтуруоллуур уорганнар чааһынай дьиэҕэ киирэн кэлэн бэрэбиэркэни ыытар бырааптара толору буолбат, кэккэ хааччахтардаах. Хаһаайын көҥүллээбэтэ – боруогу да атыллыыр кыахтара суох.

Гааһынан дьарыктанар, ону тэҥэ анал лицензиялаах тэрилтэни кытта дуогабара суох кыбартыыралары гаастан арааран кэбиһиэхтэрин сөп этэ, ол эрэн бу юридическай өттүнэн эмиэ көҥүллэммэт – киһи быраабын күөмчүлээһин, кэһии тахсар.

Арассыыйаҕа кэнники икки сылга буолбут дьулаан быһылааннар кэннэ лицензиялаах тэрилтэлэри кытта дуогабардары оҥорсуу үлэтин салайар хампаанньаларга сүктэрбиттэрэ. Биллэн турар, ол аата уопсай дьиэ иһинээҕи гаас оборудованиетын көрүү-истии иһин төлүүр өҥөбүт сыаната эбиллиэхтээх – эбии гааһынан дьарыктанар тэрилтэҕэ харчы төлүөхтээх буолбуппут. Ол иһин үгүстэр ол дуогабары түһэрсэ да сорумматахтара. Улахан күһэйии үлэтэ барбат даҕаны.

Бытовой гаас эстиитин сэрэтиэхтээх:

- Сөптөөх хонтуруол;

- Кэмигэр ыытыллар бэрэбиэркэ үлэтэ;

- Наада буоллаҕына, суһаллык оҥоһуллан иһэр өрөмүөн;

- Гаас ситимин турбаларын кэмигэр саҥардыы.

Дуогабардаах буолар ордук

Дьиэни, кыбартыыраны бас билээччи гааһын оборудованиетын кээһэниитэ суох үлэтин хааччыйар тэрилтэни кытта дуогабардаах буоллаҕына, кинилэр бэрэбиэркэни икки сылга биирдэ ыытыахтаахтар. Оттон бу тэрилтэҕэ эрийэн “гаас сыта кэллэ” диэн ыҥырдахха, салгыҥҥа гаас састаабын бэрэбиэркэлиир анализатора да суох тиийэн кэлэр үлэһиттэрдээхтэр. Ол өссө төһө эмэ өр күүттэрэн баран... Дьиҥэ, бу анализатор диэн инструменнара элбэҕи быһаарар, киһи мунна билбэтин билэр буолан, ханна ханнык турба тэстэрин түргэнник көрдөөн булуохха сөп.

Быһата, саамай үрдүк эппиэтинэс биһиэхэ, олохтоохторго, бэйэбитигэр сүктэриллэр. Гаас ситимин көрө-истэ сылдьыахтаахпыт, дьиэбиттиттэн тахсан бардахпытына, гааспытын сабан иһэрбит табыгастаах.

Маннык анал тэрилтэни кытта дуогабардаах дьиэҕэ гаас эстэр түбэлтэтигэр, бу тэрилтэни суукка биэриэххэ сөп. Ол эрэн номнуо уокка былдьаммыт кыбартыыраҕа ким сыыһалааҕын, буруйдааҕын дакаастыыр олус уустук буолуоҕа.

Билигин 8-тан элбэх этээстээх дьиэҕэ сокуон гаас холбонорун бобор, онон үгүс саҥа дьиэлэр электричество уотунан олороллор.

Үксүн киһи бэйэтэ буруйдаах

Иэдээн үксэ киһи бэйэтин буруйуттан буолар. Холобур, 2017 сыллаахха Ижевск куоракка дьиэҕэ бытовой гаас эстиитэ биир киһи ыаллыыларын кытта тапсыбакка, соруйан газовай билиитэ сылаангатын туура тардыбытыттан буолбута. Онон хайдах да күүстээхтик хонтуруоллаабыт иһин, киһи бэйэтин алҕаһыттан тахсар иэдээнтэн ким да көмүскэлэ суох.

Кэнники икки сыл Арассыыйаҕа бу кыһалҕаҕа болҕомто ууруллар буолла. Киин бэчээккэ суруйалларынан көрдөххө, бытовой гаас эстиитин сэрэтэр биир суол баар – автоматтаммыт хонтуруол.

Өссө 2017 сыллаахха РФ Тутууга министиэристибэтэ хас биирдии кыбартыыраҕа гаас анализаторын туруорар наадатын туһунан этии киллэрэ сылдьыбыта. Маннык прибор салгыҥҥа гаас баарын мээрэйдиир, тута сигналлаан биллэрэр, өссө сорох барыйааныгар гаас тэһиннэ да кыбартыыра иһигэр баар гааһы барытын арааран кэбиһэр кыахтаах. Олоххо киллэрээри гыннахха – олус элбэх үбү-харчыны эрэйэр тэрээһин диэн ыраах анньыллыбыта...

Манныкка майгынныыр прибордары кыбартыыраҕа, чааһынай да дьиэҕэ бэйэбит ылан туруорунуохпутун сөп эбит. Бу прибор гаас сытын ылан тута тыаһынан эбэтэр уотунан тыктаран биллэрэр. Сыаната 2000 солкуобайтан саҕаланар.

Сытыттан билэбит

*Бытовой гааска, тэһиннэҕинэ тута билиннин диэн, сыттаах “одорант” диэн эттик эбиллэр. Сыта кэллэ да, суһал миэрэлэри ылыахтаахпыт.

* Ыгыллан турар гаас тэстибит турбаттан тыастаахтык иһиирбитинэн тахсар. *Үксүн билиитэҕэ холбонор сиринэн, турбалар силбэһиилэринэн быыһылыан сөп.

*Гаас кыраанын тутатына сабабыт.

*Электрическэй прибордары, лаампалары холбообоппут (уот щитыттаан электричествоны арааран кэбиһэр өссө ордук).

*Түннүгү барытын арыйан, дьиэни салгылатабыт.

* Аварийнай сулууспаны ыҥырабыт. Гаас сыта олох ааспат буоллаҕына, дьиэттэн тахсан барыахтаахпыт.

*Гааска киһи олус түргэнник атырабыыс буолар, ханнык да эмп көмөлөспөт, өйгүтүн сүтэрэ иликкитинэ, таһырдьаны былдьаспыккыт ордук.

***

Уопсай, чааһынай да дьиэҕэ олорор киһи ханнык баҕарар ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм буолуохтаах.

Ханнык аанынан, хайдах арыйан куотуохха сөбүн эрдэттэн билиэхтээхпит. Ыксал буоллаҕына, “эвакуация былаанын” ким да көрө барбат.

Оҕолоргутун, дьиэлээхтэргитин кытта бу тиэмэҕэ кэпсэтиҥ, сүбэлэһиҥ диэн экспертэр сүбэлииллэр. Кими көтөҕөргүтүн, ким хамаанданы биир-биэс хос тыла суох толоруохтааҕын – барытын оонньуу курдук оруолларга арааран үллэстиҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Билиҥҥи оҕолору бу чааһыгар уһуйааннарга, оскуолаларга бэркэ үөрэтэллэр. Ардыгар оҕолорбут ыксаллаах быһыыга-майгыга тугу гыныахтаахпытын биһигиннээҕэр элбэҕи билэр буолаллар.

Хаартыскалар аһаҕас источниктартан уонна социальнай ситимнэртэн ылылынныллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...