Гаас ситимнэригэр саҥа быраабыланан холбуохтара
Социальнай газификация уратыларын учуоттаан, Арассыыйаҕа гаас ситимнэригэр холбонорго саҥа быраабылалар олоххо киирэллэр. Ити уонна да атын кэккэ докумуоннары, бэрэсидьиэн көҕүлээбит бырагыраамаларын олоххо киллэрэр курдук, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бигэргэппит.
Быраабылаҕа этиллибитинэн, гааһы тарҕатар инфраструктура баар эрэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гаас киириэн сөп уонна уонна дьиэ кэргэн тус сыалларыгар эрэ холбонор. Кэмиэрсиэйэ хайысхатынан туттуон баҕарар дьоҥҥо холбуур көҥүллэммэт.
Докумуоҥҥа олоҕуран, гааһы киллэрии болдьоҕо гааһы тарҕатар инфраструктураттан дьиэ төһө ыраах сиргэ турарыттан тутулуктаах. Сорох түбэлтэлэргэ болдьох туспа быһаарыллар.
Гааһы холботорго гаастааһын операторыгар судаарыстыбаннай өҥө порталыгар, МФЦ-га эбэтэр гааһы тарҕатар тэрилтэ сайтыгар баар тус кэбиниэккэ киирэн сайабылыанньа суруллар. Сайаапкаҕа ирдэнэр докумуоннары сыһыарыллар: дьиэ ханан турарын көрдөрөр былаан, топографическай каарта, бас билии туһунан туоһу сурук, сорох түбэлтэлэргэ – чааска төһө гаас туттулларын оросчуота уонна территория былаанын докумуонун куоппуйата.
Итини сэргэ, социальнай газификацияны кытта сибээстээх нуормалар регионнааҕы уонна регионнар икки ардыларынааҕы газификация уонна сыана оҥорооһун бырагыраамаларыгар киирдилэр. Итиннэ сыһыаннаах уураахтарга Михаил Мишустин илии баттаабыт.
«Бары ирдэнэр быһаарыныылары ылынныбыт. Бырагыраама олоххо киирэр болдьоҕо ыгым. Иннибитигэр улахан үлэ күүтэр. Туох баар кыахпытын түмүөхтээхпит. Ити мөлүйүөнүнэн ыал олохторун хаачыстыбатын тупсарар кыаҕы биэриэҕэ», – диэн бырабыыталыстыба мунньаҕар Михаил Мишустин бэлиэтээбит.
Социальнай газификацияны киллэрии ирдэнэрин туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Суругар эппитэ. Судаарыстыба баһылыгын сорудаҕын чэрчитинэн бырабыыталыстыба анал «суол каартатын» бигэргэппитэ. Итинэн сибээстээн 2030 сылга диэри Арассыыйа регионнарын гаастааһын таһыма 10%-тан тахса үрдээн 82,9%-ҥа тиийиэхтээх, гражданнар ситимҥэ түргэнник холбонор кыахтаныахтара. Социальнай газификация бырагырааматын чэрчитинэн барыта 3 мөл тахса ыал дьиэтэ гааска босхо холбонуохтаах.