14.04.2020 | 15:04 | Просмотров: 730

Гаас онлайн төлөнүөн сөп

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Сахатранснефтегаз” АУо иһитиннэрэринэн, гаас уонна гаас ситимин техническэй көрүү-истии иһин төлөбүрү дьиэттэн тахсыбакка эрэ онлайн төлүөххэ сөп.

  1. «Сахатранснефтегаз» официальнай сайтыгар - aostng.ru

•  Тус кабинет арынан регистрацияланыахха наада. Толору ааккытын уонна электроннай почтаҕыт аадырыһын суруйаҕыт – бу информация абонены регистрациялыыр.

•  Салҕыы «Лицевые счета/оплата» киирэн лицевой счеккутун суруйаҕыт (лицевой счет нүөмэрэ гаас дуогабарыгар баар буолар). •  Счетчик дааннайдарын киллэрэҕит. •  Салҕыы «Оплатить» баттыыгыт, «Оплата банковской картой» талаҕыт, ханнык баҕарар карта дааннайдарын киллэриэххэ сөп, төлүүгүт.

2. «Сбербанк онлайн» сыһыарыынан.

•  Мобильнай сыһыарыыга: «Платежи» - «ЖКХ и домашний телефон» - «Газ» - «Сахатраснефтегаз» баттыыгыт. •  Салҕыы  «Лицевой счет» диэни толороҕут.  • Счетчиккыт урукку көрдөрүүтүн билиҥҥи көрдөрүүтүн кытта тэҥнээн, араастаһыытын таһаараҕыт, ону тарыыпка төгүллээн баран 1000-ҕа түҥэтэҕит. •  Киллэрбит суумаҕытын бигэргэтэҕит, төлүүгүт.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.